Биир дьахтары эмтээбитин бу баардыы өйдүүбүн. Балаҕаҥҥа этэ. Дьахтары олбоххо олор диэтэ уонна бэйэтэ аа-дьуо кини диэки чугаһаан истэ. Арай дьахтарбыт иһиттэн киһи куйахата күүрүөх алдьархай хаһыы иһилиннэ, онтон оҕобун туох эрэ көстүбэт күүс ыраах ылан илгэн кэбистэ. Ол дьахтар иһигэр олорор арыгы абааһыта чугаһаппат буола сатыыр быһыыта эбит. Кыыһым балаҕан үрдүгэр диэри уһаан унньулуйан таҕыста уонна дьахтар айаҕыттан тугу эрэ таһааран ыйыһынна. Көрбүппүт, Күннэйбит иһэ саарык курдук буолбут. Ол кэннэ кыыһым көмүлүөк оһоҕу отуннарда уонна ыйыстыбытын барытын таһаарда. Көмүлүөк уота ол аайы күөдьүйэ түһэр, балаҕан үрдүн салыах курдук сирэлийэн тахсар. Онно баар дьон итиччэлээҕи көрөн бары дьулайбыппыт.
Хаста даҕаны умайа сылдьар чоҕу сыгынньах илиитинэн ылан ыстыы оонньуурун көрөн турардаахпыт. Илиитигэр туох да суол хаалбатах буолааччы.
Эмтиир дьонун куруук түүн ыҥырара. Бастаан чаас курдук кэпсэтээччи, күллэртээн, ыгылыйбыт, тыҥаабыт быһыыны-майгыны сымнатара. Ол кэннэ дьэ: «Дьонум кэллилэр, саҕалыыбыт», – диэччи. Кини наар быһааран этэрэ: «Мин хара маҥнайгыттан турукка киирэн эмтээн бардахпына, ыарахан көстүү буолуо этэ. Ол иһин саҕалыам иннинэ дьоммун бэлэмнээн кэпсэтэбин, күлэн-үөрэн аралдьытабын, туох-хайдах буолуохтааҕын быһаарабын. Тоҕо диэтэххэ, бэлэмэ суох киһи манныгы көрөн тулуйуо суоҕун сөп». Күннэйим оҕо-оҕо курдук барытын наһаа чэпчэкитик, боростуойдук, киһиэхэ тиийимтиэтик кэпсээччи.
Эмтии сылдьан дьүһүн кубулуйарын элбэхтик көрбүппүт: балаҕан үрдүгэр тиийэ улахан уҥуохтааҕын даҕаны, адьырҕа кыыл буоларын даҕаны…
3-с №-дээх Оҕо уонна ыччат спордун оскуолатын иһигэр саха балаҕана баар. Онно Күннэй элбэхтик сылдьыбыта, эмтииригэр туох баар усулуобуйа барыта баара. Манна турар биир да оскуомата суох оҥоһуллубут үс атахтаах былыргы саха төгүрүк остуолун сүүрдэрин хаста да көрөн турардаахпыт. Ол иннинэ былыргы үһүйээннэртэн, сэһэннэртэн, кэпсээннэртэн эрэ истэн билэрим. Хараҥа балаҕаҥҥа сүүсчэ киилэлээх былыргы үс атахтаах остуол дибдигирэччи сүүрэ сылдьарын көрөр чахчы дьулаан… Киһи кыайан быһаарбат, өйүгэр кыайан батарбат… Биирдэ биир киһи эмтэтэ кэлбитигэр Күннэй остуолу сүүрдүбүтэ. Ол киһи кэлин: «Мин сытан эрэ истэбин, остуол тыаһа эмискэ миэхэ бу чугаһаан кэллэ. Илиим туора сытар, уолуйан хааламмын илиибин ыла охсубатым. Илиибин тоһутар буолла дии санаатым. Көрбүтүм, арай илиим остуол сирэйин курдары ааста…» – диэн кэпсээбитэ.
Турукка сылдьан төбөтүн мискийдэҕинэ баттаҕа муостаҕа тиийэн оскуома саалларын курдук тыаһааччы. Ол саҕана, дьиҥэ, Күннэй кылгас баттахтаах этэ.
Биирдэ эдэр спортсмен уолу аҕалбыттара. Ол түүн онно баар дьон хаһан да көрбөтөхпүтүн көрөн, истибэтэхпин истэн баттахпыт маҥхайа сыспыта. Күннэй уол иhиттэн сүллүүкүҥҥэ майгынныыр муостаах, кутуруктаах кыра үөдэни хостоон таһаарбыта. Ол үөдэн балаҕан ортотугар баар остуолбаҕа хатаастан олорон, иччитигэр миигин төттөрү ыл диэн аһыннарардыы