Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Семен Маисов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-7696-4
Скачать книгу
суох, киһи тылынан сатаан эппэт үөрүүтэ. Оттон өлбүттээхтэр бу күн дьиктитик сөҥүөрэн сырыттылар. Хайдах эрэ, синнэригэр түспүт дьоҥҥо маарынныыллар. Туораттан көрүүгэ кинилэр үөрбэт да, хомойбот да курдуктар… Арай, тоҕо эрэ, мээнэнэн көрбүт уу-хаар баспыт харахтарыттан сэрэйдэххэ, киһи көрбөтүгэр, абаларыттан, аһыыларыттан уйа-хайа суох ытаан-соҥоон муҥнаналлар быһыылаах… Баар-суох чугас дьоннорун сүтэрбиттэргэ оннук… Сүтүктээхтэр урут, кыайыы күнэ буолуон иннинэ бэйэлэрин туттунан, кэм кыанан сылдьыбыт эбит буоллахтарына – өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы күнэ үүнээтин кытта – ыар сүтүктэммиттэрин саҥа истибиттии дьэ ордук эбии иэдэйээхтээтилэр. Кинилэр тугу да сэҥээрбэккэ, бэйэлэрэ-бэйэлэригэр салаҥ санаа ыарыгар таҥнары баттатан, көстүбэтэрбит-биллибэтэрбит ханнык диэбиттии бүгэллэр. Биһиги Өксөөммүт ону барытын билэ-көрө сылдьан, төһө кыалларынан, көмө-тирэх, өйөбүл буолар. Хомсомуоллары, эдэр кыргыттары түмэн дьиэлэринэн сырытыннарар: хайа сатанарынан үгүстүк киирэ-тахса, кэлэ-бара сатыыллар. Ордук иэдээнэ диэн – сүтүктээх эрэйдээх соҕотоҕун сытан санаа-оноо аалыытыгар, сиэһинигэр бэриниитэ. Кинини сэргэхситэ, тула-мала түһэн дьэгдьитэ сатыыр чугас, истиҥ киһитэ, доҕоро суох буоллаҕына төрүт иэдэйэр… Санаа-оноо кэрбиириттэн – ыалдьыа да суох ыалдьар, быстыа да суох быстар, балаҕадыйар. Бэл күн бэҕэһээҥҥэ диэри бииргэ үлэлии-хамсыы сылдьыбыт номоҕон дьүһүннээх эдэр дьахталлар, ыар аһыы саба куустаҕына, аҕыйах хонук иһигэр киһи билбэт буолуор дылы сэбэрэлэрэ уларыйар: чанчыктара кыырыктыйар, кэрэ мөссүөннэрэ сатамньыта суохтук сабыстар, баара-суоҕа отуччалаах, түөрт уончалаах эдэр дьахталлар эмэхсийбит эмээхсиҥҥэ кубулуйаллар. Ол барыта тылынан сатаан ситэри ситэн этиллибэт аба, аһыы, ыар санаа түмүгэ…

* * *

      Сэрииттэн куота, саһа сылдьар күрүөйэхтэр, сыл сылаас кэмигэр дьиэлэригэр субу-субу сыбыытаһаллар быһыылаах. Сир-буор аннынан, үһү-таамах курдук сибигинэһиини иһиттэххэ, кыһын дьиэлэригэр хорҕойор курдуктар. Атын нэһилиэк, холкуос дьоно эбиттэрэ буоллар баҕар тутуллубуттара, суоллара сойбута ыраатыа этэ. Мин санаабар, Өксөөн, күрүөйэхтэр: Уйбаныап Өндөрөй уонна Буолкап Бүөтүр кыһын дьонноругар кэлэн саһан кыстыылларын сэрэйэр, билэр быһыылааҕа. Биирдэ, Өксөөн ийэтин кытта кэпсэтиилэрин түмүгүн истэн хаалтым, онно эдьиийим: «Ол кинилэри да үҥсэн, туттаран тугу туһанаары, сырыттыннар… онто да суох дьон сирэй-харах анньыытыгар сылдьыах сордоохтор буолуо…», – диэбитэ. Холкуоска син үҥсүүк-харсыык, «чуор кулгаахтаах» дьон бааллара эрээри, күрүөйэхтэри тыллаан биэрэн туттарбатахтара. Ол эмиэ бэйэтэ туспа дьикти…

* * *

      Кыайыы буолуоҕуттан дьон-сэргэ, хайдах эрэ, омуна суох туттардыын-хаптардыын тэтимирбит, бэл сирэйдиин-харахтыын уларыйбыт курдуктар… Хас сарсыарда саҥа күнү көрсөн уһугуннаҕыҥ аайы, туох эрэ, ураты сэргэхсийиилээх, аата-суола биллибэт дьикти иэйии саба кууһарга дылы, ис-искиттэн санааҥ өрө көтөҕүллэн, кыдьыгыран, баҕаран туран элбэҕи, үгүһү эрчимнээхтик, үрдүк таһаарыылаахтык