Сүөдэр Маайалыын туран, тугу эрэ сибигинэһэ-сибигинэһэ, кириэс охсунан далбаатаналлар. Маайа бу уол кэлиэр диэри атын киһиэхэ эргэ тахсыбатаҕар таҥараҕа махтанар. Сылгыһыт Сүөдэр уон икки саастааҕыттан аҕыйах ыйдаахха диэри тулаайах, хамначчыт сорун көрө сылдьан, баай киһи кыыһын кэргэн ылан эрэрин иһин таҥараҕа эмиэ ис сүрэҕиттэн махтанар.
Таҥараҕа үҥэн бүтэллэр. Уоллаах кыыс саатан, кэмчиэрийэн сирэйдэрэ кытарбыт, харахтара чаҕылыйбыт. Утарыта эргиллэн көрсүһэллэр. Маайа Сүөдэр илиитин дорооболоһон эрэрдии тутар. «Сип-сибилигин сэгэрим сылаас уоһа даҕайыа», – диэн эрдэтинэ хараҕын быһа симэр. Сүөдэр тугу да гыныан булбат. Кини, дьолуттан дөйөн, аҥаарыйбыт курдук турар. Онуоха Сэмэн Уйбаанабыс аргыый сибигинэйэр:
– Сүөдэр, эн эр киһи быһыытынан кэргэҥҥин бастаан уураан ылыаххын!
Сүөдэр этэ барыта итийэ түһэр. Маайа төбөтө, улам хоҥкуйан, сир диэки төҥкөйөн барар. Сүөдэр кыыһы кууһан, сып-сылаас уоһуттан уураан ылар. Маайа уоһун сылааһа кини сүрэҕин бүтэйдии ньүөлүтэр. Сүөдэр орто дойдуга төрөөн баран бу аан бастаан кыыс уоһун уураата. Оо, бу уурааһынын атыыһыт уолабын диэн сымыйалаан сымсаппатаҕа буоллун ньии! Оччоҕо билигин киниттэн ордук дьоллоох ама ким баар буолуо этэй?!
Сылгыһыт Сүөдэр үөрүөх-көтүөх эбит да, сымыйалаабыта таҥнары тарда турар. Билигин кини хайдах да гынан ол сымыйатыттан быыһанар, куотар кыаҕа суох. Оо, хайыах баҕайыный?! «Бэйи, сип-сибилигин «мин атыыһыт уола буолбатахпын, итини акаарыбар эппитим, бырастыы гыныҥ диэн көрдөһүөххэ», – диэн санаан кэлэр да, сонно тута этэ тымныйа, куйахата ытырбахтыы түһэр: «Кэбис, сатаммат. Миигин атыыһыт уола диэн бу кыыстарын биэрэн эрэллэр… Оттон мин дьадаҥыбын, ыал хамначчыта буола сылдьыбыппын биллэхтэринэ, ыттыы үүрэн кэбиһиэхтэрэ».
Сүөдэр, ити санаатыгар баттатан, дьон тугу саҥаралларын, этэллэрин өйдөөбөт даҕаны.
Түүн ортото лаппа ааһар. Улуус баайдара, бастаах-көстөөх дьоннор бары биллэ холуочуйаллар, саҥалара элбиир.
Сүөдэрдээх Маайа арыгыны хотон испэттэр. Кинилэр остуол аннынан илиилэриттэн бобо тутуһан олороллор, субу-субу утарыта көрсүһэн кэбиһэллэр. Маайа сирэйдиин-харахтыын, туттуулуун-көрүүлүүн «толору дьоллоохпун» диэбит курдук. Оттон Сүөдэр сирэйэ сырдыыра, дьолунан туолара, санааҕа ылларара тэбис-тэҥ быһыылааҕа.
Холуочуйбут дьон айдааннарын баһыйан, Сэмэн Уйбаанабыс дьоҥҥо барытыгар иһитиннэрэн этэр:
– Мин, кырдьаҕас киһи, тиэтэйиэхпин баҕарабын… Эн, оҕобут Сүөдэр, айаҥҥар баран өр буолуох курдук саҥараҕын… Эһиги бэйэ-бэйэҕитин сөбүлэспиккит кэннэ тугун эмиэ өр көһүтүннэрэ олоруохпутуй. Сарсын Хампа таҥаратын дьиэтигэр киирэммит, эһигини бэргэһэлээн тахсыахпыт! Ыалдьыттар, сарсын киэһэ эмиэ бука бары кэлээриҥ!
Мустубут дьон бары итини үөрэ истэллэр: сарсын эмиэ ас-арыгы. Сылгыһыт Сүөдэр эрэ, ууну омурдубут курдук, лүҥкүрэн олорор. «Күтүөт оҕобут кэмчиэрийэн саҥарбат буоллаҕа», – диэн, ким