– Тукаам, ол кинилэр диэн киэҥ хардыылаах, уһун чүөмчүлээх, дьон киэнэ чулуулара, киһи киэнэ килбиэннээхтэрэ эбитэ буоллаҕа дии, – диэбитэ Лүксүрээни кыыска, кинини кытта кэпсэтэ үөрүйэх киһи быһыытынан.
– Үс Бүлүү түгэҕэр, Тыгын тойон, дьэ, сиппэт сиригэр, ама тиийдибит ини, – диэбитэ Дагдаҕар Баатыр арыылаах кымыһы кэтэрдэ-кэтэрдэ. – Бэт киһи, атын иэстии, манна кэлэр ини.
– Кэбис, доҕор, дьыбардаахха тыыныма, саталаахха саҥарыма, Тыгыны билбэт киһиэхэ дылы, – Миикээн ойуун Дагдаҕар Баатыры саба саҥарбыта. – Кини саҕа өһүөннээх киһи урааҥхай сахаларга төрүү илик.
– Эс, биһиги суолга элиэ чупчурҕан оҕунан батарыта ытыалаан баран төҥүргэскэ ыйаабыт тимир иҥэһэбитин көрдө ини. Ол кини да буоллар, тимир куйаҕа иҥэһэ тилэҕиттэн ордук халыҥ буолуо дуо? Биһиги охторбут суптурута көтүөхтэрэ турдаҕа дии, хайа, чаҕыйар ини.
Дагдаҕар Баатырдаах кэпсэтиилэрин истэн, чугастааҕы кутаа таһыгар кэргэттэринээн аһыы олорор, түнэ сону дыгдаччы кэппит киппэ, бөҕө-таҕа көрүҥнээх киһи кэпсэтиигэ кыттыспыта.
– Мин уруккуттан Тыгын иҥсэтин бэккиһиибин эбээт: биир ат иһин, чэ, баҕар, төһө да үтүө ат, Өдүөһүт, олох ата да буоллун, түөрт уон сылгы диэн! Олус сирэйэ-хараҕа суох, олус кэрээнэ суох быһыы буолбат дуо?!
– Ол барыта бу уол оттомо суоҕуттан, – Туоҕа Баатыр уҥа өттүгэр олорор эдэр уолу кынчарыйан ылбыта.
Эбиэттимэ убайын көмүскэспитэ:
– Аҕаа, ону кини соруйан өлөрбөтөҕө ээ: үөнтэн-көйүүртэн буорга үҥкүрүйэн баран мас күлүгэр турбута үкчү кыылга маарынныыра.
Лүксүрээни ойуун эмиэ Туоҕа уолун Такымы Сүүрүгү көмүскэспитэ:
– Ити оҕо олус буруйа да суох ини. Түмэрэй Бөҕө сөпкө этэр – Тыгын, өһүөмньүтүн таһынан, кини саҕа иҥсэлээх, икки хараҕа туохха да туолбат икки атах суох буолуо. Өссө, Түмэрэй Бөҕө, эн билбэккин, атын уҥуоҕун барытын сүһээн баран, хас уҥуоҕун ахсыытынан сылгы көрдөөбүтэ. Ону биһиги ити Миикээн кырдьаҕастыын баран нэһиилэ түөрт уон сүөһүгэ тиийэ түһэрсибиппит. Дьиҥин ыллахха, ити барыта сылтах эрэ – биһиги аҕа ууһун кырыылата көрбүтэ өр буолла. Ол барыта сирбитин-уоппутун ылаары.
Кыыһырбыта ааспакка олорор Туоҕа Баатыр өс саҕа буолбуттуу саҥарбыта:
– Миигин ону билбэтэ-сэрэйбэтэ эбитэ буолуо дии саныыгыт дуо? Бу уол онно киирэн биэрдэҕэ.
Дагдаҕар Баатыр аһаан бүтэн, туран тыыллаҥнаабыта.
– Чэ, доҕоттоор, кыһаллымаҥ, ааспыт аастаҕа – аны төннүбэппит. Тыгын ыраах, биһиги буоллаҕына ким да суох үтүө дойдутугар кэллибит. Оттон дьэ, көҥүлбүтүнэн көрүлүөхпүт буоллаҕа дии: талбыт сирбитин ылыахпыт, таптаабыт сирбитигэр олохсуйуохпут.
Эбиэттимэ Лүксүрээниттэн ыйыппыта:
– Хара Түмэн тоҕо бачча ыраах кэлбитэй?
Лүксүрээни, оҕолорго арааһы кэпсии үөрэммит киһи быһыытынан, сиһилии кэпсээн биэрбитэ:
– Былыыр-былыр Хара Түмэн, эмиэ биһиги курдук, сир көрө, сир көрдүү кэлэ сылдьыбыта