Котокооттор тимиргэ охсуллан лыҥкыныыллара, дапсы тыаһа лабыргыыра, соллоҥноох охтор чуубурҕаһаллара. Тоҥ биистэр бастыҥ ытааччылара Бакаана дапсыта тыаһаатаҕына, үөрсэн саҥа аллайаллара. Ол гынан баран туматтар күрүс-күрүс үллэн кэлэр күүгээннэрэ, кинилэр суордааһыннара Кыырт Мохсоҕол саҥатын тумнарар хойуу этэ, Ньырбачаан дьоно, бадаҕа, сиэн таһыттан эмиэ ортоку үс тордох турар тумулугар чугуйдулар.
Ньырбачаан тулуйарын-тэһийэрин ааспыта. Кини бу итии, киһи тыына-быара хаайтарар хараҥа ииҥҥэ тугу да гыммакка, аҥаардас истэ сытыан баҕарбата. Кини иинтэн ойон тахсыан, бу куттал суоһуур, өлөр өлүү кууспут тумулуттан икки кулгааҕын саба туттан, атах мэнээк куотуон баҕата улахана. Оччоҕо кини бу тыын быстар хаһыытын-ыһыытын истиэ суоҕа этэ. Саатар иккиэ эбиттэрэ буоллар! Таһынааҕы тордоххо эмиэ саһан сытар Богдууга хайдах эмэ таҕыстар. Богдуу оҕолортон улаханнара уонна эр сүрэхтээхтэрэ этэ. Ол эрээри убайа умуһахтан тахсарын буойбута. Ньырбачаан убайын куруутун да сымнаҕас, көрсүө сирэйэ бу түүн курдук тыйыһырбытын, саҥата кими да утары этиппэттии эрчимнэммитин уонна улааппытын билэ илигэ.
Онтон соҕотохто тилэх тыаһа ньиргийбитэ. Ньырбачааннаах тордохторун таһыгар дьоннор сырсан кэлбиттэрэ. Үс тордоҕу тула сырсан тигинэспиттэрэ. Ньырбачаан убайым кэллэҕэ дии санаан эрдэҕинэ, эмискэ тордох адьас чугаһыгар хатан, чаҥкынас туора саҥа:
– Алакыы! Алакыы! Алакыы! – диэн суордуу кыламмыта. Ону аллара бэрт үгүс киһи хабан ылбыта.
– Алакыы! Алакыы! Алакыы! – айааны толорбута.
Эмиэ тордохтор быыстарынан дьон сырсан аҕыласпыттара, котокооттор бэйэ-бэйэлэригэр охсуллан лыҥкынаспыттара.
– Сымыйаҕыт!.. Кыайыаххыт суоҕа! – Богдуу аҕата Чымпа саҥата иһиллибитэ. Ол эрээри билигин кини саҥата урукку тэтимин сүтэрбит этэ, тохтуу-тохтуу ынчыктыырга маарынныыра. Тордох таһыгар баччыктаһыы, ынчыктаһыы, Ньырбачаан ыксаабыта, убайбын өлөрбүт буоллахтара дии санаан эрдэҕинэ, Өрөгөчөй саҥата адьас субу иһиллибитэ:
– Кэлиҥ, кэлиҥ манна! Тордохтор тастарыгар!
Кини хаһыытыгар тоҥ биистэртэн ким да хардарбатаҕа. Быһыыта, тэҥэ суох хапсыһыыга тоҥ биистэр бары охтубуттар этэ. Ол оннугар тордохтор тула өстөөхтөр хаһыылара өрө оргуйа түспүтэ, убайын саҥата онно тимирбитэ.
Туматтар айдаарар, хаһыытыыр кэмнэригэр убайа Ньырбачааҥҥа түргэн-түргэнник сибигинэйбитэ:
– Балтым Ньырбачаан! Мин этэрбин болҕойон иһит! Өстөөхтөр утуйдахтарына, үөмэн тахсан, сиэн устун өрүскэ киирээр. Сиэн төрдүгэр мин туос тыым турар, онно олорон өрүһү таҥнары устаар… Улуу өрүскэ түһэн, өрө өксөйөөр. Онно бааллар киэҥ хонуулар, үгүс дьоннор… Кинилэргэ тиийдэххинэ өлүөҥ суоҕа этэ. Балтычааным оҕотоо, быдан дьылларга быралыйа арахсар буоллубут…
Ол