революционер уонна саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи киһи тахсыаҕа диэн ким даҕаны санаабатаҕа буолуо. Инньэ гынан кинини оһуоба бэлиэтии көрбөт этибит. Ол эрээри, маннык икки түбэлтэ мин өйбөр билинҥэ диэри хатана сылдьар. Кини литература уруогар атын оҕолортон уһулуччу этэ, сүрдээҕин иҥэн-тоҥон, кичэйэн ааҕара, өйдөөбүтүн кэҥэтэн-уһатан кэпсиирэ. 1910 с. Л.Н. Толстой өлбүтүн истэн баран, бадаҕа сэтинньигэ эбитэ дуу, эбэтэр ахсынньыга дуу, үрдүкү кылаас оҕолоругар мин ол туһунан ахтыы оҥорбутум. Мин сэһэммин Платон олус сэргээн, сүргэтэ көтөҕүллэн истибитэ. Кини тыл көрдөөбүтэ. Мин ону көҥүллээбитим. Платон Л.Н. Толстой туһунан, кини айымньыларыгар үрдүк сыанабылы биэрэн, улаханнык ытыктаан, улахан суруйууларын тус-туһунан ырытан кэпсээбитэ. Итини мин сөҕө-махтайа, сүрдээҕин сөбүлүү истибиппин билигин даҕаны бу баар курдук өйдүүбүн.