Тулаайах оҕо. Далан. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Далан
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5328-5
Скачать книгу
кэнниттэн өр буолбатаҕа, өлөр кыланыы тыа баһын сатарыппыта, ону кытта тэҥҥэ өстөөхтөр өрөгөйдүүр саҥалара ньиргийбитэ.

      – Алакыы! Алакыы!

      – Соҕотоҕун баран былдьаннаҕын, – диэбитэ Ойуу Нэлэкэ самныбыт саҥата.

      – Оҕолорун, дьонун быыһаары өлөөхтөөтө, – ким эрэ киниэхэ хардарбыта.

      – Бары бииргэ тутуспутунан сылдьыҥ! Быстыһымаҥ! – Өрөгөчөй дьонун дьаһайбыта.

      Айдаан-куйдаан, суор кыланыыта, кыырт мохсоҕол чаҥырҕааһына илин сиэн үрдүн диэки сыҕарыйбыта. Өстөөхтөр Өрөгөчөйдөөх сиэнинэн чугуйар аартыктарын быспыт быһыылаахтара. Туматтар саҥалара кырдалы биир гына иһиллэрэ. «Өстөөхтөр олус да үгүстэр быһыылаах», – дии санаабыта Ньырбачаан. Кини дьоно кыайалларыгар таҥараларыттан Кыырт Мохсоҕолтон көрдөһө сыппыта.

      Онтон чочумча айдаан, хаһыы-ыһыы намтыы быһыытыйбыта. Өстөөхтөр бардылар диэн кыыс үөрэ санаабыта. Ол икки ардыгар халлаан арыый суһуктуйбута. Тордоххо убайа көтөн түспүтэ. Кини уҥа иэдэһэ биилээҕинэн туора быһа сотуллубут этэ гынан баран, тохтубут хаана хатан, билигин сиикэй эт ырбайа сылдьара. Убайын мэлдьитин көрсүө, сымнаҕас харахтара охсуһууттан өрүкүйбүттэр, туттара-хаптара олус сыыдамсыйбыт этэ. Ыстанан киирэн муннукка турар мас кытахтаах ууну харбаабыта уонна таҥалай ойуулаах саҕынньаҕын түөһүгэр дьалкыта-дьалкыта, иҥсэлээхтик ыйырбахтаабыта.

      – Убаай, бардылар дуо? – Ньырбачаан, тайах тириитин быыһыттан төбөтүн быктаран сытан, сибигинэйэн ыйыппыта.

      – Суох. Айдаарыма, хамсаабакка сыт, – диэбитэ убайа уу иһэрин быыһыгар дириҥ-дириҥник эҕирийэн тыына-тыына. – Куттаныма, кыайтарыахпыт суоҕа.

      Ол икки ардыгар таһырдьа эмиэ айдаан хойдо түспүтэ. Бэрт чугас дапсылар тыастара лабырҕаспыттара, соллоҥноох охтор тордоҕу уҥуордаан чыыбырҕаспыттара. Биир сара куорсуннаах быыра ох Өрөгөчөйү сиирэ-халты ааһан, уота хайыы үйэҕэ умуллубута ырааппыт арааҥҥа быһаҕаһыгар диэри батары сааллыбыта.

      Убайа, тутан турар кытаҕын быраҕаат, толору охтоох нимчикатын харбаабыта, котокоонунан тордох ураатын быһа саайбыта уонна таһырдьа ойбута. Тордох сууллан ньим гына түспүтэ, Ньырбачаан сытар умуһаҕын иһигэр им-балай хараҥа буолбута.

      Ньырбачаан иһиттэҕинэ, кыдыйсыы-өлөрсүү уруккутунааҕар өссө сытайбыта. Өстөөхтөр эбии үксээн, үллэн кэлбиккэ дылы буолбуттара: кинилэр кыланыылара сир аайы иһиллэрэ. Бу сырыыга айдаан ордук тордохтор илин өттүлэригэр, сиэн тахсар аартыгын диэки сүрдэммитэ. Онно Ньырбачаан дьүөгэтэ Ниччалаах бааллара. Ничча эмиэ мин курдук саһа сыттаҕа, төһө эрэ куттанаахтаата диэн санаа кыыс кыракый төбөтүгэр күлүм гынан сүттэ.

      Кыргыһыы айдаана тула өттүттэн улам-улам тумул үөһэ турар үс холомоҕо – Өрөгөчөйдөөххө, Ойуу Нэлэкэҕэ уонна Чымпаҕа чугаһаан испитэ.

      Тоҥ биистэр охсуһууга үөрүйэх этилэр. Мэкчэ хоһуун тыыннааҕар эр дьон сайын үгүстүк ыраата барыталыыллара уонна бэрт өлгөм булумньулаах эргиллэн кэлэллэрэ. Онно килбэчигэс, тимиртэн оҥоһуллубут сэрии сэбэ-сэбиргэлэ, эҥин араас Ньырбачаан