– Харчытааҕар билии ордук дииллэр, – диэн киҥинэйэн көрдө да, дьоно харчыларын ааҕалларыттан-суоттуулларыттан ордон истибэтилэр даҕаны. Ника кууркатын аҥаар сиэҕин булбакка, кэтэн буллугунайарын быыһыгар ыксал бөҕөнөн ааны былдьаһан эрэрин көрөн, Витя саппай уобуста.
– Витя, биир операцияҕа сылдьар иэскин умнума, – диэн Стасик хаһыытын кытта тэҥҥэ дьиэ аана «лип» гына сабылынна.
– Ити киһи саҥатын улахаҥҥа уурума. Оннооҕор буолуоҕу куолулааччы. Эн ийэлээх-аҕалаах киһи быһыытынан наһаа биһиги суолбутун солоомо, хайдах эмэ гынан дьалты тутун, үчүгэйгэ тириэрдиэ суоҕа, – Ника сэргэстэһэ хааман иһэн бөтүгүрээтэ.
– Итиччэ үчүгэйдик барытын ырыҥалыыр эрээригин тоҕо кинилэри кытта куодарыһаҕын? – Стасик «уҥа илиитэ», дьон барыта солуута суох киһинэн ааҕар киһилэрэ үчүгэй өттүгэр тардыһарын билэн Витя эмиэ да соһуйа, эмиэ да сөбүлүү иһиттэ.
– Мин туһум туспа. Киһини өйдүөхпүттэн дьон сирэйин-хараҕын, илиитин-атаҕын кэтээн улааппытым. Чэ, мин саҥарбыппын умун. Кэлин кэпсэтиэхпит, – Ника, уол саннын ытыһынан охсон «тэп» гынаат, маҕаһыыныгар ыксаан, сүүрэн ыһыллаҥныы турда.
Дьиэ иһэ уу чуумпу. Чаһы эрэ таллыргыыра иһиллэр. Бэс маһынан бүрүллүбүт сырдык хоско «Pentium-4» компьютер, кабельнай плазменнай «Samsung» телевизор, музыкальнай центр, дьиэтээҕи кинотеатр, дивиди – барыта орун-оннугар турар, сүрдээх сатабыллаах, кы-һамньылаах илии туппута, бэрээдэктээбитэ харахха быраҕыллар. Витя биир кэлим экзамеҥҥа бэлэмнэнэн сыппыта нэдиэлэ буолла. Ийэтэ дьиэттэн таһаарбат, кэлэрин-барарын кытаанахтык хонтуруоллуур, консультацияҕа доппуруос бөҕөнөн барар. Бэйэтэ да Стасиктан тэйбитин астына саныыр. Дьиэтигэр соҕотоҕун хааллаҕына, төһө кыалларынан, төлөпүөҥҥэ чугаһаабат. Хайдах да тырылаатын. Урут Стасик тарбаҕын хамсатыа эрэ кэрэх, умса-төннө түһэн сүүрбүтүнэн барара. Ника сүбэлээн этиэҕиттэн санаата бөҕөх, утарсыан санаталыыр. Былырыыҥҥыттан быһа араастаан киирэн-тахсан харчы бөҕөнү тастарда. Нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ биирдии мөһөөҕү ыллаҕына ыраатар. Ааҕыан саллар. Экзамеҥҥа бэлэмнэнэр ааттаах да, учебнигын арыйдар эрэ, халтаһата ыараан, хараҕа сабыллан барар.
Төрөппүттэрэ үлэлэриттэн кэлиэхтэригэр диэри кыһалҕата суох утуйар. Аан аһыллар тыаһын иһиттэҕинэ, олоро биэрэн, аахпытынан-суруйбутунан барар. Ийэтэ уола күнү быһа уруок ааҕарыттан астынар ахан, ыллаан киҥинэйэрин быыһыгар лууктаан-тумалаан кэтилиэт, эт буһаран сардьыгынатар. Киэһээҥҥи аһылыктарыгар арыы-сыа иҥмит тотоойу аһылыгы аҕатынаан астына мотуйаллар.
– Хайа, бүгүн төһө элбэҕи аахтыҥ? Консультацияҕар сырыттыҥ ини? – ийэтэ ас астаан икки иэдэһэ тэтэрэ кыыспыт, кыһыл, күөх хаймыылаах фартугунан сап-сыммахтаан ылар.
– Тугу аахпыт үһүө, сэрэйдэхпинэ, оҕонньор утуйан оҥторо сытта ини, – аҕата хортуоппуйдаах кэтилиэти мотуйарын быыһыгар күлэн күһүгүрүүр.
– Эн