Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Любовь Васильева
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6003-0
Скачать книгу
диэбиттии, сонньуйбуттуу көрөллөр. Мин тохтоло суох хастым. Иһиттэхпинэ, аттыбар турар дьонум «кырдьык, мин өллүм дуо», «хата, өлөн сынньаннахпын» дэһэллэр. Ол да буоллар, хайаҕаспын хаспытынан төттөрү түстүм… Соҕотоҕун эрэ түстүм».

      Сиинэҕэ айан туһунан…

      Сиинэҕэ кырачаан оҕолор сүтэннэр улахан аймалҕан буолбутун бары да харааста өйдүүбүт. Киһи өйүгэр-санаатыгар баппат суол…

      Мин ити кэмҥэ кыргыттарбынаан Сочиттан Москваҕа кэлбиппит. Оҕолор сүппүттэрин истэн улаханнык долгуйбуппут. Аан бастаан полицияҕа үлэлиир доҕорбут, Күннэй ураты дьоҕурдааҕын билэр буолан, оҕолор хаартыскаларын бассаабынан ыытан көрдөрбүтэ. Күннэй көрөөт: «Атын хайысхаҕа үлэлии сылдьаллар, кыргыттар мумматахтар, киһи илиитин көрөбүн, чуолкай манна киһи кыттыгастаах», – диэн соһуппута…

      Онтон дойдубутугар тиийбиппитин кэннэ, Күннэйим турукка киирдэҕин аайы кыргыттары көрөр буолан барбыта. «Мама, что означает в переводе «көмөлөс» и «ыксаарыый»? Девочки все время это твердят», – диэн ыйыппытын өйдүүбүн. Аны биирдэ куукунаҕа аһыы олорон, эмискэ турукка киирээт, түннүк аттыгар турар холодильник диэки көрөн баран: «Оо, барахсаттар, бу кэлэн тураллар…» – диэбитэ уонна остуолга уруучука, илиис сытарын ылан, сахалыы суруйан барбыта: «Күннэй… кэлиий түргэнник… ыксаарыый… ыксаарыый… ыксаарыый…» Илииһигэр икки кыра сиэттиһэн турар кыргыттары уруһуйдаабыт этэ. Туруктан тахсыбытыгар ыйыппыппар, «Оҕолор сыбыс-сыгынньахтар, буорга булкуллубут курдуктар. Миигин ыксаталлар, кэлэ оҕус да, кэлэ оҕус дииллэр. Тоҕо миигин ыҥыралларын өйдөөбөтүм… бу сиргэ номнуо суохтар ээ…» – диэбитэ.

      Оҕолор барахсаттар Күннэйгэ көстөллөрө улам-улам элбээн испитэ… Биир түүн дэлби эрэйдэнэн баран, туруктан бэтэрээ кэлэн, Сиинэҕэ хайаан да барыахтааҕын эттэ.

      Ол курдук, туһааннаах дьону булан, биир күн Сиинэҕэ айанныырга сананныбыт. От ыйын ортото этэ. Күн аҥаара тэринэн, икки массыынанан куораттан эбиэт саҕана айаҥҥа туруннубут. Күннэйим биир усулуобуйатынан кини Сиинэҕэ барарын, онно сылдьыбытын ким да билиэ суохтаах диэн этэ. «Я не за славой еду. Девочки очень просят меня, чтобы я приехала в Синск, для чего я еще сама не понимаю… Значит, так надо. Если кто-нибудь проболтается, голову оторву», – диэбиттээх.

      Еланканы ааһаммыт сиинэлиир суолга үрэххэ тиийэн иҥнэн хааллыбыт. Эбэ уута киирэн кыайан массыынанан туораабатыбыт, дириҥэ сүрдээх. Онон, Еланкаҕа хонон баран, сарсыарда моторка ыҥыртарыах буоллубут. Дьиэ куортамнаһан хонордуу тэриннибит. Киэһээҥҥи аһылыкпытын аһаан, утуйаары бэлэмнэнэ сырыттахпытына Күннэйбит турукка киирэн хаалла. Оо, онно оҕолор барахсаттар тугу көрсүбүттэрин этинэн-сиининэн көрдөрбүтэ… Нууччалыы эттэххэ, театр одного актера курдук этэ. Киһи сатаан тылынан да этиэн, сурукка да киллэриэн дьиксинэр дьулаан хартыыната. Күннэй хараҕар алдьархай, ыарыы, эрэй ырылхайдык көстөр этэ, «Мин илиилэрим кып-кырачааннар…» – диэхтиир. Кып-кыра оҕолор барахсаттар