Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Группа авторов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6136-5
Скачать книгу
саҕана, быктарара эбитэ дуу? Кини оччоҕо оннооҕор миигин, кыһыл оҕолоох дьахтары, кутугунатара: «Бардыбыт, тооруом, бардыбыт, тугу гына дьиэҕэ хаайтара олордохпутуй?» Хайыахпыный, сорох ардыгар барсабын. Барсан да, мин чугас ыалга хонобун, Платоннаах бэйэлэрэ саалана бараллар. Оттон сайын сир астыы соһор, мыраан кэтэҕэр тахсан сугуннуубут. Дьэ, бу кэмнэргэ төрөөбүт алааһын, кустаабыт-балыктаабыт ууларын ахтан ааһааччы этэ.

      Дойдулаахпын диэн оччо-бачча барбытын-кэлбитин, тиэстибитин да өйдөөбөппүн. Мин билэрбэр, депутат буоларыгар эрэ быыбардааччыларын кытта көрсө, Тааттаҕа биирдэ тахса сылдьыбыта. Онно эмиэ барыс диэбитин, Октябрина диэн кыыспыт ыалдьар буолан барсыбатаҕым.

      Кини арай биир бэлиэ тыллааҕа: ол ийэ таптала. «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар» диэн хоһооно поэт дьиҥ чахчы дууһатыттан суруллубут хоһоон, дьиҥнээх олоххо баар суол. Ийэтин наһаа ахтара, туой Октябринатын: «Эбэтин курдук кыыс, Тэттэкиэй-Моттокуой», – диэн таптыыра.

      Платон саамай таптыыр, саамай харыстыыр мала диэн саата. Икки уостаах үс биһилэхтээх «зауэрдаах» этэ – ол.

      …Уохтаах уот курбуула,

      Уһуутуур уһун турба,

      Сатарыта оонньуур

      Саа саара саабыйар,

      Саам барахсан дорообо! —

      дии-дии, хааҕа угуллан баран оронун үрдүнэн көхөҕө ыйанан турар сааны ороон, түннүк сырдыгар кыһайан иһин кыҥаан көрөрө, тас лааҕын сууйа-сото, имэрийэ-томоруйа олороро бу баарга дылы. «Оо, паапа кустуу бараары гыммыт», – дэһэбит биһиги оччоҕо. Кыс хаар ортото ханна туох куһа буоллаҕай? Таах, дьээбэбитигэр. Паапа мүчүк гынар: «Эдэр-сэнэх эрдэххэ, кустаныллара, доҕор». Онтон тэптэрэн, аны хаһан эрэ хайдах бултаабытын, төһөнү тэлэ тэптэрбитин кэпсээн-ипсээн күппээллиир. Саабытын, ол кэпсээн бүттэҕинэ эрэ, төттөрү уурабыт.

      Суруксуттуур тэриэбэтэ да көннөрү прибордар буолаллара. Литературнай үлэтэ-хамнаһа сүүрбэ сыла туолуутугар кимнээх эрэ бэлэхтээбит прибордарын остуолуттан араарбат буолара.

      Кырдьыгын ыллахха, үп-ас, харчы да өттүнэн дэлэй-былас барбатах ыал этибит. Син уонча кэргэммит, ол үрдүгэр ыалдьыт-хоноһо, тыаттан киирээччилэр дьиэлэнээччилэр. Соҕотох киһи хамнаһа онтон төһөтүгэр тук буолуоҕай? Суруйара-суруйара да, мин билэрбэр, боччумнаан гонорар ылбытын өйдөөбөппүн. Үгүс өттүгэр урут суруйбутун хаттаан эллиир, үрүт үрдүгэр көннөрөр, тупсарар быһыылааҕа. Олоҥхотун хат-хат устара, итиэннэ «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куону» оҥороро-суруйара. Кэпсээннэриттэн «Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулайы» балачча өр үлэлэһэн бүтэрбитэ. Итиэннэ үгүс хоһооннору-ырыалары, кыра кэпсээннэриттэн «Омуннаах оҕону», «Өйдөөх оҕону», «Оҕо куйуурдуу турарын», «Сүрэҕи» уо.д.а. суруйталаабыта. Өссө төгүл этэбин: Платон айымньытын наһаа кичэйэн таҥастыыра, бүтэрэ-оһоро охсорго дьулуспат буолара. Этэн көрө-көрө, саҥаран көрө-көрө, аахтахха ханан да иҥнигэһэ суох үөрэ-дьүөрэ, утум-ситим, уу сүүрүгүн курдук тахса турар гына суруйар буолара. Бука, ол үгүс сыраны, үгүс бириэмэни ылара эбитэ буолуо. Итиэннэ Платон бэйэтигэр уонна