Аҕыйах хонугунан Сөдүөт Мэхээлэни дьиэтиттэн ыҥыран таһааран, мас кыска тиийэн дүлүҥҥэ олорбута.Саҥата суох кураанах хамсатын уобан олорбохтуу түһэн баран:
– Дьэ, тукаам, эмиэ ынырыктаах кураан сайын үүнэр буолла. Күн-дьыл туруга оннук. Киһи сиэмэни буорга түһэрэн туһаммата буолуо оҥоробун. Онон маннык санааҕа кэллим… Ыһыы сиэмэтин үс гыммыт биирин ордоруохха, атынын чып кистэлэҥинэн ыалларынан түҥэтиэххэ. Эн эдэриҥ бэрт… Ити дьаһалы барытын мин оҥоруом. Түбэһэр да буоллахха, буруйа миэхэ, олоруохпун олорбут киһиэхэ буолуоҕа, – диэбитэ.
Сөдүөт оҕонньор эппитин курдук дьаһаммыттара. Ыһыы сиэмэтин сороҕун маҥхааһай муостатын анныгар кистээбиттэрэ. Ону бадьыылаҕа тартаран сайын окко үлэлиир дьоннорун аһатар санаалаахтара.
Муус устар ортотун диэки уполминзаг начальнига Дмитриев диэн киһи тиийэн кэлбитэ. Онно Үрүмэччи Өрүүнэ диэн бэрт элбэх саҥалаах ыанньыксыт дьахтар эт, бурдук үллэстибиттэрин туһунан айахтатан кэбиспит этэ. Дьэ, доҕоор, силиэстийэ бөҕө буолбат дуо?! Буруйу барытын Сөдүөт оҕонньор бэйэтигэр ылыммыта. Ол үрдүнэн райком бюротугар Мэхээлэни дьүүллээн баран, дьыала тэрийэргэ диэн быһаарбыттара. Арай, итини НКВД начальнига Яковлев утарбыта. Кини: «Тарабукин эдэр киһи, киниэхэ холкуос бэрэссэдээтэлин быһыытынан бэриллибит боруонньатын устан фроҥҥа ыытыахха диэн этиилээхпин. Дойдуга эдэр дьон наадалар. Илиитигэр саа-саадах тутан дойдутун көмүскээтин.
Оттон бу дьыалаҕа тустаах буруйдаах Семенов Федот Николаевич буруйун билиммитэ. Дьыала тэриллибитэ. Мин этэрим итинэн бүтэр», – диэбитэ.
Бюро чилиэннэрэ саҥата суох сөҥөн олорбуттара. Онтон икки хас киһи НКВД начальнигын этиитэ саамай сөптөөҕүн ыйан туран, социалистическай баайы-дуолу ыскайдааччыларга кыр өстөөхтөргө курдук сыһыаннаһыахтаахпыт диэн уоттаах-төлөннөөх тыл эппиттэрэ. Мэхээлэ кинилэр этэллэрин-тыыналларын истэ-истэ иэнэ кэдэҥнииргэ, куйахата бүрүтэ тыытарга дылы гыммыта. Хараҕар Сөдүөт оҕонньор, кураанах хамсатын оборон сообурҕата-сообурҕата, бүк түһэн олороро, кинини тутан баралларыгар дьон соһуйбут, куттаммыт сирэйдэрэ, Үрүмэччи Өрүүнэ күлүгүрбүт мөссүөнэ көстөн ааһыталаабыта.
Өрүс эстиэн аҕай иннинэ сэриигэ барааччылары Дьокуускайга киллэрбиттэрэ. Манна да өр туппатахтара. Бастакы борохуотунан салгыы айаннаабыттара. Онтон аҕыйах хонукка үөрэтэ түһээт, маршевай ротаҕа холбоон тимир суолунан түүннэри-күннэри түһэрэн Ленинград таһыгар аҕалбыттара. Биир түүн саҥа кэлбиттэри балачча кэтит үрэҕи туоратан инники кирбиигэ киллэрбиттэрэ. Баара эрэ нэдиэлэ курдук сэриилэһээт, төгүрүктээһиҥҥэ түбэспиттэрэ. Онтон төлө көтөн