Атырдьах сэргэ. Данил Макеев. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
Жанр произведения:
Год издания: 2014
isbn: 978-5-7696-4521-1
Скачать книгу
чэй кутан биэрбитэ, кэпсэтэ түспүттэрэ. Лэгэнтэй сылаас дьиэҕэ төһө да олоро түһүөн баҕардар, аны хамандыырым түбэһэ кэлиэ диэн дьаарханан, эмиэ таһырдьа тахсарыгар тиийбитэ. Тахсарыгар дьахтар аатым Екатерина диэн диэбитэ, киирэ сылдьарыгар ыҥырбыта. Кэлин быыс булан хаста да Екатеринаҕа киирэн тахсыбыта.

      Балаҕан ыйын бүтүүтэ, Лэгэнтэйдээх роталарын икки нэдиэлэттэн эрэ ордук үөрэтээт, арҕаа атаарбыттара. Биир дойдулаахтара кинилэри тимир суол станциятыгар тиийэн атаарбыттара. Бүөтүр убайын таһыгар турдаҕына:

      – Кеша! Кеша, ты где? – дии-дии биир нуучча дьахтара саллааттары силэйэн дьулуруйан кэлэн Лэгэнтэй таһыгар кэлэн тохтуу түспүтэ. Онтон өрбөххө сууламмыт тугу эрэ туттараат:

      – Ну, дорогой, наверно больше не встретимся. Берегите себя, – диэн баран, кууһан ылан уураат, төттөрү дьулуруйбута. Уолаттар маҥнай соһуйан хаалан саҥата суох турбахтаабыттара. Онтон ким эрэ:

      – Оо, Лэгэнтэй, ол иһин хайаан таах сылдьыай. Обургу манна да кэлэн дьахтардана охсубут, – диэн саҥа аллайбытыгар, киһилэрэ дьахтар аймахха сытыытын билэр буоланнар, бары күлсэн ньиргиһэ түспүттэрэ. Лэгэнтэй кыбыстан мух-мах барыах курдук буолан иһэн дьонун өйдөөн көрбүтэ – баттахтара кырыллан, ыйтан эрэ ордук кэмҥэ ыран-дьүдьэйэн, иэдэстэрин уҥуоҕа лоппоруһан, кулгаахтара даллаһан хаалбыт курдук этилэр. Онно эрэ бу бииргэ үөскээбит дьонун сорохторун арааһа бүтэһигин көрөбүн быһыылаах диэн санаа сытыытык тэһэ кэйбитэ. Ол кэмҥэ вагоннарга олорор хамаанда бэриллибитэ. Сотору паровоз үрүҥ паарынан уһуурбахтаан ылан баран, дьүккүс гыммытыгар вагоннар холбоһуктара лүһүгүрэһэ түспүттэрэ уонна оргууй устубутунан барбыттара.

      Киэһэ Бүөтүр землянкатын таһыгар үүнэн турар бэскэ өйөнөн туран арҕаа барбыт убайын, биир дойдулаахтарын сайыһан кистээн ытаабыта. Мальтаҕа кинилэр нэһилиэктэриттэн бэрт аҕыйах киһи хаалбыта. Олортон Заболоцкай Иван Петрович-Хоонох Уйбаан ыалдьан санчааска сытара. Лэгэнтэйдээх арҕаа аттаммыттара аҕыйах хоммутун кэннэ Хоонох Уйбаан өлбүтүн туһунан истибиттэрэ. Уҥуоҕун тутуһууга биир дойдулаахтарыттан Күммүгэ олохтоох Былдьыгырас уола – Турантаев Пантелеймон Иванович сылдьыспыта. Ол күн үгэ-хоһоон тыллаах Пантелеймон саҥатыттан матан, туох эрэ ыар санааҕа баттаппыттыы соҥуоран сылдьыбыта. Дойдуларыттан бииргэ кэлбит киһилэрэ өлөн бары даҕаны уку-сакы буолбуттара.

      Инники кирбиигэ

      Кэмниэ кэнэҕэс маршевай ротаны кытары Бүөтүрдээҕи эмиэ арҕаа ыытар буолбуттара. Вагоннарга олорон тус арҕаа айаннаан лигийии буолбута. Новосибирскайга чугаһаан иһэн биир станцияҕа тохтообуттарыгар Бүөтүр Түүлээхтэн сылдьар Оллонов Прокопийдыын уонна биир дойдулааҕа Заболоцкай Константин Алексеевичтыын-Сонтойдуун оргуйбут уу ыла сырсыбыттара. Бүөтүр котелогар саҥа уу ылан эрдэҕинэ поезтара хоҥнубутунан барбыта. Прокопийдыын тэтимин ылан лиһиргээн-лаһырҕаан эрэр поеһы эккирэтэн кыл мүччү сиппиттэрэ. Саллааттар илиилэриттэн харбаан ылан вагоҥҥа