Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Любовь Васильева
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6003-0
Скачать книгу
өр көстүбэт күүһү кытта өрө тустан бараммыт, ол иннэлээх иһити нэһиилэ бырахтыбыт. Онтон киэһэ дьиэтигэр тиийэн, дьыбааны эмиэ бырахтарбыта.

      Күн бүгүҥҥэ диэри ким дьиэбитигэр кэлэн, туох сыаллаах-соруктаах, тугу санаан дьыбааҥҥа иннэ анньыталаабытын өйүм хоппот. Бука сэрэйдэххэ, үчүгэйи баҕаран буолбатах… Ону быраҕаары оҕом барахсан хайдахтаах курдук эрэйдэммитин, хайдах курдук көстүбэт күүс илиитин эрийбитин илэ харахпынан көрөн, куһаҕан, хара санааттан анньыллыбыт иннэ буоларын тута таайбытым. Манна хара күүстэр кыттыгастаахтара чуолкай…

      Кэлин Күннэйим миэхэ маннык диэн быһаарар буолбута: «Мин кутум үөһэ тахсар, ол кэмҥэ мин эппин-сииммин Орто дойдуга муна-тэнэ сылдьар дууһалар туһаналлар. Кинилэр оонньоон ааһаллар. Эһиги төһөнөн куттанаҕыт да, соччонон ити дууһаларга күүс-сэниэ биэрэҕит. Эһиги куттанаргытыттан үөрэллэр, өссө куттуу сатыыллар. Онон ити бириэмэҕэ куттаммат буола сатааҥ». Сороҕор сэрэтэн этэрэ: «Бүгүн мин быдан өр кэмҥэ барабын, онон миигин тутар кыахтаах, куттаммат дьону ыҥыраар. Мэник-тэник, күүстээх дууһалар киирэн ону-маны оҥоруохтарын сөп».

      Тууйам киэһэ буолла даҕаны дьиэ иһигэр баар уһуктааҕы барытын кистии охсор идэлэммитэ. Ол саҕана оҕом барахсан 9 эрэ саастааҕа. Биирдэ быһахтары мунньан морозильник анныгар уурбут этэ. Арай Күннэйбит эмискэ куукунаҕа киирэн кэлбитигэр били кистэммит быһахтарбыт морозильник анныттан, магнитынан тардыллыбыт курдук, кылыгырыы-кылыгырыы тахсан кэллилэр. Онно Күннэйбит: «Саатар, кистиир буолан баран, үчүгэйдик кистиэххитин», – диэбитэ уонна күлбүтэ.

      Ити кэм саҕана күммүт түүн, түүммүт күнүс буолбута. Мин Туйаарам оскуолатыгар хаста да ыҥырылла сылдьыбытым. Учууталлар: «Оҕоҕут уруокка наар утуйан тахсар, бу тоҕо уутун хаммат?» – диэн сэмэлииллэрэ. Мин тугу да булан эппиэттээбэт этим. Түүн аайы Туйаара туалекка хонор диэбэт буоллаҕым. Аны туран, дьиэҕэ үлэтин ааҕар усулуобуйата да суоҕа. Кыыһым үөрэҕэ ол курдук мөлтөөн, кылааспытыттан хаалар кутталлана сылдьыбыппыт. Киэһэ 11 чаас буолла даҕаны Тууйа сыттыгын, төлөпүөнүн кыбыммытынан туалекка киирэн хаалар этэ. Тоҕо диэтэххэ, соҕотох хатанар сирбит ол эрэ. Кырдьык, кыра оҕо тулуйбат дьулаан хартыыналара буолаллара.

      Ол курдук, биир түүн кыыһым моһуоктаабытыгар, ыксаан, балтыбын Галяны ыҥырдым. Сайсаар эргин чугас олорор буолан начаас кэллэ. Күннэй өйүн сүтэрэн баран сытара, онтон аа-дьуо илиилэрэ-атахтара үөн курдук хамсаан, иһэ үллэн киирэн барда. Хайдах быһаарыахха сөп эбитэ буолла… иһин тириитин нөҥүө киһи төбөтүн омооно ырылхайдык көстөр. Чахчы, били абааһылаах киинэлэртэн туох да итэҕэһэ суох. Балтым барахсан, уолуйан хаалан, хаһыытыы-хаһыытыы Күннэй иһиттэн тахсан кэлбит төбөнү төттөрү баттыы сатыыр. Аны ол төбө айаҕын атара көстөр… Биирдэ өйдөөбүтүм, Галям дьиэ аанын аһан куотан эрэр эбит. Маайкалаах, шортиктаах, икки атах сыгынньах. Ол – сэтинньи ортотугар. Кэнниттэн хаһыытаабыппар, кыыһым мин диэки хайыһа биэрдэ, сирэйэ барыта хап-хара буолбут – дэлби ытаан хараҕын кырааската