Тулаайах оҕо. Далан. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Далан
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5328-5
Скачать книгу
хатарылла ыйаммыт илээҥки сыта дыргыйара. Уулаах былыттар субу чугаһаан, намыһаан, холомо ураатын быыһынан элэҥнэһэн ааһаллара көстүбэт буолбута быданнаабыта. Билигин түүлээх мэҥкэрэ иһинии, түлэй хараҥа этэ. Ньырбачаан хараҥаттан куттана санаан, убайын өттүгэр сыстыбыта уонна уоскуйбут курдук буолбута.

      Төттөрү-таары көһө сылдьыбыт чопчоколоруттан бу киэҥ айааҥҥа кэлбиттэрин Ньырбачаан бэрт чуолкайдык өйдүүр. Кинини ийэтэ таба мэҥкэрэҕэ уган аҕалбыта. Оҕо маҥнай бу урут көрбөтөх киэҥ айаанын муодарҕаабыттыы тула көрбүтэ. Уҥа өттүлэригэр түргэн сүүрүктээх ыраас уулаах улахан өрүс устан доллоһута сытара. Оттон хаҥас өттүлэригэр киэҥ күөл мэндээрэрэ.

      Мэкчэ хоһуун дьонун – түөрт уон ураһа тоҥ биистэри күөлтэн өрүскэ түһэр сиэн төрдүгэр түһэртээбитэ. Манна ыраас кырдалынан үөмэн кэлэр, эбэтэр сиэни кэһэн туораан биллэрбэккэ, өмүтүннэрэн, саба түһэргэ бэрт уустук этэ. Өстөөхтөр өскөтүн күүс уонна ахсаан өттүнэн баһыйан кырдалынан тоҕо ааҥнаан киирэр түбэлтэлэригэр, өстөөхтөргө кураанах тордохтору хаалларан баран, сиэн хааһыгар киирэн биллибэтинэн ньылбыс гынан хаалыахха эмиэ сөбө. Үгүстүк кыргыспыт – кыайыы өрөгөйүн, кыайтарыы муҥун да билбит кырдьаҕас хоһуун Маҥан Мэкчэ итини барытын санаан-өйдөөн түспүт сирдэрин талбыта.

      Бары тордохтору туруорбутунан барбыттара. Мэкчэ хоһуун уолугар Өрөгөчөйгө эппитэ:

      – Бу сир – үтүө сир. Ити арҕааҥҥы хара буҕарга тахсан бултуохпут, алларааҥҥы айааҥҥа табабытын мэччитиэхпит. Эн киирэҥҥин өллүүнэни көрөн таҕыс.

      Ньырбачаан убайа Өрөгөчөй, оччоҕо саҥа туран эрэр ийэтин курдук, муус маҥан, наҕыл, намыын уолчаан, аһыы охсон, аллараа күөл кытыытыгар киирбитэ. Ньырбачаан убайыгар, куолутунан, кутурук маһа буолбута. Оччотооҕуга, дьоно баарына, убайа үчүгэй, аламаҕай да этэ – мэлдьитин кинини илдьэ сылдьара, саататара, бииргэ оонньуура. Ол сылдьан булт араас ньыматыгар үөрэтэрэ. Кинилэр бииргэ сырыттахтарына Ньырбачаан тиһигин быспакка быһа ыаһыйалаан ыйытан тахсара: хас кыыл-сүөл суолун көрдүн, хас көтөрү-сүүрэри көрүстүннэр. Оттон аҕата өлүөҕүттэн убайа куруутун оонньуур да, дьаарбайар да санаата суох дьэбин уоһуйа сылдьар.

      Ол киэһэ убайа кыырыктаах үҥүүтүн эрэ ылбыта уонна туруору сыырынан аллараа сиэҥҥэ түспүттэрэ. Оо, онно куһа-хааһа хойуутун! Бу балыга үксүн! Көтөр кынаттаах бииһэ, өй-мэйдээх тулуйбат айдаанын тардан, кытыыттан быстыбыт луоҕалыы ууга хараара усталлара, кинилэртэн үргэннэр, күөл үрдүнэн былыт курдук күүгүнүү көтөллөрө. Оттон балык буоллаҕына күөскэ куппуттуу көймөстө оонньуура. Олус бөдөҥ соболор чычаас, дьара ууга, систэрэ хараара-хараара, иэннэринэн ууну лаһыйаллара. Ол дьикти көстүүнү балачча көрөн турбахтаат, убайа Өрөгөчөй биир талыы собону тутан ылбыта уонна тула эргитэн Ньырбачааҥҥа көрдөрөн баран, аргыый сэрэнэн ууга төттөрү уурбута.

      Күөл кытыытын кэрийбэхтээн, барытын астына көрөн-билэн баран, Ньырбачаан убайынаан киэһэ тордохторугар тахсыбыттара – кырдал устун тордох бөҕө туруоруллан