Алексей өтөҕө Таатта үрэх куулатыгар Муҥха Дэлбэрийбит диэн тоҕойго баара. Үрэх көлүйэтигэр ойбоннооҕо. Платоннаах өтөхтөрүгэр буор оһохтоох балаҕан дьиэлэрэ билигин да турар. Сайылыктара Тохтобул хоту саппыйатыгар этэ.
Платон аҕата саамай күнүгэр кыралыын-бөдөҥнүүн уон биэс ынах, икки биэ сүөһүлэнэ сылдьыбыта эбитэ буолуо. Ыанар ынаҕа биэстэн орпотоҕо. Саталынан хайа да үлэттэн көрөн турбатах, ааттаах куйуурдьут, тууһут, отчут-масчыт киһи этэ. Оттон саҥа-иҥэ, кэпсээн өттүттэн маппыт, мас көнө оҕонньор. Улахан сут дьылларга Алексей үгүс оҕолорун куйуур, туу балыгынан ииппитэ.
Ийэлэрэ Дьэбдьикиэйэ ыраас хааннаах толуу дьахтар этэ. Сут дьылларга, сааскы быстарыыларга ас-таҥас көрдөһөр, кэлэр-барар киһилэрэ диэн ийэлэрэ. Бэдэрээти быһаарсааччы, дьиэҕэ-уокка бас-көс киһилэрэ эмиэ кини.
Алексей мадьаҕар атахтаах, нүксүгүр, кыра уҥуохтаах, 1916 с. кулун тутарга эбитэ буолуо: ампаарын таһыгар буор куонда оҥостубутугар соҕоҕунан сиэмэ астаары, биэс түүтэҕи түһэрэн баран, иккиһин кырынан, бурдугу тохтубутун хомуйан, аҕыйах куолаһы илиитигэр туппутунан, кирилиэс оҕолооҕун сыыһа үктээн, ампаарын үрдүттэн сууллан түспүт да, өлөн хаалбыт. Хоолдьугун булгу түһэн өллө дииллэрэ.
Платон кыра сылдьан Пантелеймон Слепцов диэн чугас ыалын олоҥхотун, ырыатын арахпакка истэрэ. Онтон 8–9 сааһын диэки дьиэтин иһигэр оҕолорго ыллыыр, олоҥхолуур, тас ыаллар оҕолоругар ыҥырыллар буолан барбыта. Улахан да дьон сэҥээрэр буолбуттара. «Уус тыллаах, үчүгэй ырыалаах-хоһоонноох», – дэтэр буолта.
Платон үгүс тэбэнэтэ суох, сэмэй оҕо этэ. Арай биирдэ дьиибэлэммиттээх. Бадаҕа, оскуолаҕа барыан иннинээҕи сайын этэ. Ыаллар сайылыкка тахсыбыттарын кэннэ кыһыҥҥы балаҕаннары кэрийбиппит. Күөгү уола Мииппэр Манчурин өтөҕөр биир кырааскалаах мас таҥараны, Саахарыма Татыйаана эмээхсин дьиэтигэр икки кырааскалаах мас таҥараны үлтү тэпсэн, хайыта сынньан, алдьаталаабыппыт. Платон миигиттэн үс сыл аҕа этэ, онон кини тугу оҥорор да, мин үтүктэн испитим. Тоҕо, туох дии-дии алдьаппыппытын букатын өйдөөбөппүн. Таатта үрэххэ сөтүөлүү киирэ сылдьан, улдьааран, итинник буолбуттаахпыт.
Платон бастаан, 11 саастааҕар, Наммара Төрдө диэн сиргэ икки сыл оскуолаҕа үөрэммитэ. Онтон Чөркөөххө пансиоҥҥа киирбитэ. Чөркөөхтөн куоракка үөрэнэ барбыта. Үөрэххэ барыыта эмиэ хос кэпсээннээх. Тойонноро Нээстээр Слепцов: «Бу уол чап курдук ээ, үөрэттэриҥ эрэ», – диэн ийэтигэр Дьэбдьикиэйэҕэ эппит. Оччолорго дьадаҥы ыал оҕото үөрэххэ кэбэҕэстик тиксибэт эбит, онон ийэтэ үөрүүтүн кытта сөбүлэһэн, уолун үөрэххэ биэрбит. Платон ол үөрэнэр сылларыгар тоҕус сыллаах улахан сут кэлбитэ, ону «телеграмма сута» диэбиттэрэ. Дьон-сэргэ олус иэдэйбитэ. Платон дьоно кумалааҥҥа эрэ барбатахтара, кыһалҕа кытаанаҕар олорбуттара.
Кэлин куоракка үөрэнэ сылдьан, Платон сайын аайы дойдутугар тахсара. Ону көрсө Костя, Сергей Сокольниковтар, Костя Слепцов эмиэ кэлэллэрэ.