Ийэ айылҕа барахсан аһара да үгүс эгэлгэ дьиктилээх. Өскөтүн киһи сыныйан, болҕойон, сатаан анааран көрөр эбит буоллаҕына – урут сэҥээрбэтэҕиттэн, аахайбатаҕыттан даҕаны – куруук, мэлдьи туох эрэ дьиктини, сонунтан-сонуну хайаан да билэ, була турар буоллаҕа.
Кубалар Айдаҥ дэриэбинэтин ааһа көтөөт, баараҕадыйбыт суон чаллах тииттэрдээх кэриигэ тиийээт, эмискэ эгдэс гынан өрө ханарыйан үрдээн таҕыстылар уонна бэрт холкутук сэмээр эргийдэр-эргийэн үрэх сүнньүн тутуһан даллаҥнаһа турдулар.
Кыра Баһылай: «Лүксүгүнтэн тахсар от үрэҕи бата бардахха, бэрт ыраах, Муҥхаарыма диэн дьоһуннах күөл баар, ол эбэҕэ арыый тиийиэх иннинэ Куба Сымыыттаабыт диэн дьоҕус күөлгэ, куба көтөр хас сыл аайы сымыыттааччы, күһүн бэйэлэрин саҕа улааппыт, сиппит оҕолорун батыһыннаран, үөрдээн уста сылдьалларын көрөөччүбүт», – диэн кэпсиирэ. Кубаны үгүс дьон отой хоту, муора кытылларыгар тиийэн сымыыттыыр көтөр дииллэр да, биһиги да дойдубут сиригэр-уотугар уйа туттан сымыыттыыр, төрүүр-ууһуур эбэлэрэ элбэхтэр. Бүлүү өрүс үөһээ, уонна орто тардыыларыгар хара туруйалар уонна кыталыктар сымыыт баттыыр, сөбүлээн тохтуур, аарыыр – кутаҥнас куталаах көлүйэлэрдээх, үгүс көрдүгэннэрдээх, дүөдэлэрдээх, бэрт киэҥ сиринэн тайыыр маардар, ээйдэр баалларын туһунан кэпсииллэр.
Куба – айылҕа биир маанылаах, кэрэ көтөрө. Хайа баҕарар көтөр-сүүрэр, кыыл-сүөл олоххо тардыһар сөҕүмэр күүстээх айылгылаах. Бэл, саас доҕорун өлөртөрөн баран, бэйэтэ кыната тостон хойобуун түспүт куба, хара тыа хайа эрэ бүччүм хонноҕор, биир эмит көрдүгэни, көлүйэни булан, онно хорҕойон төрөөн-ууһаан, сымыытын баттаан тэһэн, оҕолорун улаатыннаран, күһүн батыһыннартаан, улахан эбэлэргэ киллэрэн көтүтэлээн соҕуруу атаартыыра эбитэ үһү. Кыната тостубут ийэ куба сатыы ханна сир өтөн айаннаахтыай, оҕолорун сайыһа хаалан баран, өлөөхтөөн эрдэҕэ… Олоххо тардыһыы күүһэ диэн көр оннук!.. Куба оҕолоро ситэн-хотон бааһырбыт ийэлэрин хаалларан ыраах ыырга айанныылар, оттон ол айылаах, харах харатын курдук харыстаан, араас кыылга-сүөлгэ тыынын да толук уурарын кэрэйбэккэ, көмүскээн-харыһыйан көччөх гынан көтүппүт ийэ барахсан, күһүҥҥү, кыдьымаҕынан туртайбыт тыйыс эбэ тыаһы иһиллээбит курдук киэҥ нэлэмэн иэнигэр чороҥ соҕотох тула эргичиҥнии хаалан эрдэҕэ…
Мин, саныыбын ээ – баҕар маннык үһүйээннэртэн сылтаан үөскээбитэ буолуо – «оҕо сүрэҕэ – тааска, ийэ сүрэҕэ – эккэ» диэн өс хоһооно… Ол эрэн, төһөтүн да иһин, киһи аата – киһи, кыыл-сүөл аата – кыыл-сүөл. Икки атахтаах – айылҕа айбыт дьиктиттэн дьикти ураты улуу айымньыта… Киһи – ыалдьыбыт, босхоҥнообут күн күбэй ийэтин, балаҕанын иһигэр чороҥ соҕотох хаалларан, быраҕан ама кый-бырах быралгы уччуйан, тэлэһийэн барыа дуо… Иэдээн дии!.. Баҕар бу да иһин икки атахтаах, «киһи аймах» диэн ааттанааччылар: көтөрү-сүүрэри, кыылы-сүөлү – куруук ураннык, уйаҕастык толкуйдуур өйө-санаата