Төлкө. Николай Якутский. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Николай Якутский
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6128-0
Скачать книгу
кэргэннээх, оҕолоох уол буолуо… Туох кэргэннээх киһигиний диэн ити аҕам тоҕо ыйыппатый?» – дии саныы-саныы Маайа, улаханнык килбигийбит курдук туттан, хаппахчытын иһиттэн тахсар. Ол тахсан иһэн, сирэйин кистии туттубут курдук да буоллар, хараҕын кырыытынан уолу көрөн аһарар: саар тэгил уҥуохтаах, хатыҥыр соҕус курбуу курдук быһыылаах, арылхай харахтаах эдэр уол эбит.

      Маайа хаппахчытыттан тахсарыгар дьоно аһаары остуол тула олорбут этилэр. Ыалдьыт уол тугу эрэ кэпсии олорон, хаппахчы аана аһыллаатын кытта ах барар.

      Сылгыһыт Сүөдэр кыыһы көрөөт: «Дьон этиэхтэрин этэллэр эбит. Быһыылыын-тутуулуун, сирэйдиин-харахтыын чахчы нарын, үчүгэй кыыс эбит», – дии саныыр.

      Уоллаах кыыс остуол нөҥүө-маҥаа утарыта олороллор. Төһө да бэйэ-бэйэлэрин сирэйдэрин одууласпаталлар, уора-көстө көрсөллөр. Биирдии үрүүмкэ арыгыны иһэллэр, кыһыллыбыт эмис хатыыһынан сокуускалыыллар. Харатаайап кулуба, уоллаах кыыс килбигиһэн сирэй-сирэйдэрин көрсүбүттэрин көрөн, уол туох кэргэннээҕин ыйыталаһар:

      – Ыалдьыппыт, дьонум өлбүттэрэ диигин, бу ырааҕынан тэлэһийэн сылдьар кэмҥэр дьиэҕин-уоккун кимиҥ көрөр-харайар буоларый?

      Маайа сирэйэ, чоххо баттаабыт курдук, кытара түһэр, Сүөдэр диэки кылап гына көрө охсон ылар уонна төбөтүн аллара санньытар. Сылгыһыт Сүөдэр эмиэ мух-мах буолар, эмиэ хараҕын кырыытынан Маайа диэки көрө охсон ылар. Кини сымыйалаан баран, сыыртан түһэн иһэр салааска тохтооботун курдук, тохтуур-төннөр кыаҕа суоҕа:

      – Дьонум аах тыыннаахтарыттан үлэлиир дэбиэринэй дьоннордоохпун… Кинилэр көрөллөр.

      – Хайыай! Ол дьонноргуттан ураты туох кэргэттэрдээх киһигиний? – Харатаайап өссө нэмийэн ыйытар.

      – Туох да кэргэним суох, аҥаардас киһибин.

      – Кэргэннээҕиҥ буоллар, кини көрүө, көмөлөһүө этэ, – диэн баран Харатаайап кулуба, уол аҥаардаһын аһыммыт курдук, үөһэ тыынан ылар. «Оҕом Маайа бу уолу сөбүлүү көрөр ээ, быһыыта», – диэн санаа оҕонньор өйүгэр охсуллан ааһар. Кэпсэтиилэригэр тардыллан балачча уһуннук остуолтан турбаттар. Дьиэлээх тойон хоноһотун атын хамначчыт уолаттарынан булгуттаран, далга аһаттара ыыттарар.

      Бу киэһэ Харатаайап кулубалаах хойутаан утуйаллар. Оҕонньор эдэр хоноһотунаан олох-дьаһах туһунан бэрт элбэҕи кэпсэтэллэр, дойҕохтоһоллор. Киэһэ хойут сыппыт дьон сарсыарда күн үөһэ ойбутун кэннэ тураллар. Аһыыллар. Харатаайап кулуба бүгүн быраабатыгар эмиэ барбат, өрөөн хаалар.

      Күн ортотун саҕана хоноһолоро бараары тэринэр. Сэмэн Уйбаанабыс оҕонньор кини атын көлүйтэрээри таһырдьа тахсар. Маайа, уол бараары тэһииркээбититтэн хомойон, саҥата-иҥэтэ суох, кэри-куру буолар. «Чэ, бардаҕа, – дии саныыр. – Аны хаһан эмэ охсуллан ааһар дуу, суох дуу?»

      Аҕата таһырдьаттан киирэн иһэр атаҕын тыаһын истэн: «Аккын көлүйдүлэр», – диэҕэ диэн Маайа таалан турар. Харатаайап кулуба буоллаҕына киирэн, аа-дьуо таҥаһын сыгынньахтана-сыгынньахтана, ыалдьыт уолга кыыһа букатын күүппэтэҕин этэр:

      – Дьэ, доҕор, атыҥ аанньа аһаабатах… Айаныгар улаханнык илистибит, сылайбыт быһыылаах…