Булумньу оҕо. Татьяна Находкина. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Татьяна Находкина
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3423-9
Скачать книгу
аайы нэһилиэнньэ Сэмэн Сэмэнэбиһи бу-руйдаабыттыы көрөр курдуктар. Баҕар, санаатыгар буолуо. Убайа Мэхээлэ иһэриттэн ордон урууга-аймахха улаханнык бэһирбэт буолуохтаах, онон Стасикка наһаа этэ-кигэ сылдьыбата ини. Алевтиналыын ханнык эмэ сүбэ-ама буллахха табыллыыһы. Ити уол кини аҕатын көрбүтүнэн төрөөбүт киһи. Тиэрэ бырах, умса уур – аҕата аҕатынан. Дьиҥинэн, сыыспыт эбит, кыра эрдэҕинэ соҕотох уолугар ханыы оҥостубута буоллар, туох куһаҕаннаах буолуо этэй?

      – Утуй эрэ, өрүтэ уһуутааҥҥын киһини утуппаккын. Күндү бэйэлээх бырааккын саныы сытаҕын дуу? – Алевтина хаҕыс саҥатыттан сиһин ороҕунан тымныы сүүрээн билиннэ. Итинник дьэ, киһини өһүргэтэр гына куруубайдык саҥардаҕына табыллар. Биирдэ эмэ киһилии сымнаҕастык кэпсэтэр кэлиэ дуо, суох буоллаҕа. Эмискэ-эмискэ тэһэ биэрэн саҥарыахтааҕар саҥарбатах ордук. Кэргэнин хас саҥатыгар суолта биэрэн, аахсан истэҕинэ, ыал буолан олох олорботторугар тиийэллэр. Онон билигин да аахса барбакка, кэргэнигэр көхсүн көрдөрөн, истиэнэ диэки хайыһан суорҕанын саба тардынна.

III

      Стасик, минньигэс баҕайытык утуйа сытан, киһи хардьыгыныырыттан уһуктан кэллэ. Түргэн үлүгэрдик ойон тураат, оронугар тиэрэ түһэн сытар убайын ойоҕоһунан эргитэ тарта, иннигэр суунар тааһы чугаһата аста. Куруутун итинник, хаһан эрэ хотуотугар тумнастан өлөрө буолуо. Пенсията кэллэҕинэ, бүтүөр диэри, тохтообокко пиибэ иһэр. Өссө кини пособиетыттан, опекун буоллаҕа буолан, кытта тардыалаһар. Пиибэттэн ыалдьар, уйбат буолан баран тоҕо иһэрэ буолла? Күн ахсын кинини кэтиэххэ наада. Куу-хаа диэн бүттэ быһыылаах, идэтинэн эмиэ кэтэх тардыстан дьиэ үрдүн маһын хас хайаҕаһын ааҕан эрэрэ буолуо. Стасик электрическэй плитканы холбоон чэй оргута уурда. Чэй оргуйуор диэри, иллэҥ киһи быһыытынан, сытан ыларга сананна. «Күн ахсын маннык: бииртэн-биир хатыланар. ¥лэ да, үөрэх да суох. Хантан эмэ пиибэ булан испит киһи диэн толкуй эрэ баар. Саатар биир эмэ күн сылаас, ыраас дьиэҕэ тото-хана аһаан баран дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн телевизор көрө сыппыт киһи…»

      Стасик куруутун тиийиммэт-түгэммэт олохтон, пиибэ сытынан аҥкылыйар курас тыыннаах, тымныы, киһилии миэбэлэ суох дьиэтиттэн сылайда. Сир уларытан барыан баҕарар да, ханна барыай? ¥өрэххэ барыан биир кэлим экзамеҥҥа быйыл эмиэ кыайан киирбэтэ. Хайа кыаҕынан туттарыай? Сатахха СПТУ-тун бүтэрбэккэ, былырыын саас быраҕан кэлбитэ. Онно үөрэҕин түмүктээбитэ буоллар, баҕар, быйыл оскуолатыгар экзамен туттарара хаалла. Сураҕа, испииһэккэ киирбит буоллахтарына, БКЭ-ни туттарыахтарын сөп үһү.

      «Арай быйыл күһүн СПТУ-га үөрэммитин туһунан ыспыраапка аҕалан киэһээҥҥи оскуола уон биирис кылааһыгар үөрэммит киһи. Баҕарар буоллахпына, миигин да үөрэтэллэр ини. Оччоҕо бу кэр-дьэбэр олохтон куотуом этэ, атын оҕолор курдук кыһанар ийэлээҕим-аҕалааҕым буоллар тоҕо үчүгэйгэ тардыһыам суоҕай? Уруу-аймах да суох. Игнатьев Сэмэн Сэмэнэбиһи аҕаҕынан убайыҥ дииллэр. Оччоҕо Витя быраатым буолар эрээри, кинилэр миигин бэйэлэригэр