Киэһэ хараҥа буолбутун кэннэ, эмээхсин икки уолаттара хантан эрэ ыраахтан от тиэйэн, тоҥон-хатан кэлэллэр. Оҕолоро кэлэрин кытта эмээхсин им-ньим барар.
Бу түүн Уйбаан Сэмэнэбис букатын утуйбат. Кини Киллэмҥэ олорор дьахтар «Маайабын» диэн чахчы сымыйалаабыт дии саныыр. Кини хайдах да Харатаайап кулуба кыыһа буолуон сатаммат курдук.
«Оо, аан дойду үрдүнэн эҥин-эҥин да дьоннор бааллар ээ. Сахалар кырдьыгы этэр буолаллар эбит: «Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр» диэн, – дии саныы-саныы, Уйбаан Сэмэнэбис оронугар өрө мөхсө сытар. – Кини, сымыйанан Харатаайап кулуба кыыһа буолан, тугу туһанарый? Мин бу тугум кыһалҕатыгар туораттан кыбыллан, саакка киирбит муҥум буолуой?»
Уйбаан Сэмэнэбис сарсыарда, чэйдээн баран, Орто Бүлүү улууһун быраабатыгар кулубаны көрсө барар. Харатаайап кулуба быраабатыгар эрдэ кэлэр үгэстээх эбит. Уйбаан Сэмэнэбис саҥардыы ону-маны кэпсэтэн, билсэн эрдэҕинэ, аан аһыллар – модьуун сиэбит борооскутун курдук, түүтэ түспүт, лаҕыыр буолан хаалбыт арбаҕастаах, нэк бэргэһэлээх оҕонньор киирэр. Кини хаамар-хаампат икки ардынан сыҕарыйан кулуба тойоҥҥо чугаһыыр:
– Күн баһылыктарыам… Хайа муҥун мин сордоох итинник атаҕастабылга-баттабылга олоруохпунуй?.. Хаппытыанап кинээс бороҥ атыырын үөрэ, түөрт уонча сылгы, биир от сыыстаахпын, күрүөтүн сиҥнэри анньан киирэн, сиэн-тэпсэн кэбиспит. Дьэ, бэйэҕит да тойоннооҥ, биир ынахтаахпын тугунан аһатан дьыл таһаарабын?
– Кинээскин кытта кэпсэттиҥ дуо? – Харатаайап кулуба ыйытар.
– Э-э-э! Кинээс мин сордоох тылбын истиэ дуо?! Дьиэтиттэн үүрэн таһаарда, ол иһин бу кэллим ээ.
– Бырыһыанньата суруттаран киллэр – көрүллүө.
– Бырыһыанньа да-а? Ол мин хантан суруксуту булан суруттарабыный? Арай баачыкаттан көрдөһүөх баҕайым дуу? – дии-дии оҕонньор тахсан барар.
– Миэхэ туох соруктаах буолан, бачча ыраах сиртэн кэлбит киһигиний? – диэн Сэмэн Харатаайап Уйбаан Сэмэнэбистэн ыйытар.
Уйбаан Сэмэнэбис хайдах кэпсэтиитин саҕалыан сатаан булбат, аһыыга ылларбыт оҕонньортон өлбүт оҕотун туһунан ыйыталаһыан хайдах эрэ толло саныыр.
– Мин кэлбит соругум диэн… быһатын эттэххэ… Эн хас оҕолоох этигиний? – диэн кини олуонатык ыйытар.
Сэмэн Харатаайап бу киһи көһүппэтэх суолун ыйыппытыттан улаханнык соһуйар, дьиктиргиир, мэктиэтигэр чинэрис гынан ылар.
– Ол, мин хас оҕолоохпор тоҕо кыһаммыт киһигиний? – бэрт суостаах баҕайытык