Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Семен Маисов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-7696-4
Скачать книгу
буолуо дуо, Улахан Баһылай бэҕэһээ күн киирэн ырааппытын кэннэ хараҥаҕа харбыалаһан кэлтэ. Мас кэрдэр да сирдэрэ тэйиччи.

      – Өксөөн ыытта… – мин сонуммун сонно тута кэпсии охсубаппын.

      – Туохха? – диир Мичээр Баһылай.

      – Мунньах… бээ-бээ, өссө туох-туох дииллэрий… ээ, миитин, миитин буолар үһү…

      Мордьоһун Өлөксөй кыҥнайбахтыы-кыҥнайбахтыы алаа харахтарынан миигин бэркэ диэн дьиктиргээбиттии кыҥастаһар:

      – Мунньах даа!.. Ол бу айылаах үтүө күн үүнэн турдаҕына, үлэ-хамнас хаба ортотугар эмиэ туохпут мунньаҕай-тайматай, оччо үлүгэр ыксаллаах-тиэтэллээх доҕор?..

      – Хата… эн этэҕин… – диир Мичээр Баһылай.

      – Түөрэ бары, сибилигин барар үһүгүт… Сүөһү үлэһиттэриттэн уратылар бүгүн үлэлиэ да суоххутун сөп… Кыайыы буолбут!.. Биһиги сэриилэрбит өстөөҕү букатыннаахтык урусхаллаабыттар, үлтүрүппүттэр!.. Сэрии бүппүт!.. Кыайыы мунньаҕа… миитинэ… Онон барар үһүгүт!.. – мин биир тыынынан кутан-симэн кээһэбин.

      Төһө да бэрт сотору кэминэн кыайыы күнэ үүнүөхтээҕэ биллибитин иһин, кыайыы туһунан сурахтан дьонум оо, үөрбүтэрин эриэхсит… мэктиэтигэр өрө өндөҥкөлөһө түстүлэр…

      – Кыайыы буолбут?!.

      – Сэрии бүппүт…

      – Көр эрэ!..

      – Ол иһин…

      – Оччоҕо Бэрилиин куораты ыллахтара дии?.. – Бычыгыр Баһылай кимиэхэ да туһаайбакка эрэ ыйытар.

      – Бүтэһик хаалбыт, хорҕойбут арҕахтара этэ буолба-ат?.. – диир Мордьоһун оҕонньор.

      – Ылымына… Бэрэлиини урусхаллааннар кыайыы буоллаҕа дии… Дьэ хайдах эрэ кэһэттилэр… Кыайыы!.. Тоҕо бэрдэй, кэрэтэй!.. Ээ доҕоттоор!.. – Халҕарыын, эдэр, оҕо киһи сиэринэн үөрүүтэ-көтүүтэ ордук омуннаах, хортууһун устан өрө быраҕа-быраҕа хабан ылар. Саҥа кэрдиллибит сиэрдийэ чоҥочоҕор аҥаар атаҕынан дугуна үктэнээт тэптиргэ тэппитинии ыстанан кэбиһэр…

      Төһө да улаханнык үөрбүтүн иһин, онтун биллэрбэккэ иһигэр сатаан тутааччылара Улахан Баһылай, олооҥҥо ыйанан турар, оргуйан баран сойон эрэр уулаах тимир солуурчаҕы кылдьыытыттан ылан, сэмээр иҥнэрэн ыйырбахтыыр. Утаппыт ахан быһыылаах, буолумуна, күнэ да куйааһа бэрт. Баһылай кэнниттэн мин эмиэ утахпын ханнарабын. Халҕарыын да хаалсыбат, солуурчахтаах чэйи иҥсэлээхтик иһэн киллиргэтэр…

      Улахан Баһылай оттомноохтук тутта сатаабытын да иһин дьүһүнүгэр киһи хайдах да гынан кистээбэт мичээр толбоно түспүт. Бу айылаах сүдү үөрүүнү син биир хайдах да саһыарбаккын.

      Мордьоһун удьурҕай хамсатыгар табах уурунан баран, кулуһун оннун булкуйан кыһыл чоҕу төкүнүтэн ылан, омурдун «соп-соп» соппоҥнотон табаҕын уматтар:

      – Оччоҕо, биһиги доҕоттор, хайыыбытый? – диир.

      Халҕарыын, Өлөксөйү саҥа көрбүт киһилии туттар:

      – Хайыахпытый, онтон дьэ ойдохпут дии!..

      – Ойор ээ, бу убургу… – Мордьоһун сүргэтэ көтөҕүллүбүт ахан, табаҕын хойуу буруотугар чачайан сөтөллүмэхтээн ылар.

      Мичээр Баһылай икки ытыһынан хардары-таары ынах этэрбэстэрин сотолорун тэбэммэхтиир:

      – Чэ,