Өтөх иинэ оспот. Татьяна Находкина. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Татьяна Находкина
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-4536-5
Скачать книгу
гыммыттар. Баһылайбытыгар, Ийэ дойдутун көмүскүү барар киһибитигэр, этэҥҥэ сулууспалыырыгар, кыайыы-хотуу кынаттанан кэлэригэр баҕарыаҕыҥ, – Бүөтүр Бөтүрүөбүс уолга анаан үгүс истиҥ тыллары эппитэ. – Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума, ытык иэскин чиэстээхтик толорон, төрөөбүт төрүт буоргар, кыайыы аргыстанан этэҥҥэ эргиллээр, – диэн алгыс тылларынан этиитин түмүктээбитэ.

      – Оҕом, Баһылайым, куттаныма, ытыам суоҕа. Оҕом, үчүгэйдик сырыт, суруйа тураар. Үлэһит буолан боруонньа ылла диэн үөрэ санаабытым. Ол ханна баарый? Таҥара баар буоллаҕына, эһиги этэҥҥэ эргиллэн кэлэргит туһугар, үҥэн-сүктэн көрдөһүөм, – ийэ оҕотун бэйэтигэр сыһыары тардан, «ыытыам суоҕа» диирдии, ыга кууспута.

      Аан эмискэ тэлэччи аһылларын кытта Бүөккэ, сүүрбүтүттэн иэдэһэ тэтэрэ кыыһан, куобах бэргэһэтин ханньаччы кэтэн, сонун нэлэкэйдэнэн, көтөн түстэ.

      – Аҕаа, Киристиинэ төрөөн эрэр. Түргэнник тиийэр үһүгүн. Маарыйа эмиэ… Ийэм инньэ диэтэ. Биэлсэр Никиитэ кэлбитэ… – уол аҕылаан эппэҥниирин быыһыгар биир тыынынан кутан кэбиспитэ.

      – Туох диигин?.. – диэбитинэн бары биир киһи курдук ойон туран, таһырдьаны былдьастылар. Вера оҕотун көтөхпүтүнэн соҕотоҕун туран хаалла…

      Маарыйа сүүрүөх курдук туттубута да атаҕа кыаһыланан хаалбыт. Бүтэйтэн тутуһан кыйа айаннаан истэҕинэ, Баһылайа төттөрү сүүрэн кэлэн, ийэтин өйүү тутан, Бүөтүрдээх дьиэлэрин диэки айаннаатылар. Ол тухары: «Оҕом Ыстапааным… дууһата төһө эрэ тулаайахсыйан… Ханна умса түһэн сытаахтаатаҕай?..» – диэн муҥатыйа, хараҕын уута иэдэһин устун тохтоло суох сүүрэрин туора сотто истэ. Кэлин олох ыһыктынан, уолун кытаанах илиитигэр бэринэн, соһуллан хаалла. Мачыана утары сүүрэн кэлэн, дьүөгэтин кууһа түстэ.

      – Эрдий… Доҕоччуок, Ыстапааҥҥын, оҕолоргун Миитээҕин, Баһылайгын санаа. Кийииттэриҥ, сиэннэриҥ туһугар күүстээх санаалан. Киристиинэ уолланна. Кыра Ыстапаан олоҕун салҕааччыта кыракый Өстүөпүскэ ытаан бэбээрбитинэн күн сирин көрдө. Үөрүү… Хараҕыҥ уутун сотун. Киристиинэҕэр, Өстүөпүскэҕэр хараҕыҥ уутун көрдөрүмэ. Саҥа төрөөбүт дьахтары кэҕиннэрэн кэбиһиэҥ. Ийэ оҕотун аһатыан наада, – сүбэлиирин-амалыырын быыһыгар дьүөгэтин иэдэһиттэн сыллаан ылла.

      Үһүөн өйөһөн, дьиэ боруогун саҥа атыллаан киирэллэрин кытта сибилигин күн сирин көрбүт кыракый Өстүөпүскэ ытаан бэбээрэ түстэ…

IX

      Кураан сатыылаан, аһыҥа ыһан, от-бурдук үүммэккэ, аччык дьыл саҕаламмыта. Аһыҥаны утары түүннэри-күнүстэри үлэ барара. Бааһынаны тула 1 м кэтиттээх, 1 м дириҥнээх ханааба хаспыттара. Оҕо‐дьахтар таҥаһынан тигиллибит киэҥ айахтаах куулу тутан баран сүүрэллэрэ, онуоха бурдук соломотугар олорор аһыҥкалар куулларыгар түһэллэрэ. Оҕолор барахсаттар аһыҥканан туолбут куулларын кыайбакка ытаһаллара. Тимир уһаакка кутан уматаллара. Холкуоска кырдьаҕастары кытта дьахталлар уонна оҕолор хаалан, холкуос үлэтин барытын толороллоро. Сэрии кэмэ буолан, туохха барытыгар кытаанах ирдэбил этэ. Суол оҥоһуута буоллун, бурдук хомуура буоллун, оҕолуун-дьахтардыын биир тылы утары эппэккэ