Төлкө. Николай Якутский. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Николай Якутский
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6128-0
Скачать книгу
Суох… туох да суох… – дии-дии Уйбаан Сэмэнэбис тэйэ хаамар. Кини Лэгиэнтэй атыыһыттыын олбуор иһигэр иккиэ хаалан, бэрт өр тугу эрэ сибигинэһэн сүбэлэһэллэр.

      IV

      Маайалаах Сүөдэр быйыл саас хамнастарын аахсан, сүөһүлэрин ылан, туспа ыал буолар баҕаларын Уйбаан Сэмэнэбис кэлэ сылдьан үрэйэн кэбиһэр. Маайа туспа ыал буоларыттан тоҕо эрэ куттанар курдук. Онон Лэгиэнтэй атыыһыттаахха аны үһүс сылларыгар үлэлиир буолаллар. Лэгиэнтэй атыыһыт онтон үөрүүтэ-көтүүтэ улахан. Кини Сүөдэр курдук көнө, үчүгэй үлэһити, кини баайын иһин уокка да, ууга да киирэриттэн кэрэйбэт киһини хантан булуой?! Оттон дьиэ үлэтигэр Маайаҕа тэҥнээх эмиэ ким кэлиэй?

      Сүөдэрдээх Маайа сайын барахсан кэлэн ааһа охсубутун үчүгэйдик өйдөөбөккө хаалаллар. Хайа сахха күһүн кэлэн, сыарҕа хаара түһэн кэбиһэр.

      Сүөдэр тойонун Лэгиэнтэй атыыһыт таһаҕаһын Маачаҕа киллэрэ айаҥҥа барар. Маайа ыарыһах хотунун көрө, бүөбэйдии, Лэгиэнтэй атыыһыт хоноһолорун, ыалдьыттарын аһата хаалар.

      Уйбаан Сэмэнэбис буоллаҕына хаар түһэрин, муус тоҥон суол турарын кытта, Харатаайап кулубаны сирэй көрсөн кэпсэтээри, Орто Бүлүүгэ айанныыр. Кини хас да хонук устата айаннаан, Орто Бүлүү улууһун булар. Хампа диэн улуус быраабата баар сиригэр киэһэлик соҕус тиийэр. Улуус быраабатыгар ким да суох эбит. Дьон кини киириэн иннигэр аҕай тарҕаспыт быһыылаахтар.

      Уйбаан Сэмэнэбис чугас хонор ыал көрдөһөөрү таһырдьа тахсар. Бырааба чугаһыгар турар дьиэҕэ киирэр. Дьиэ иһэ борук-сорук. Көмүлүөк оһох маһа умайан, төлөннөнөр кэмэ ааһан, кыһыл чоҕунан көрбүт. Оһох аттыгар иттэ турар эмээхсин, ытыраары гыммыт курдук, айаҕын аппатан, уһун, саһархай аһыыларын көрдөрө-көрдөрө, Уйбаан Сэмэнэбистэн ыйытар:

      – Бу, хайа диэкиттэн сылдьар киһигиний? Дьокуускайтан даа? Ы-ы-ы! Ырааппытын баҕаһын! Ол туох соруктаах буолан, бу дойду буоругар үктэнниҥ?

      – Эһиги улуускут кулубатыгар – Сэмэн Харатаайапка наадалаах кэллим, – диир Уйбаан Сэмэнэбис.

      – Ол эрэйдээх саҥардыыҥҥыта дьиэтин диэки баран эрэрэ, ол ыал олохторугар муор-туор буолбуттарын истибит киһи сылдьар инигин?.. – диэт, эмээхсин үөһэ тыынан кэбиһэр. – Суос-соҕотох кыыс оҕолоохторо, бэйэтэ даҕаны урут бу буорга үөскээбэтэх кэрэ, үчүгэй оҕо, эмискэ…

      Уйбаан Сэмэнэбис тыыммат да, чыпчылыйбат да, бу эмээхсин туох диирин саҥата суох иһиллээн олорор, оһоххо оттуллубут кураанах мас умайан таһыргыырын иһигэр абааһы көрө саныыр.

      – Өлөн хаалбыта… Өлөн да диэн, манна киһи суоҕуна эттэххэ, сүтэн хаалбыта. Ону биһиги «кырдьаҕаспыт», көрүүлэнэн, моҥнон баран, ууга барбыт диэбитэ… Дьэ, онтон ыла… сатамматар эрэ барыта наар аанньа буолан иһээччи… Ээ, бу сирэйэ сытыйбытыҥ баара, ынахтарбын киллэртиирбин харааччы умнан кэбиһэн баран олорор эбиппин буолбат дуо?! – диэн эмээхсин, кэпсээнин ситэрбэккэ эргэ сону кэтэн, борооххой саал былааты баанан, таһырдьа тахсан барар.

      Уйбаан Сэмэнэбис эмээхсин кэпсээнин ситэрбэтэҕиттэн кыһыйа саныыр. Сотору уокка ууруллубут алтан чаанньык оргуйан, уута таһынан барар. Ким да суоҕун көрөн, Уйбаан Сэмэнэбис