Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Любовь Васильева
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6003-0
Скачать книгу
эбит. Үс түүннээх күн кутуран, кутуруксут буолуохтаах дьонун мунньан, көмөлөһүннэрэн, хас да үйэни уҥуордаан кэлбит өбүгэлэрин үгэһигэр сүрэхтэммит кэмэ эбит. Олоҥхо даҕаны дьиэрэһийбитэ, тойук даҕаны туойуллубута, хомус даҕаны этигэн тыаһа дьүрүһүйбүтэ, нарын-намчы хамсаныылаах, саха оһуор-бичик ойуулаах үҥкүүтэ, хотугу норуоттар ураты тыыннаах, тэтимнээх үҥкүүлэрэ даҕаны үІкүүлэммиттэрэ, омуктуу ылбаҕай ырыалар даҕаны ылламмыттара…

      Күннэй, биллэрии эҥин таһаарбакка, дьону эмтээн барбыта… Дьонтон уратытын кистиир этэ. «Наадалаах киһи миэхэ бэйэтэ суол булан кэлиэҕэ, миэхэ аҕалыахтара. Оттон элбэх киһи биллэҕинэ, «хаһан кэргэн тахсабын?», «хаһан байабын?», «иннибэр туох күүтэрий?» диэн солуута суох ыйытыылаах кэлиэхтэрэ», – диэн күлэрэ.

      Түүн 12 чаас кэннэ биирдэ эмтиирэ, ол иннинэ уоту барытын умуллаттарара. Эмтиир кэммэр ким да ханна да тахсыбат, аан аһыллыбат, «хайа бүттүбүт дуо?», «өссө сеанс буолар дуо?» эҥин диэн ыйыппаккыт диэн эрдэттэн сэрэтэрэ. Сорох ардыгар сарсыарда 6 чааска диэри эмтээччи.

      Кыһалҕалаах дьон киминэн эмэ сирдэтэн, хайдах эрэ истиһэн биһигини булааччылар. Бастаан миигиттэн: «Кыыс биһигини көрсүө дуо?» – диэн сэмээр ыйыталлара. Мин Күннэйгэ маннык кыһалҕалаах киһи кэлиэн баҕарар диэн эттэхпинэ, оҕом «сөп, хаһан кэлэрин сотору этиэҕим» диэт, өр-өтөр буолбакка эмискэ турукка киирээт, холобур, «Савелий сарсын кэллин» диэччи. Дьиҥэр, аатын кини да, мин да билбэппит. Ол курдук кыыһым ким кэлиэхтээҕин өтө көрөн, аатын кытта билэн олорооччу.

      Күннэй эмтээбит дьонугар барыларыгар этэрэ: «Миэхэ сылдьыбыккытын кимиэхэ да кэпсээбэккит». Дьон бэйэлэрэ да: «Эн ааккын ааттыахпытын саллабыт. Оннук сүдү, улахан киһигин», – диир буолаллара.

      Мин испэр 12 «киһилээхпин» – 10 эр киһи, 2 дьахтар диэччи. Ол көмөлөһөөччүлэрэ биирдиилээн тахсааччылар. Мин хаста да кэпсэтэн турардаахпын, мин эрэ буолбатах…

      Биир киэһэ дьону эмтии барарга болдьохтоох этэ, ону «сылайдым, бүгүн барыахпын баҕарбаппын» диэн эттэ эрэ, эппэтэ эрэ, өйүн сүтэрэн кэбистэ. Ол сытан дьахтар куолаһынан (мин үйэбэр итинник ыраас, нарын куолаһы истибэтэҕим. Киһи туохха да холуон, тэҥниэн булбат… дьикти, нарын, чараас… намыын хомус тыаһын санатар… куйаартан кэлбит куолас) саҥаран киирэн барда: «Саамай кырдьаҕаспыт, тойоммут, кыыһырда. Үс күн өйө суох сыттын диир. Эмтии барабын-барбаппын диэни өйдөөбөт. Күннэй оҕо буоллаҕа дии. Биһиги, атыттара, бары аһынабыт да, улахаммытын утары барар кыахпыт суох. Кини быһаарбытынан…»

      Мин оччолооҕу истэн ааттаһарга бардым, туох баарбынан көрдөстүм. Ону ылынан, ол киэһэ оҕобун төттөрү өйүгэр аҕалбыттара. Ол киэһэ оҕом барахсан эмтии барбыта…

      Биирдэ орто саастаах «киһи» тахса сылдьан, маннык диэн соһуппута: «Биһиги Күннэй иһигэр 12-бит. Күннэйи, дьиҥинэн, олус диэн аһынабыт ээ. Дьон көмөҕө наадыйан кэллэҕинэ, көмөлөһөбүт дуу, суох дуу диэн, эмтиир ньымабытын быһаарсан, консилиумнааччыбыт. Сороҕор бэйэбит испитигэр өссө тыл-тылбытыгар киирсибэппит. Күннэй барыбытын тутаттыан наада».

      Ити