Аара Үҥкээн тордоҕо баара. Кини бүтүн этэ, ол эрээри аана аһаҕас турара. Ньырбачаан үөмэн кэлэн өҥөйөн көрбүтэ уонна аргыый доҕорун ыҥырбыта:
– Ничча, Ничча! Бу мин, Ньырбачааммын. Бааргын дуо?
Ким да киниэхэ хардарбатаҕа. Кыысчаан ону-маны өҥөҥнөөбүтэ: тордох иһигэр тугу да ордорбокко, өстөөхтөр барытын хомуйан илдьэ барбыттар этэ. Тордох ойоҕоһун буоллаҕына биилээҕинэн хайыта сыспыттар. Ньырбачаан доҕорун Ниччаны эмиэ хаан билик буолан кэбилэнэ сытарын көрүөм диэн ытырыктата санаабыта, хата дьолго, суоҕа.
Ньырбачаан, күлүк курдук, тыаһа суох талахтар быыстарынан элэс гыммыта, сиэҥҥэ түһэн, сиэни кыһалыы үүммүт талахтар быыстарынан улахан дьон суолун тумнан, оҕолор бэйэлэрэ сылдьар ыллыктарынан, сэрэнэн, тула өттүн чуордук кэтэнэ-кэтэнэ, аллараа өрүскэ киирэн испитэ. Кини бу ыллыгынан доҕотторун кытта туох да кыһалҕата суох үөрэ-көтө төһөлөөхтүк сылдьыбыта буолуой?! Оттон билигин кини хас хаамыытын ахсын бары тыастан куттана, дьигиҥнии иһэрэ. Талах иһигэр утуйбут чыычаахтар киниттэн соһуйан тирк гына көттөхтөрүнэ куйахата дыр гынаат, тохтуу түһэрэ, сэбирдэх быыһынан кутуйахтар сырсан тытыгырастахтарына куттанан иэнэ кэдэҥниирэ. Сиэн иһигэр талах быыһыгар тымныы, сииктээх, лаппа хараҥа этэ. Ол да гыннар Ньырбачаан күҥҥэ сүүстэ сылдьыбыт ыллыгынан биирдэ да халтымүччү тэбиммэккэ, биир да хаппыт лабааны тосту үктээбэккэ, түүҥҥү мэкчиргэтээҕэр тыаһа суох баран испитэ. Ол иһэн кини эмискэ тохтуу түспүтэ, сүрэҕэ айаҕар тахсыбыта: кулгааҕар дьон саҥата, атах тыаһа иһиллэргэ дылы гыммыта. Кыыс суон үөт төрдүгэр сыста түспүтэ уонна уһуннуук-уһуннук иһиллээбитэ. Бу сырыыга, туох да киһи дьиксиниэх тыаһа иһиллибэтэҕэ. Арай сиэн уута, тугу эрэ тулаайах кыыска сибигинэйэрдии, быыкаатык сүүрдэн кулдьугуруура. Талахтар быыстарынан түүҥҥү өрүс котокоон биитинии тымныытык килбэҥниирэ.
Кини убайа туос тыытын ханнык аппаҕа кистээн турарын үчүгэйдик билэрэ, чуо онно тиийбитэ. Дьолго, тыыны өстөөхтөр көрбөтөхтөр этэ. Көрбүттэрэ буоллар, ол туос тыы сыысчаанын тоҕута үктүүр туох дуоннаах буолуой?! Туматтар бөҕө, бытаан, нэс тыылара кыыл тириитэ буолара, түргэн сырыылаах түөрэккэй туос тыыны абааһы көрөллөрө. Ньырбачаан тыыга тиийэн баран, сэрэммиттии, ол-бу диэки көрбөхтөөбүтэ – чугаһынан туох да куттаныахха айылаах биллибэт этэ. Өрүс уутугар – аһаҕас сиргэ киириэн дьулайан, кини өссө хараҥа буоларын күүтэн, тыытын таһыгар чохчойон олорбохтуу түспүтэ.
Кыыс бу алдьархай ааҥнаабыт, сор суолламмыт дьулааннаах сириттэн куота охсуон баҕата олус этэ. Ол эрээри кини эһэлэригэр-эбэлэригэр, аҕаларыгар-ийэлэригэр бэрт үгүс сылларга тыыннаах буолар иһин охсуһуу иҥэрбит үөрэҕэ – сэрэхтээх буолуу Ньырбачаан этигэр-хааныгар эмиэ уһуктубута уонна уолҕамчы