– Онно диэри сүүрэн тиийбит киһи, – диэбитигэр киһитэ атын туох да хахха суоҕун көрөн үөхсэн субуруппахтаан баран, бииргэ тутуһа сылдьыахпыт диэбитэ.
Сотору соҕус кэтэх өттүлэригэр пушкалар эстэн ньиргиспиттэрэ. Били томторго снарядтар эстэн бурҕаҥнаспыттара. Ол эрээри өр ытыалаабатахтара. Сотору соҕус, туох эрэ алдьархайы кэтэспиттии, уу чуумпу сатыылаабыта. Ол кэмҥэ роталарын командира траншеяттан ойон тахсан сыгынньах бэстилиэтинэн далбаатыы-далбаатыы:
– Ийэ дойду иһин! Сталин иһин! Атаакаҕа! Ураа! – диэн хаһыытаабыта. Онтон-мантан саллааттар ойон туран «Ураа!» хаһыытыы-хаһыытыы иннилэрин диэки сырсыбыттара. Мэхээлэ эмиэ ойон туран били хотоолугар тиийэр санаалаах иннин диэки түһүнэн кэбиспитэ. Траншеяларыттан отучча саһаан тэйиэхтэригэр диэри ньиэмэстэр ытыалаабатахтара. Сүүһүнэн киһи «Ураа!» хаһыытыыра биир кэлим «Уу-аа-аа-а!» диэн эрэ сатараан иһиллэрэ. Дьэ, онтон томтор сирэйэ уотунан күлүмнүү, автомат, пулемет тыаһынан өрө бирилии түспүтэ. Үрдүлэринэн баһаам үгүс үөрдээх чооруос чыычаах ааһарыныы буулдьа тыаһа чубугуруу түспүтэ. Мэхээлэ иннигэр, ойоҕоһугар сүүрэн иһэр дьон табыллан охтуталаабыттара. «Уу-уу-аа-а!» диэн хаһыы кэхтэрэ түһээт, атын ыһыынан-хаһыынан, ынчыгынан солбуллубута. Рота барыта ыраас хонууга хаптайарга күһэллибитэ.
Кэтэхтэригэр эмиэ пушкалар тыастара иһиллибитэ. Үрдэлгэ онон-манан буор бугуллар логлоруспуттара. Эмиэ ойон туран сырсыы буолбута. Мэхээлэ били бэлиэтии көрбүт хотоолугар тиийэрэ сүүрбэччэ ойуу хаалбытын кэннэ тулатыгар ынырыктык улуйан-кэлийэн кэлэн миинэлэр эстэн бурҕаҥнаспыттара. Өссө уончата ойоот миинэ боруоҥкатыгар ыстаммыта. Аттыгар Железнова кэлэн умса хоруйа түспүтэ. Миинэ түһэрэ сэллээтин кытары дьоно эмиэ атаакаҕа турбута. Мэхээлэлээх хотооллоругар сүүрэн тиийээт, төҥкөччү туттан баран, ону батыһа сыыйа уҥа диэки хадьы соҕус сүүрбүттэрэ. Буулдьа тыаһа үөһэнэн ыйылыыр буолбута. Онон миинэ эрэ таба түспэтэр дии саныы-саныы харса суох харбыалаһыы буолбута. Сотору үрдэл сыырынньа өттүнэн, адьас тэллэҕэр тиийбиттэрэ. Тыын ылаары умса түһэн сытан кэннин хайыспыта – Железнов тилэх баттаһа кэлэн сытар этэ. Кини кэннигэр хас да киһи көхсө үллэҥниирэ. Кинилэр хотоолу батыһа сүүрэр кэмнэригэр дьоно эмиэ хаптайбыт быһыылааҕа. Сотору сэдэх соҕус «Ураа!» хаһыы иһиллээтин кытары ньиэмэстэр ыталлара күүһүрбүтэ. Железнов Мэхээлэҕэ кэккэлэһэ түһээт:
– Гранаталарынан! – дии-дии бинтиэпкэтин быатын моонньугар иилбитэ, онтон икки илиитигэр гранаталары ылан чекатын тиистэринэн турута тарпыта. Мэхээлэ эмиэ саатын сүгээт, гранаталарын ылан эр-биир чекаларын хадьырыйталаан баран киһитин диэки хайыспыта. Железнов кинини тонолуппакка көрө сытара. Итииргээн сирэйэ кытарбыт, буор-быыл буолбут сүүһүнэн, сэҥийэтинэн көлөһүнэ