Уйбаан Сэмэнэбис Лэгиэнтэй атыыһыт кэпсээнин саҥата суох истэн олорор. Кини бу дьахтар ыал хамначчытыгар эргэ тахсыбытын билигин да сатаан санаабат.
– Төрдө-ууһа биллэр дуу? Ханна төрөөбүт үһүнүй?
Лэгиэнтэй атыыһыт Маайа Бүлүүгэ эрэ төрөөбүтүн билэр. Бу сыллар усталара кини хаста да дьахтар дьонун туһунан кэпсэтэн көрөөрү ыйыталаһан көрбүтэ да, Маайа, ол туһунан букатын кэпсээбэккэ, кэпсэтиини атыҥҥа халбарытан кэбиһэрэ. Онон Маайа дьоно кимнээхтэрин бэйэтэ да билбэт буолан, Лэгиэнтэй атыыһыт ыалдьытыгар үгүһү кыайан кэпсээбэт.
– Дьэ дьикти эбит! – диир Уйбаан Сэмэнэбис. – Таҥара итинник үчүгэй, нарын ньууру биэрбитин сатаан туһанымына, ыал хамначчытыгар да эргэ тахса турбута баар… Атын омук кыыһа эбитэ буоллар, кинээскэ дуу, графка, баай атыыһыкка дуу кэргэн тахсан, хаарыска, солкоҕо суулана сылдьыа этэ.
Лэгиэнтэй атыыһыт тугу да саҥарбат. Кини эмиэ үөрэҕэ суох хараҥа киһи. Атын омуктарга хайдах буолалларын кини хантан билээхтиэ баарай.
Сылабаар кыынньан, Маайа ыалдьыты уонна дьиэлээх тойонун ыҥыртыыр. Аһыы олорон соччо улахан кэпсэтии тахсыбат.
Маайа дьон аһаан бүппүттэрин кэннэ остуолу сууйар-сотор, иһити-хомуоһу хомуйар. Лэгиэнтэй атыыһыт кэргэнигэр киирэр – Харытыана бу күннэргэ ыарытыйан сытар. Уйбаан Сэмэнэбис Маайалыын хос иһигэр иккиэйэҕин эрэ хаалаллар.
– Мин эйигиттэн биир суолу ыйытаары гынабын… Бука диэн өһүргэммэккэр көрдөһөбүн, – диир хоноһо.
Маайа кини диэки соһуйбут курдук көрөр уонна тоҥуй соҕус куолаһынан хардары ыйытар:
– Тугу кэпсэтээри гынаҕыный?
Уйбаан Сэмэнэбис, кэпсэтээри гыммыт суола олуонатыттан тыла аанньа тахсымына, кырдьык даҕаны халы-мааргы соҕустук ыйытар:
– Төрөөбүт сиргэр дьонуҥ аах бааллар дуо?
Маайа эмиэ дьиктиргээн кини диэки көрбөхтүүр, туох да диэн булбат. «Тоҕо миигиттэн ону ыйыталаһар киһиний?» – диэн саныы түһэр. Кэпсэтимээри, өһүргэтээри, кыыһырбыт куолаһынан хардарар:
– Бааллара буолуо… тыыннаах буоллахтарына. Билбэппин.
Уйбаан Сэмэнэбис өһүргэммэт. Кини, эбии лаппыйан, ыйыталаһан барар:
– Мин дьон иннигэр үҥсэр идэлээх киһибин… Онон бэрт элбэх киһини билэбин. Баҕар, эн дьоҥҥун билэрим буолаарай? Кинилэр ханна олохтоох дьонуй?
– Билсэргин-билсибэккин билбэтим… Бүлүү диэкилэр этэ… – Маайа бу кэпсэтэ туран: «Саатар, оҕом да ытаабат ээ, бу киһиттэн куотуохпун», – дии саныыр да, хата, Сэмэнчик ытаабат.
– Хайа бүлүүлэрий?
– Орто Бүлүү.
– Орто Бүлүү, – Уйбаан Сэмэнэбис онно олохтоохтортон кимнээҕи билэрин өйдүү сатыыр. Суох, кини онно олохтоохтортон кими да билбэт эбит. Арай биирдэ суукка сылдьан, Капитонов кинээс нэһилиэгин ыаллара сүөһүлэрин мэччитэр сайылык алаастарын күрүөлээн ылбытын туһунан үҥсүү баарын истибиттээҕэ. Ону өйдөөн, кини Маайаттан ыйытар: – Мин соҕотох Капитонов эрэ кинээс туһунан истибитим… Ол киһини билэр этиҥ дуо?
Маайа,