Судьуйа, киһитэ ыксаабытын көрөн аһынна дуу, урут куруутун бэрик ыларын өйдөөтө дуу быһыылаах, кини диэки көрүтэлээн баран этэр:
– Аҕата тугу суруйарын бэйэҥ ылан көр!
Уйбаан Сэмэнэбис, дьыаланы ылан, Орто Бүлүү кулубата Харатаайап мантан ыйытыыга тугу хардарбытын ылан ааҕар уонна, балаҕан үрдэ барыта кини төбөтүгэр түһэн баттаабытын курдук, саатыттан төбөтүн ньүкүччү туттан, аанын нэһиилэ булан, саҥата суох тахсан барар.
Маайа кэргэнэ үчүгэйдик сылдьан кэлбититтэн, оҕото Сэмэнчик үнэн дьиэ иһин биир гына хастыырыттан, сааскы күн сырдыгыттан-сылааһыттан санаата көтөҕүллэн, үөрэ-көтө сылдьар. Ол курдук олордоҕуна дьиэ иһигэр Уйбаан Сэмэнэмис көтөн түһэр. Маайа бачча тухары көһүппүт киһитэ кэлбититтэн эбии сэргэхсийэн кэлэр. Кини, Уйбаан Сэмэнэбис дорооболоһуо, кэпсэтиэ дии санаан, саҥата суох көһүтэн көрөн баран, киһитэ тугу да саҥарбатаҕыттан дьиктиргээн ыйытар:
– Уйбаан Сэмэнэбис, кэпсээниҥ?
– Кэпсээн!.. Кэпсэл диэн ханна барыай?! – ыалдьыт киһи өс-саҕа курдук хардарар.
Маайа, сирэйэ кытара түһэн баран, уоска оҕустарбыт курдук, ах баран хаалар.
Уйбаан Сэмэнэбис саҥатын истэн, Лэгиэнтэй атыыһыт түгэх хостон тахсар:
– Бу хайа диэки бардыҥ?
– Манна кэллим.
– Били «үҥсүөм» диэн ылбыт дьыалаҥ?.. – Лэгиэнтэй атыыһыт ыалдьыта кини диэки куһаҕан баҕайытык көрбүтүттэн тохтуу түһэр.
Уйбаан Сэмэнэбис тугу да саҥарбат. Маайа саҥата суох чэй оргута тахсар. Хос иһигэр Лэгиэнтэй атыыһыт Уйбаан Сэмэнэбистиин иккиэйэҕин хаалаллар. Ыалдьыт, аан диэки көрө-көрө, бэрт улахан суолталааҕы кистээн кэпсээн эрэрдии сибигинэйэр:
– Ити дьахтар биһиэхэ кэпсээбитэ барыта – сымыйа… Харатаайап кулуба: «Соҕотох Маайа диэн кыыстааҕым өлбүтэ, дьиэм аттыгар уҥуоҕа көмүллэ сытар», – диэн суруйбут суругун бүгүн аахтым.
Ити кэпсээнтэн Лэгиэнтэй атыыһыт бэрт улаханнык соһуйар.
Сотору соҕус Маайа, остуолга чэй туруоран, дьонун ыҥыртыыр. Киниттэн куттаммыт дуу, дьиктиргээбит дуу курдук көрө-көрө, ыалдьыттаах тойон аһыы киирэллэр. «Туох буоллахтарай?» – диэн Маайа таайа саныыр да, туох да диэн булбат. Кини чэй кута олорон:
– Били миигиттэн ылбыт кумааҕыларгын ханна тиэртиҥ? – диэн ыйытар.
Уйбаан Сэмэнэбис Лэгиэнтэй атыыһыттыын сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Уйбаан Сэмэнэбис көхсүн этитэн, күөмэйин оҥостон баран, аа-дьуо этэр:
– Алҕас ылыммыт эбиппин.
– Хайдах?
– Хайдах диэн, эн дьыалаҕын ылынан улахан саакка киирдим.
Маайа туох да диэн, ханна да барыан булбат. Лэгиэнтэй атыыһыт киниттэн хараҕын араарбат, хас хамсааһынын барытын кэтээн көрө олорор.
– Эн Харатаайап кулуба кыыһа буолбатах эбиккин, – диир Уйбаан Сэмэнэбис. – Хайдах ити курдук сирэйэ-хараҕа