Платон киэһэ кыргыттарын бэйэтэ сыгынньахтаан, бэйэтэ сууйан-тараан утутар. Хайаан да бэйэтэ утутарын сөбүлүүр. Кыргыттарыгар: «Чэ, утуйуҥ дуу, оттон паапа үлэлиэ, паапа үлэлиирин мэһэйдээмэҥ. Сөп дуо?» – диир. Анарааҥҥылара ол курдук үөрэнэн хаалбыттар, аҕалара сытыарда да, им-дьим бараллар, сотору утуйан муннулара сурдурҕаабытынан барар.
Мантан киэһэ дьиэ уу-чуумпу. Мин иһит хомуйабын, сээкэйи бэрийэбин, киһим сарсын кэтэр таҥаһын-сабын ыраастыыбын, өтүүктүүбүн, уруок ааҕабын. Оттон Платон үлэтэ-хамнаһа дьэ киирэр. Кини түүн үс чаас саҕана биирдэ утуйар. Онуоха диэри быһа суруйар-ааҕар. Ити курдук киэһэ аайы.
Төһөлөөх дьулууруй уонна тулууруй бу! Айарга, бэйэтин норуотугар үйэлээҕи-туһалааҕы, кэрэни, үчүгэйи биэрэргэ төһөлөөх кыһамньы, баҕарыы баар буолан, бачча үлэлиирэ буолла?
Биирдэ эмэтэ көрдөххө, кини айымньытын хас тылын, хас этиитин хат-хат чочуйар, көннөрөр, улам тупсаран иһэр идэлээҕэ. Арыт миигин ыҥыран ылара: «Тооруом, кэл эрэ манна. Иһит эрэ хайдаҕый?» Платон ол кэннэ айымньытыттан тугу эмэ ааҕан биэрэрэ. Үчүгэйдик ааҕар. Куолаһын эҥин араастаан уларыта-уларыта, артыыстардыы. «Хайа, хайдаҕый?» – диэн ыйытар. «Бэрт дии. Арай бу тылы атыннык эттэргин…» – «Эһээ? Ханныгы?!» Саҥа истибит тылын суруйа охсор, онтон эмиэ ааҕар: «Эс, сатаныа суох», – диир, эбэтэр: «Арааһа, син да буолсу дии, быһыыта», – диэт, сөбүлээбитин айымньытыгар киллэрэр.
Сорох ардыгар кини үлэтиттэн кэлээт, хоһугар киирэн эрдэттэн ыла үлэлээччи. Бука, туох эмэ ыксалга-тиэтэлгэ, эбэтэр айыаҕа-суруйуоҕа ыган кэллэҕинэ буолара эбитэ буолуо ээ, ол. Оччоҕо биһиги туспа хоско тахсан биэрэбит. «Паапа үлэлиир, айдаарсымаҥ», – диэн оҕолорбун буойа сатыыбын. Хата, быыс-арыт булан, кыргыттара тиийбиттэрэ, сэлээннэнэн туран, тобугар көтөхтөрбүттэрэ эрэ баар буолар. Нэһиилэ араараҕын оччоҕо кинилэри аҕаларыттан. Көр, оннооҕор онно биир тылы эппэт, наар оҕолорун таптаан ымманыйа, араастаан баллыгырыы олорор буолааччы.
Платон бэйэтэ да ис-иһиттэн наһаа оҕомсох киһи этэ. Мин киниттэн түөртэ оҕоломмутум, онтон билигин Москваҕа оҕоломмут икки бастакыларым эрэ бааллар. Саргылаана 1931 с. балаҕан ыйын 16, Сардаана 1934 с. балаҕан ыйын 6 күнүгэр төрөөбүттэрэ. Оттон Октябрина алта ыйдааҕар, Платон Тааттаҕа быыбардааччылары кытта көрсүһэ сырыттаҕына, өлбүтэ. Оттон кыра кыыһын Платониданы төрүт да көрөөхтөөбөтөҕө, хаайыллыбытын кэннэ төрөөбүтэ уонна биирин туолуутугар өлбүтэ.
Үс кыыһыгар – Саргылаанаҕа, Сардаанаҕа, Октябринаҕа бэйэтэ аат булан ааттаабыта. Оҕолонорбун кытта, төһө да солото-билэтэ суох буоллар, родилкаҕа тиийэн кэлбитэ эрэ баар буолар уонна сурук оҕото ыытааччы: «Эҕэрдэлиибин Саргылаананан…» эбэтэр «Сардаананан», «Октябринанан» – диэн. Төрдүс кыыспар бэйэм аат биэрбитим, баара эбитэ буоллар, бу да сырыыга эмиэ ким эрэ диэн бэйэтэ ааттыах киһи эбитэ буолуо.
Платон оҕолоругар тапталын дириҥ төрүтүн кини «Татыйык ыллыыра», «Бу уоттаах