Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Егор Неймохов
Издательство: Бичик
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
Жанр произведения:
Год издания: 2010
isbn: 978-5-7696-3310-2
Скачать книгу
биир!» диэн баран аллара ыстанан кэбиһиэн саныыра. Ол эрээри бу сырыыга кэрэ кыыс иннигэр хайдах мөлтөх киһи курдук көстүөй? Атын ыскамыайка хачайдана кыыкырдатан кэлбитигэр, Аленалыын утарыта олорунан кэбистилэр. Дьэ дьикти! Үрдүктэн салыбырас буолуор дылы саллар бэйэтэ куттал диэни туура умунна, үөһэттэн аллара сири көрбөт даҕаны, хараҕар Алена эрэ алыптаах кэрэ мөссүөнэ, маҥан эмиийдэрин куоһаахтара көстөр толору түөһүгэр түһэрбит суһуоҕа мөхсөрө, сэгэспит уостарын быыһынан хоруоҥка көмүс тиистэрэ күлүмүрдэһэ, ыас хара харахтара тырымнаһа, аллара паарка иһин, куорат дьиэлэрин сонурҕуу умсугуйа одуулаһара… Алена барахсан иннигэр мичээрдии, үөрэ-көтө олордун, Эллэй үйэтин да тухары бу халлааҥҥа харбаһа-харбаһа сыыйа намтыыр иигэ эргичийэргэ бэлэм!

      – Эс, хайдах эрэ астыга суох, «көтөр тэриэлкэҕэ» барыаҕыҥ, – диэтэ Рафиктара ииттэн бүппүттэригэр, – дьэ онно жестко көтүтүөҕэ.

      Уонча киһи киирэн, кыараҕас төгүрүк «тэриэлкэни» кыйа сэргэстэһэ олордулар, атына эбитэ буоллар, кый-бырах тамнаан кэбиһиэххэ айылаах тэйбэҥнииригэр эпсэн, иирбиттии кулахачытар тэрилгэ Эллэй туох да иһин олоруо суох этэ, оттон кыбычыын «тэриэлкэҕэ» Алена уҥа илиитин үрдүгэр ытыһын уурар, иккис илиитинэн кинини кууһан олорон үөрэн тугу барытын умунна – маннык синньигэс биили ыбылы тутан олоруу кэнниттэн орто дойду олоҕуттан ууратабыт да диэтэхтэринэ, сөбүлэһиэх курдук туруктааҕа.

      Кыыс эдэр эрчимнээх тыгынас этин-сиинин кууһан олорон, Эллэй хаста эргийбиттэрин, төһө үөһэ-аллара тэйбэҥнээбиттэрин билбэт, сүрэҕэ дьоллонуу иэйиититтэн дьып-дьырылас, сүһүөҕэ мөҕөр, салгын тиийбэт курдук барыта ип-итиинэн сырайбахтыыр. «Тэриэлкэттэн» тахсалларыгар уол мэйиитэ эргийэн ыларыттан эрэ кини курдук үрдүктэн, күүскэ хамсаныыттан саллар киһи алдьархайдаах көтүүгэ, эргичитиигэ киирэн тахсыбытын өйдөөтө, ол эрээри ону барытын баһыйа Аленаны «миэнэ эрэ» диирдии кууспут үөрүүтүн өйдөбүлэ саба халыйда.

      Рафиктара «жесткай» аттракцион кэнниттэн атын хачыал эҥин курдук мөлтөхтөргө барыан баҕарбата быһыылаах, бастаан хааман иһэн кинилэргэ хайыста:

      – Чэ, аттракцион программата бүттүн, атын этии баар – билигин хааталыаххайыҥ, үҥкүүлүөхпүт, пиибэлиэхпит. Вороной конек паарка айаҕар кэтэһэн турар, хаатаны да булуохпут.

      – Конечно! Бачча үчүгэйгэ дьаарбайан, оонньоон-көрүлээн хаалыаҕыҥ! – ким хайа иннинэ Катя бу этиини биһирээтэ. – Оннук дии, Алена?

      Алена хардарбата, арай саҥата суох Эллэй диэки көрөн кэбиспитигэр, биирдэрэ наһаа өрүкүнэйэн маннык сэмэй кыыһы куттуом, өһүргэтиэм дуо диэн, быһаарыыта суох эҥээриттэ:

      – Сөп буолуо.

      Паарка иннигэр хара лааҕынан килбэчийэр «Волга» курдук багдайбыт улахан «Мицубисига» киирэн олордулар, Эллэй Аленаны кытта кэлин олбоххо. Күн уотуттан асфальт иэнэ килэрийэр, өрөбүл күн буолан дуу – массыына сэдэх соҕус, онон иччитэх кэриэтэ уулуссанан массыына чэпчэкитик сүүрэн сырылатта, аара ас маҕаһыыныгар тохтоотулар, Рафик таҕыста, спортивнай суумканы быатыттан санныгар иилинэ быраҕынна:

      – Кыргыттар, эһиги олоруҥ,