Төлкө. Николай Якутский. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Николай Якутский
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6128-0
Скачать книгу
олоҥхоһут олоҥхолуур үһү, – диэн сурах иһиллэр. Хамначчыт уолаттар, кыргыттар бары онно сууллан тахсаллар.

      Арыгы иһэн холуочуйбут дьон, кыһыҥҥы тымныыны кэрэйбэккэ, тэлгэһэ хаба ортотугар үҥкүүлээн күөгэлдьиһэллэр:

      Оһуокайдыыр оһуокай,

      Эһиэкэйдиир эһиэкэй!

      Баай киһи тойоммут

      Бастыҥныыра кыыһын

      Эдэрдиирэ киһиэхэ

      Эргэ биэрбит үөрүүтүн

      Тоҕус аҕа ууһа

      Тоҕуоруһан тураммыт

      Оһуокайдыыр оонньууну

      Олохтуоҕуҥ, доҕоттоор!

      Сүөдэр оһуокайдыыр саҥаны истэн, тахсан үҥкүүлэһиэн баҕарар да, баай ыал күтүөтэ, «атыыһыт уола» буолан олорон, тахсара сатаммат. Сүөдэр бэйэтэ үүммүт маһыттан туллан ат атаҕын анныгар тэпсиллэр лабаа курдук сананан кэлэр.

      Түүн ортото чугаһыыта: «Чэ, аһыахпытын аһаатыбыт, сиэхпитин сиэтибит», – диэбиттии, бука бары күргүөмүнэн туран таҥналлар, таҥаралар күлүктэригэр кириэс охсунан сапсына-сапсына, быраһаайдаһан тахсан бараллар.

      Ылдьаана кыыһын Маайа хаппахчытын иһигэр киирэн ороннорун оҥорон тахсар. Маайа, саҥата суох туран, аргыый аҕай хаппахчытын иһигэр киирэр. Сүөдэр, уутугар аҥаарыйбыт курдук, олорор сириттэн турбат.

      – Сүөдэр, кэргэҥҥин Маайаны кытта хаппахчыга киирэн утуй, – диир Сэмэн Уйбаанабыс.

      Сылгыһыт Сүөдэр ону истибэтэх курдук олорор.

      – Сүөдэ-эр, тоҕо олороҕунуй? Утуйуоххун, – диэн оҕонньор иккистээн этэр.

      Сылгыһыт Сүөдэр туран: «Ханна сытабыный?» – диэбиттии көрүтэлиир.

      – Билигин эн уруккуҥ буолбатах, кэргэннээххин… Хаппахчыга киирэн утуй.

      Сүөдэр Маайа хаппахчытыгар киирэр. Маайа сыгынньахтаммакка олорор эбит. Сүөдэр, кыбыстыбыт курдук, хаппахчы ортотугар турбахтаан баран этэр:

      – Маайа, сытыаххын.

      Маайа килбигийэн төбөтө өссө бүк түһэр, ыараханы көтөҕөн эрэрдии сыыгыначчы тыынар. Сүөдэр кыыстан тэйиччи соҕус, орон сыҥаһатыгар, олорор уонна эмиэ:

      – Маайа, сытыаххын, – диэн сибигинэйэр.

      Маайа, саҥата суох олорбохтоон баран, Сүөдэр диэки мичээрдээбитинэн көрө охсон ылар:

      – Оттон эн?

      Сүөдэр саҥата суох Маайа уҥа эҥил баһыгар илиитин уурар уонна, ыга тардан, хам кууһар…

      Сыталлар. Сүөдэр дьоллоохпун дии санаан үөрүөн «атыыһыт уолабын» диэн сымыйалаабыта мэһэйдиир. Кини бу киэһэ баайдар туох санаалаахтарын, кими киһи дииллэрин толору иһиттэ, биллэ.

      «Оо, бу курдук, саллар сааһым, үллэр үйэм тухары Маайабын кытта бииргэ олорорум буоллар, ама, дьоло суохпун диэ этим дуо! – дии саныыр Сүөдэр. – Маайабын сүгүннэрэн ханна илдьэбиний? Хара санаалаах Дьаакыбылап кулуба обургу бу кыыһы кэргэн кэпсэтэн кэлэрбэр тоҕо кыһанна-мүһэннэ?.. Дьаакыбылаптаах сайылык оҥостоору көһөрөн аҕалбыт мин дьонум дьиэлэрин биһиэхэ биэриэхтэрэ дуо? Аны кыыһы саакка киллэрээри ыыппыттарын толоро сылдьарым буолаарай?» Сылгыһыт Сүөдэр ити санаатыттан куйахата ытырбахтаан, этэ тымныйан ылыталыыр. Сонно тута: «Суох, Дьаакыбылап кулуба төһө даҕаны хара санааламмытын