– Гитлеровецтарга таҥнарбыт Власов бирикээһин толорон Ленинград оборонатын көҥүл өттүнэн бырахпыт ыар буруйгун сууйдум дии саныыгын дуо? – диэн баран супту көрөн олорбута. Мэхээлэ итинник эрэ ыйытыа диэн күүппэтэх, бааһырбытын быһыытынан штрафнойтан босхолонор бигэ санаалаах буолан тугу да булан хардарбакка хаалбыта.
– Молчишь… Ол аата Ийэ дойдугун таҥнарбыт буруйбун боруостуу иликпин дии саныыр буоллаҕыҥ. Мин да инньэ дии саныыбын. Онон төттөрү штрафной ротаҕа бараҕын, – диэн баран туох эрэ кумааҕыга илии баттаан баран, хаҥас илиитинэн туора хаһыйан уунан биэрбитэ. Мэхээлэ олус кыһыйан-абаран уонна тоҕо эрэ өсөһүөх санаата киирэн, ону харбаан ылаат тахсан барбыта. Дьиҥэр, бэйэтин кырдьыгын таһаарынан мөккүһэн көрүөҕүн нууччалыы мөлтөхтүк билэрэ мэһэйдиирэ. Туох дииллэрин син барытын өйдүүр курдук эрээри, бэйэтэ тугу эмэ этээри, саҥараары гыннаҕына тыла чороччу тардан хаалбыт курдук буолара. Арай, Железновтуун эрэ түҥ-таҥ балкыйан да буоллар, ис санаатын барытын тоҕо тэбээн кэпсэтэр-ипсэтэр буолара.
Ротатыгар тиийбитигэр Суховтаах Кузнецов соһуйуу бөҕө буолбуттара. Командира эмиэ сүрдээҕин соһуйбута эрээри, Мэхээлэ төннөн кэлбитин сирбэт быһыылааҕа. Туох буолбутун истэн баран, үһүөн нуучча норуотун үөхсүүгэ аналлаах баай тылын барытын оһуобай отдел капитаныгар анаабыттара.
Киһиэхэ кыра да наада эбит этэ. Мэхээлэ онтон хайдах эрэ эгди буолбута, тиһэҕэр штрафной ротаҕа эргиллэн кэлбитин сирбэт да курдук санаалар кииртэлээбиттэрэ. Манна кинини бары билэллэрэ, бэл, харыстыы сатыыр курдуктара.
Смоленскай уобалаһы босхолуур кыргыһыылар бара тураллара. Биирдэ кыракый дэриэбинэни, дэриэбинэни да буолуо дуо, күл-көмөр буолбут оннун эрэ, ылыы иһин Мэхээлэлээх сыһыарыллыбыт чаастара кырыктаах кыргыһыыга киирбитэ. Икки күн иһигэр ньиэмэстэри кытары хаста да дэриэбинэни хардары-таары ылсыы кэнниттэн дьоно эстибит батальону солбуйан ити туһаайыынан штрафниктары киллэрбиттэрэ. Мэхээлэ халлаан сырдыыта оннун булунан, окуопа хайыҥар станковой пулемету туруораары буору булбатаҕа. Бэйэтин да, ньиэмэс саллааттарын да өлүгэ холкуос сонуогун кытыытынааҕы сылбах курдук дьаргыллана сытара. Сэттэ өлүгү сыҕарытан пулеметун туруорарга нэһиилэ миэстэ таһаарыммыта уонна манна өлөр буолбуппун быһыылаах дии санаабыта. Нөҥүө күнүгэр ньиэмэстэр хардары атаакалаабатахтара. Арааһа, күүстэрэ эстибит быһыылааҕа. Сотору Смоленскай куорат босхоломмута.
1944 сыл, муус устар 3 күнэ үүммүтэ. Бу күнү Мэхээлэ үйэтин тухары умнубат гына өйдөөн хаалбыта. Ротаны барытын стройдаппыттара. Дивизия командира полковник Лаверов бэйэтинэн