М.К. Аммосов кыра соҕус уҥуохтаах буолан баран, кырдьык даҕаны, чуор куоластаах этэ. Кини тыл этэрин хаста да истибитим. Хаһан даҕаны суруллубуту аахпат буолара. Уһун соҕустук, тыынын ыла-ыла, субуруччу хааһахтан хостообут курдук сүрдээх чуолкайдык ыраастык нууччалыы этэрэ, араас түгэннэри даҕатан сүлүһүннээх тыллары эттэҕинэ, киһи этин сааһынан киирэрэ, онон болҕомтону ордук тардара. Платон Алексеевич сахалыы уустуктаан-ураннаан этэринэн ордук курдук буолара Максим Кировичтааҕар. Сынньалаҥҥа Максим Кирович кадриль үҥкүүнү С. Васильев кэргэнин кытта үчүгэйдик үҥкүүлээн сөхтөрбүтэ».
Амма Аччыгыйа доҕордуулар тустарынан маннык ахтыбыт: «Саха дьонуттан Ойуунускай Максим Кирович Аммосовы уһулуччу таптыыр быһыылааҕа, эмискэччи өйдүү түһэн, сүр эйэҕэстик ахтыталаан ааһар буолара… Биирдэ саалана сылдьаммыт Сугун күөл кытыытыгар чэйдии олордохпутуна, эмиэ туох да ситимэ суох, кини Аммосовы өйдөөн тугу эрэ саҥарбыта. Онуоха мин ыйыппытым:
– Максим Кирович туох эмэ итэҕэстээх этэ дуо?..
– Һы! Киһи буолан баран, итэҕэһэ ханна барыай, доҕор?! Холобура буоллаҕына… Туох итэҕэстээх киһи эбитэ буолла… Чэ, холобура, кини, Максим, араас саҥаттан саҥа уураахтар бырайыактарын оҥортуу охсоро үксэ бэрт буолара. Саҥардыы ылыммыт уураахпыт (оччотооҕу биһиги муҥнаах суолбутугар-ииспитигэр) бар дьоҥҥо ситэ тарҕана илигинэ, Максим саҥа уураах бырайыагын суруйа охсон аҕалар… Чэ, итинтэн атын итэҕэстээҕин өйдөөбөтүм ээ. Мэлдьи сыыстан-буортан өрө тэйэ, үөрэ-көтө, үлэлии-хамныы сылдьар киһи…»
Платон Алексеевич кэргэнэ А.Н. Борисова маннык ахтыбыт: «П.А. Ойуунускай үгүс ахсааннаах доҕотторун туһунан кэпсиир буолан баран, Максимы – Максим Аммосовы көтүтэр сатаммат.
Максимы мин биирдэ эрэ көрбүтүм. Оттон билиитин эрдэттэн билэрим. Платон Максимы ахтыбакка аһарбыт күнэ, бука, суох эбитэ буолуо, оччо таптыыра, оччо сөбүлүүрэ кини бу дьикти киһини. Максим хаартыската Платон оронун үрдүгэр таастаах араамаҕа, саатын аннынан, ыйанан турар буолааччы. Ким да ону тыыппат, устубат, арай сөп-сөбүгэр быылын сотобут, ыраастыыбыт уонна оннугар төттөрү ыйыыбыт.
Өрө лаһыгыраан, өрө бачыгыраан, көстөр дьүһүннүүн, саҥарар саҥалыын ураты киһи этэ Максим. Уҥуоҕунан Платоннааҕар өндөс, куҥа-тааһа да быдан халыҥ, өрө тарааммыт ньалҕаархай баттахтаах, тырымнас сытыы харахтардаах киһи Саргылаананы, кыһыл оҕону, таптаан өрө-таҥнары сахсыйарын ас астыы сылдьан көрбүтүм. Максим Москваҕа туох эрэ мунньахха кэлэ сылдьар быһыылааҕа, наһаа тиэтэйэрэ, чэйдээт, баран хаалбыта. Тугу кэпсэппиттэрин истибэтэҕим…»
Ю.И. Васильев
Чугас доҕордуу этилэр
(П.А. Ойуунускай уонна И.Н. Барахов)
Дьокуускайга үөрэнэ сылдьан, 1917 с. эдэр П. Ойуунускай, М. Аммосов, С. Васильев, И. Барахов уо.д.а. бассабыыктар баартыйаларыгар киирбиттэрэ. Күһүн кинилэр Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ кыайыытын күүрүүлээхтик көрсүбүттэрэ.