Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Группа авторов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6136-5
Скачать книгу
суолталаах буолуоҕун ыйбыта. Кини этиитин М.К. Аммосов уонна И.Н. Барахов өйөөбүттэрэ. Ойуунускай уонна Барахов саха тыла, суруга-бичигэ, науката сайдарын туһугар сыралаахтык, сүбэлэһэн, биир өйүнэн-санаанан үлэлээбиттэрэ. 1925 с. алтынньытыгар И.Н. Барахов аатыгар кини Баку куоракка ыытыллыахтаах Бүтүн Союзтааҕы бастакы Тюркологическай съезкэ кыттыыны ыларыгар анаан, Ойуунускай илии баттааһыннаах мандат бэриллибитэ. 1928 с. Исидор Барахов Москваҕа барбытын да кэннэ, кини Ойуунускайдыын сибээстэрэ быстыбатаҕа. Хомойуох иһин, П.А. Ойуунускай уонна И.Н. Барахов дьылҕалара эмиэ биир буолбута. 1938 с. саҕаланыытыгар кинилэр иккиэн, олоҕо суох буруйданан, репрессияҕа түбэспиттэрэ. 1938 с. от ыйын 15 күнүгэр аһыллыбыт Уобаластааҕы ХII партийнай конференцияҕа кинилэри таҥнарааччыларынан, норуот өстөөхтөрүнэн биллэрбиттэрэ.

      Ити курдук, П.А. Ойуунускай уонна И.Н. Барахов олохторун бүүс-бүтүннүүтүн тапталлаах төрөөбүт норуоттарын туһугар толук уурбуттара…

2003 с.

      Н.Н. Павлов-Тыаһыт

      Ойуунускайдаах

      Платон Алексеевич туһунан атыттартан ордук тугу кэпсиэмий? Кини араатардыырын истэрим. Кини дакылаата да поэзия буолар диэччилэр. Бу этии олохтоох курдук иһиллэр буолан баран, дьиҥэ ырааҕынан итэҕэс, онон сыыһа.

      1925 с. сааһыары кыһын. Ойуунускайы кытта Арҕаа Хаҥаласка, Өктөм быраабатыгар тахсыһар буоллум. Кини улуус дьахталларын мунньаҕар дакылаат оҥоруохтаах.

      Платон Алексеевич Полковой, билиҥҥи Герой Попов аатынан уулуссаҕа Хампыайаптарга олороро. Бэйэтэ айаҥҥа кэтэр саҥыйаҕа даҕаны, тулууба даҕаны суох буолан биэрдэ. Уларсан, олус улахан эргэ тулуубу кэттэ. Киһи күлүөх киһитэ буолан хаалла: атаҕа да, сирэйэ да көстүбэт. Оххуоттаах сыарҕаҕа оту халыҥнык тэлгээбиттэригэр батары түһэн олордо.

      Куолаҕайынан өрүскэ киирдибит. Күһүҥҥү бириистэн үөһэ оччолорго киэҥ этэ. Хойуу, бөдөҥ кыдьымах быыһынан, иҥнэл-таҥнал түһэн, бэрт бытааннык айанныыбыт. Кини муоһалыыр, мин атаҕым тоҥоро бэрт буолан, үксүн сүүрэбин, аппыт даҕаны аатын эрэ көппөҥнүүр.

      Табаҕаҕа дьаам дьиэни аппыт бэйэтэ булларда. Аты мин ыйыллары баайбытым, ону Платон көрөн баран, саҥата суох кэлэн, көннөрөн, туомтаан баайда.

      – Төһө тоҥнуҥ, доҕоор? – диэтэ. Кэпсэттэхпит ити.

      Дьаамнаах бааһынайдар үөрэ көрүстүлэр. Эдэрчи дьахтар сылабаар үрдүгэр түстэ. Сотору буолаат, эр дьон, оҕо аймах ааны саппат буоллулар. Ойуунускайы ким көрүөн баҕарбат буолуой? Дьаамнаах киһилиин бэрт кыратык кэпсэттилэр. Дьиэлээх киһи толлор быһыылаах.

      Платон Алексеевич бэйэтэ, омос көрдөххө, тоҥкурууннуҥу этэ. Биир оҕонньор киирдэ, үөрсүү буолла: билсэр дьон эбит. Аҕыйахтык да буоллар, бэрт истиҥник кэпсэттилэр…

      Чэйдээн бүтэрбитигэр улахан туомускай аты көлүйбүттэр.

      – Нохоо! – диэтэ дьаамсык. – Сүүрдээйэҕин. Бэйэтэ да хоннохтоох барахсан. Баҕадьылар! – Ити куорат дьаамсыктарын мөҕөр. – Аанньа да аты Былатыаҥҥа биэрбэттэр. Аты сойутаар, үчүгэйдик аһаттараар.