Мин, эдьиийим Өксөөн тылын истэн олорон испэр эмиэ арааһы эргитэ саныыбын… Холкуоспут уон икки чилиэнэ, үлэ күөнүгэр сылдьыбыт бастыҥ, кыайыы-хотуу, талыы үлэһит дьоннорбут. Кинилэр аны хаһан да төрөөбүт өтөхтөрүгэр, Айдаҥнарыгар, Арыылаах эбэлэригэр эргиллибэт дьылҕаланнахтара… Сорохторо сураҕа суох сүппүттэр, сорохтор көмүс уҥуохтара ханна хараллыбыта, көтөҕүллүбүтэ, билиҥҥитэ, биллибэт… Кинилэр аны хаһан да… хаһан да эргиллибэттэр… Аҥаардас, баара суоҕа, бу «хаһан да» диэн элэтэ эрэ иккиэйэх тылтан – этиҥ сааһа аһыллан, сиһиҥ устун тымныы сүүрээн көһүүннүк сүүрэргэ дылы… Бу бэрт дьоҕус, кыра холкуостан – бүтүн уон икки киһи сырдык тыына быстыбыт… Уон икки киһи… Эчи ынырыгын!.. Күөгэйэр күннэригэр сылдьыбыт, эр дьоммут чулуулара. Оо, кинилэр төһөлөөх эрэ эрэйи-кыһалҕаны эт эҥээрдэринэн тэлэн сырыттылар, ону арай, бэйэтэ ол кинилэр курдук сору-муҥу көрбүт эрэ силигин ситэри ситэн сыныйыа, тилэри билэн өйдүө эбитэ буолуо… Элбэҕи-үгүһү көрүөхпүт-истиэхпит, билиэхпит иннибитигэр турдаҕа – тыыннаах эргиллибиттэртэн. Кинилэр кэлиэхтэрэ, кэлиэхтэрэ кыайыы-хотуу кынаттанан бэрт сотору… Оттон сэрии толоонугар охтубуттар – суох… «хаһан да» төрөөбүт төрүт буор өтөхтөрүгэр төннүбэт төлкөлөннөхтөрө… Эйэлээх, көҥүл олох туһугар олохторун толук уурдахтара… Кинилэр Ийэ дойдуларыгар хайдахтаах курдук бэриниилээх этилэрий, сорохтор баҕа өттүлэринэн тылланан бараллара… Кырдьыгы, үтүөнү байым күүс оҥостубут саллаат хайдахтаах курдук булгуруйбат модун санаалааҕын – кыргыһыы хонуутуттан суруйбут, «буорах сыттаах», үс муннуктаах суруктар дьэҥкэтик туоһулууллара. Ол суруйбут суруктарыгар кинилэр этэллэрэ ээ: «Эһиги дьоллоох, көҥүл олоххо олороргут туһугар, тыыммытын толук ууран да туран кыргыһыахпыт…», – диэн. Барахсаттар, сэрииттэн тыыннаах ордон кэлэн, олоҕу саҥалыы, сонуннук олоруохтарын төһөлөөх эрэ баҕардылар; төһөлөөх эрэ ыра санаа оҥоһуннулар – көмүскэлэрэ дьирибинэһэ харах уутунан сууна, сайыһа хаалбыт чугас дьоннорун, саатар кыл түгэнэ өссө биирдэ көрүөхтэрин, дьылҕа-хаан ыйааҕынан этэҥҥэ эргиллэн, үйэ-саас тухары аны хаһан да аймаһыйа арахсыбакка, куруук, мэлдьи бииргэ буолуохтарын… Суох… Кинилэр быдан дьылларга быралыйбыттар… Көҥүл, дьоллоох олох тускулун туһугар – сырдык тыыннарын толук уурбуттар…
Төрдүс Тоҕус нэһилиэгин, Свердлов аатынан холкуоһун бэрэссэдээтэлэ, эдьиийим Өксөөн кулууп үрдүк сыанатыгар усталыы тардыллыбыт кыһыл сукуна сабыылаах остуол сирэйигэр, хаҥас илиитин сутуруктуу тутан тайанан ыла-ыла, эркиҥҥэ сааллыбыт кыыһар кыһыл былаах анныгар туран, этэр тылын дорҕооно бу бүгүн үүммүт өрөгөйдөөөх Улуу Кыайыы ураты күнүттэн эбии иччилэнэн, уҥа илиитин ытыһын кырыытынан салгыны хайытан даллах гынан хамсата-хамсата, этэн-тыынан сэгэлдьитэ, саҥаран-иҥэрэн саталана турарын көрөммүн, мин кинини өрүү буоларыныы