Мунньах бүтэн, күннэри-түүннэри «сэрии» диэн ыарахан тыл таһаҕастаах кырдьаҕастар, дьахталлар, оҕолор нүксүччү туттан тахсар аан диэки баран истэхтэринэ, Бүөтүр Бөтүрүөбүс бүтэҥи куолаһынан Маарыйаны ыҥырбыта.
– Маарыйа, бэттэх кэл эрэ. Олор, – олоппоһу ыйбыта. Дьахтар сэбиэтин көрүҥүн көрөн, туох эрэ көннөрүллүбэт алдьархай буолбутун сүрэҕинэн сэрэйэн, байааттаҥнаан ылбытын Мачыаната өйүү туппута.
Дьөгүөрэптэр дьиэлэригэр ыар сүтүк илдьитэ үс муннуктаах «хара сурук» кэлбитин ийэ титирэс илиитигэр туттарбыттара. Кыра Ыстапаана Сталинград куораты көмүскүүр кыргыһыыга өлбүтүн туһунан биллэрии этэ. Аҕыйах хонуктааҕыта Ыстапаантан «Үчүгэйдик сылдьаарыҥ, олус санаарҕаамаҥ, дойдуга төннүллүө, хайдах гыныллыай, дойдуну көмүскүүр эбээһинэспит буоллаҕа!» диэн ис хоһоонноох сурук тутан үөрдүлэр да этэ. Онтон бүгүн оҕото суох буолбутун туһунан «хара сурук» илиитигэр тутан олорор. Ийэ ыһыытыаҕын-хаһыытыаҕын хара хомуох күөмэйигэр турбута, хараҕыттан биир таммах уу түспэккэ, таастыйан олордоҕуна, икки атаҕар уйуттубат буолбут ийэни, Баһылайдаах Мачыана икки өртүттэн ылан, тахсар ааҥҥа илтилэр.
Маарыйа дьиэтигэр хайдах киирбитин өйдөөбөт. Арай уйа-хайа суох ытаан, оҕолорбун куттаабатах киһи диэн кытаанах санааны ылыммыта икки чэчэгэйин бүргэһинэн кэйиэлииргэ дылыта… Сотору-сотору туймааран, хараҕа туманныран, тулата барыта ыраатан-кэтирээн бардаҕына, Мачыаната тымныы, сииктээх сотторунан сирэйин-моонньун сөрүүкэтэн, сотон, бэттэх аҕалан, оронугар умса түһэн, саҥата суох, туттуна сатыы-сатыы хараҕын уутунан суунна. Кыра Ыстапаана, оҕото эрэйдээх киһи санаата да тиийбэт сиригэр умса түстэҕэ. Үөрэнэр-үлэлиир былааннардааҕа. Үөрэхтээх киһи буолуо диэн оҕолоруттан саамай эрэнэр уоллара күөгэйэр күнүгэр 22 сааһыгар сылдьан суорума суолланнаҕа. Оҕом сыыһа атын дойду халлаанын анныгар киһилии хараллыбакка сыттаҕа. Итинник санаатаҕына, ыһыытыан-хаһыытыан баҕарарын саба баттаан, сымыһаҕын хаан оҕуолуор диэри быһа ытырар. Оҕото саҥа хааман тоотоҥнуура, албыннаан көтөхтөрөөрү араастаан даллараҥныыра, оскуолаҕа киириитэ, сэттэ кылаас кэнниттэн дьоллоох Дьокуускай куоракка үөрэххэ аттаныыта, ыһыахха күрэхтэһэн, кыайыы өрөгөйүттэн дьолломмут мөссүөнэ, Киристиинэлиин сиэттиһэн иһэллэрэ хараҕар утуу-субуу элэҥнээн истилэр.
– Ийээ, тур, Бүөтүр Бөтүрүөбүс кэллэ, – Баһылайа кэлэн ороҥҥо олордо. Ийэтин аһыммыт хараҕынан көрөн олорон, арбайбыт баттаҕын көннөрө имэрийдэ. – Ийээ, сарсын барааччыларга кыра бурдук уонна эт биэрэннэр, Вера алаадьы уонна эт буһарда.
Маарыйа тугу да өйдөөбөтөхтүү мээнэнэн көрбүт хараҕа улам туманныран, толору уунан туолан, иэдэһин устун тохтоло суох сүүрбүтүн булгуччулаахтык ытыһынан туора соттумахтаата. Сарсын оҕото Баһылайа эмиэ сэриигэ барар. Оо, оҕом сыыһын киһилии атаарбакка, ытыы-аймана сыттахпын. Оҕобун Ийэ дойду көмүскэлигэр