Өтөх иинэ оспот. Татьяна Находкина. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Татьяна Находкина
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-4536-5
Скачать книгу
да уоһа эрэ ибирдээтэ. Эһэбит олох да мөлтөөбүт эбит буолбат дуо, сибилигин да барыах курдук сытаахтыыр. Дьахтар түргэн соҕустук Вера хоһугар киирэн соруйда.

      – Вера, эһэбит мөлтөөбүт. Никиитэ биэлсэри ыҥыра оҕус. Ыстапаан түргэнник кэлиэ эбит. Сибилигин киирэ сылдьаахтаабыта эрээри чугаһаабытын сэрэйээхтээбэтэх. Эрэйдээҕим бэйэтэ да киэҥ көхсө кыараан, уһун санаата кылгаан сылдьаахтаатаҕа, – диирин быыһыгар оҕонньор хоһугар киирэн, уоһун сиигирдэн ньуосканан сылаас уу иһэрдэн көрдө да кыайан ыйыстыбата. «Испэппин», диирдии төбөтүн хамсатан ылла.

      Ол киэһэ оҕонньор барахсан уола баран эрэрин билбит курдук, уҥуоҕун туттараары, оҕотун илиитигэр сытан бэрт сымнаҕастык, уу чуумпутук тыына быстыбыта. Бүөтүр Бөтүрүөбүс кэпсэтэн, өссө биир күнү көҥүллэтэн, эһэлэрин икки хоннороот, кистээн, сарсыҥҥы күнүгэр уола сэриигэ аттаммыта.

      «Аҕам уҥуоҕун тутан, кэннибэр кэтэх санаата суох бардым. Кылаабынайа, эһиги этэҥҥэ олоруҥ. Сэрииттэн эргиллиэм. Оҕолорум да үчүгэйдик сылдьан кэлиэхтэрэ. Баһылай тылланан бара сатыа суоҕа этэ. Вераҕытын кытта бөрөһөн олоруҥ. Сиэммитин харыстаар. Киристиинэни бэйэҕититтэн тэйитимэҥ, – диэн Ыстапаан кэриэс-хомуруос тылын этээхтээбитэ.

      Ыстапаан бэҕэһээ айаннаабыт табаарыстарын куоракка ситэн бииргэ айанныахтааҕа. Уола Баһылай барсыбыта. Киһи уҥуоҕун аттынан икки атынан битигирэтэн ааһан иһэн, ийэлээх аҕата сытар туһаайыыларынан аттарын тохтото түһээт, сиэллэрэн, кэннилэригэр буору өрүкүтэн ыраах айаҥҥа айан суолун устун бара турбуттара. Кылбаччы суоруллубут остуолба мас оҕонньору санатан, чыначчы туттан, туран хаалбыта.

      Маарыйа төһө да сүрэҕэ толугуруу мөҕүстэр, айманнар, бэйэтин кыанан, доҕорун харах уута суох сэрии толоонугар атаарбыта.

VIII

      1942 сыл. Саас. Кулун тутар ый тыала, хахсаата ордук күүһүрбүккэ дылы. Мэктиэтигэр, күн уһаабатах, халлаан сылыйбатах курдук. Совинформбюро сводкатыттан хотторуу, чугуйуу эрэ иһиллэр. Өстөөх халабырдьыттара күнтэн-күн ахсын сэбиэскэй дойду бииртэн биир куораттарын, дэриэбинэлэрин үнтү тэпсэллэр, уоттууллар. Дойдуну кыа хаанынан, харах уутунан уһуннаран сэрии күдэнин хара былыта сабардыы сүүрбүтэ. Өстөөх дойду үөһүгэр талаһара. Сталинград иһин кыырыктаах кыргыһыы буола турара. Истэргэ ыарахан этэ.

      Маарыйаҕа күһүҥҥүттэн бороохтуйбут борооскуларыгар эбии 20 борооскуну биэрэннэр, хотонун, дьиэтин икки ардыгар хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри икки хараҥаны ыпсаран үлэлиирэ. Ыарахан байыаннай нолуоктары, заему аҥаар кырыытыттан нэһилиэнньэ барыта төлүүрэ. Нолуоктарын кыайан төлөөбөккө, дьон үксэ сүөһүтүн эспитэ. Маарыйа биир ынаҕы эрэ тутан хаалбыта, онон сиэнин таһынан «дьыссаат» оҕолорун аһатара. Хата, Верата, дьиэҕэ олорор буолан, көмөлөһөн абырыыр. Сэттэ ыйдаах кыыһын Маасыҥканы көрөн олорор курдук да, төрөппүттэр оҕолорун хаалларар сирдэрэ суох буолан, күнүһүн Вераҕа аҕалаллар. Онон Дьөгүөрэптэр дьиэлэрэ «дьыссаат» дьиэтин курдук буолбута. Күнүс курууска оҕото суорат эбэтэр уу-судураан хааһы биэрэрэ. Аччык оҕолор