Бу кэнниттэн дьиҥнээх уордаах охсуһуу музыката – Өлүөнэ өрүс уһун кыһын устата хам баттатан сыппыт халыҥ мууһун хайыта тэбэр музыката – ньиргийэр! Ол музыкаҕа улуу күүс уһуктуута, дохсун этиҥ этиитэ, кэлэр кэскил тойуга иһиллэр!..
Суол алдьанара ыраах, Маайа хаста таһырдьа тахсар да, соччото, төһө үөһэ тахсар буолбутун көрөөрү, күнү одуулаһара. Киллэм хонуутун хаара улам бороорон, сорох сирдэринэн харалдьыктар тахсан бараллар.
Бу күннэргэ Маайа куруутун: «Сүөдэр бүгүн кэлэрэ буолуо!» – дии саныыр, күүтэр. Дьиэ иһигэр сылдьар буоллаҕына аантан хараҕа арахпат, оттон таһырдьа таҕыстар эрэ суолу кэтиир. Суох, Сүөдэр биллибэт. Суол алдьанан барар. Оннооҕор Лэгиэнтэй атыыһыт:
– Киһибит хойутаары, суолга былдьатаары гынна, – диэн дьиксинэ быһыытыйар.
Арай, биир киэһэ, Маайа оҕотун Сэмэнчик оронун оҥоро турдаҕына, олбуордарын иһигэр элбэх сыарҕалаах ат киирэр тыаһа курулаан иһиллэр.
«Сүөдэр кэллэ!» – дии санаан Маайа, оҕотун Сэмэнчиги оронугар олордоот, таһырдьа сүүрэн тахсар. Кырдьык, Сүөдэр кэлэн аттарын баайталыы турар эбит. Кини Маайаны көрөөт:
– Хайа, оҕобут? – диэн ыйытар.
– Эйигин көһүтэн, утуйбакка, оронугар олорор, – диэн сибигинэйбитинэн Маайа кэргэнин түөһүгэр саба түһэр.
Сүөдэр сирэйин сааскы салгын сиэн хараарда охсубут. Кини сырыытын бэрт үчүгэйдик сылдьан, туох да сүтүгэ, ночоото суох таһаҕаһын барытын туттаран кэлбит. Лэгиэнтэй атыыһыкка бэрт үгүс барыс киирбит.
Ол киэһэ: «Сүөдэр үчүгэйдик сылдьан кэлбитин иһин», – диэн Лэгиэнтэй атыыһыт малааһын тэрийэр. Маайа ол малааһыны букатын сөбүлээбэтэр да – тойоно эппитин кэннэ тэҥнэһиэ баара дуо – тэрийсибитинэн барар. Остуолга ас тардаллар. Хас да бытыылка арыгы туруоруллар. Сотору-сотору үрүүмкэлэр көтөҕүллэллэр. Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэрдиин иккиэйэҕин биир бытыылка арыгыны кураанахтаан баран, иккис бытыылкаларыгар киирэллэр.
Аһыылларын быыһыгар Сүөдэр Маачаҕа Сараапап атыыһыт кинини хайдах албыннаары гыммытын, ону хайдах туппутун кэпсиир:
– Көр эрэ… Сараапап, итиччэ баайыгар хараҕа туолбакка, дьону ыйааһыныгар сүүйээри… иккилии бууттаах киирэтин алын үүттэрин толору сүөһү сааҕынан сыбаан тоҥорбут… Көр эрэ, мин Аанньаахха ыйаан көрбөтөҕүм буоллар, балыйтарыа