Булумньу оҕо. Татьяна Находкина. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Татьяна Находкина
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3423-9
Скачать книгу
сантаастаан харчы хоро тастарбыта үчүгэй дуо?

      – Акаары буоллаҕына, таһан көрдүн.

      – Тоҕо эрэ атын уолаттарга кыһаммат, эн уолгун тыытар. Ити кэннигэр туох эрэ баар, арыгыһыт убайа эппит быһыылаах.

      – Онон туох диэри гынаҕын?

      – Туох толкуйдааҕын убай киһи хаан-уруу бы-рааккыттан миигинэн салҕаммакка эрэ бэйэҥ ыйыттаҕыҥ дии… – Алевтина кэргэнигэр өс саҕа буолан, тылынан хайаан да тыытыһан, куруубайдык эппиэттээн тэйэр.

      Сэмэн Сэмэнэбис кэпсэтэн да диэбиттии түҥнэри хайыһан сытта. Алевтина сааһырдаҕын ахсын майгыта-сигилитэ эбии боростуотуйан, тугу да сүгүн истибэт, кыыһыран өрө татыакалана түһэр. Аҕатынан киирэрэ-тахсара сүүрбэччэ сыл тухары ыстаабыт ыаһа, кэбийбит килиэбэ буолар. Аҕата Сэмэн уон төгүл олоххо интэриэстээх, киирбит-тахсыбыт сытыы, иһэ-рин-аһыырын таһынан күүлэйдиирин да сөбүлүүрэ. Кыаһаан сирэйигэр сүрдээх киэҥник арылыччы көрбүт харахтаах, үрдүк көнө уҥуохтаах, сахаҕа тас көрүҥүнэн кыраһыабай оҕонньор этэ. Кини аҕатын баппатах, ийэтинии лаппычах уҥуохтаах, оҕо эрдэҕиттэн, кыыска дылы диэн, ньыламан маҥан сирэйин сөбү-лээбэт, эбиитин кыараҕас харахтаах, сымнаҕас майгылаах. Аҕата үйэтин тухары түптээн-таптаан биир тэрилтэҕэ үлэлээбэтэҕэ. Дьиҥинэн, үрдүк үөрэхтээх зоотехник эрээри, идэтинэн үлэлээбэккэ, тэрилтэлэргэ кочегарынан, харабылынан, тас үлэһитинэн үлэлээбитэ. Кырдьан баран кылыыһыт буолбукка дылы, 55 сааһыгар эдэр сүүрбэлээх кыыһы булбута. Аҕаларын саҥа тапталын дьиэнэн бары утарса сатаабыттара да, кыайбатахтара. Дьиэ кэргэҥҥэр эргилин дии сатаабыттарын, оҕонньордоро ким да «ыйааһыннаах» тылын истибэтэҕэ. Эдэр дьахтар тапталыттан эдэригэр түспүтэ, саҥа тапталын таҥара гынан үҥэрэ. Сыл ааспатаҕа, тапталлааҕа сонуна ааһан, эр киһини муор-туор тутара харахха быраҕыллыбыта. Кини Инна диэн. Даниловтар күҥҥэ көрбүт мааны кыыстара этэ. Дьиҥинэн, Инна «суорҕаныттан суоһаан, тэллэҕиттэн тэбиэһирэн, сыттыгыттан кыыһыран» силбиэтэммит, киһи улаханнык ымсыырбат дьахтара. Ыараханын билээт, куораттаан хаалбыта. Аҕалара дьиэтигэр харыс хаалан, сүөм түһэн эргиллибитэ эрээри, буруйдаах курдук туттубатаҕа, хата, санаата түспүт аатыран дэлби испитэ-аһаабыта. Эдэр таптала оҕотун төрөөт дьонугар Даниловтарга хаалларбыт, эдэр киһини кытта хоту күрээбит сураҕын истэн оҕонньор сүрэҕинэн охтубута, онтон өрүттүбэтэҕэ, сыл устата суорҕан-тэллэх киһитэ буола сытан тыына быстыбыта. Сэмэн Сэмэнэбис ийэтэ эрэйдээх кэргэнин оҕолуу бүөбэйдээбитэ, уһугулаан сытан «Айыылаах дууһаны бырастыы гын» диэн соҕотох биир этиини оҥорбута. Кэмсинэрэ диэн ийэтэ этээхтиирэ да, билбит суох, ол дьахтарын ахтан-санаан, кырдьар сааһыгар олохтон охсуу ылан, кылгас үйэлэннэҕэ. Дьиҥэр, 57 саас эр киһиэхэ саас буолуо дуо, өссө да олох, үлэ үөһүгэр олоро түһүөхтээҕэ… Куораттан аймахтара Даниловтарга үс ыйдаах оҕону таһааран биэрбиттэрэ. Данилов Станислав Семенович диэн сүрэхтээбиттэрэ, Сэмэн хаан-уруу бырааттаммыт аатырбыта эрээри, бэйэтигэр чугастык ылымматаҕа. Инна төрөппүттэрэ бэйэлэрин кыахтарынан уолу маанылаан ииппиттэрэ. Биллэн турар, пенсионер дьон кыахтара биллэрэ. Оҕо кытаанах эттээх-сииннээх