Кинилэр оннуларын булан, соннорун тэлгэнэн олордулар уонна кэпсэтиилэрин салҕаатылар.
– Мин оскуолаҕа туох баар үөрэхтэн ордук төрөөбүт суругу-бичиги сөбүлүүрүм. Этэргэ дылы, саҥаран баран кэлээр диэбит ыччаттара буоллаҕым. Оттон нуучча тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр кэлэммин ыыны-ааны араарбат баллыкы буолан хааларым…
– Санаарҕаама, Баһылай, эн тылга дьоҕурдааххын. Нууччалыы эмээскэҕинэн кытта саҥаран бырдырҕатар-тырдырҕатар буолуоҕуҥ, – Миитэрэй күлэн симириктээтэ. – Оттон мин… – кынтаччы туттан, халлаан диэки көрдө. – Сэрии кэнниттэн арамаан суруйуоҕум. Ол гынан баран, онтум сахалыы буолар дуу, нууччалыы буолар дуу, ону билиҥҥитэ билбэппин… Чэ! – уҥа илиитинэн салгыны быһа курбуулаата. – Сахам тылынан даҕаны суруйдахпына, нууччалыы тылбаастаныаҕа. Оччоҕо ону эйэлээх олоххо дьулуһар, эйэлээх халлаан анныгар олоруон баҕарар бары сэбиэскэй дьон, ону ааһан, Сир шаарын бары омуктара ааҕыахтара! – эмискэ төлө биэрэн, араатардар курдук эрчимнээхтик, төлөннөөхтүк саҥарда уонна, онтуттан бэйэтэ соһуйбуттуу, уһун хара бэскитин уҥа илгистэн кэбиһээт, кэпсэтии хайысхатын уларытта. – Иһит эрэ, Баһылай, ити Дьокуускайга, хомуйар пууҥҥа, тоҕо хамыыһыйаны хос барбатаххыный? Эн хараҕыҥ мөлтөх эбит дии? Сэриигэ барбакка, дойдугар хаалыаххын сөбө…
– Тугуй, эн хаалыаххын баҕараҕын дуо, Миитэрэй? – Баһылай ыйытыытыгар тимир-тамыр дорҕооннор иһилиннилэр.
– Эс, ол мин хараҕым мөлтөх үһү дуо? – доҕоро кини ыйыппыт уоҕуттан ымыттан даҕаны көрбөтө. – Чахчыта, олоххо эҥин-эҥин быһыы-майгы баар. Сорох куттанан, туох эрэ ньыманан-албаһынан боруонньа ыла сатыыр, оннооҕор соруйан илиилэрин-атахтарын эчэтинэр эбэтэр букатын даҕаны күрэнээччилэр, дэһэртиирдэр бааллар. Ол иһин дьиктиргээн ыйытабын.
– Ээ, ити мин соруйан үтэн-анньан, оонньоон ыйытабын, убайбын эрэнэбин бөҕөтө буоллаҕа, – Баһылай өрө күүрүүлээхтик саҥаран добдугуратта. – Быраастар сиитэлэрин бу даҕаны сырыыга мүччү түстүм эбээт! – астыммыттыы ытыстарын суураланна. – Мин сэрии саҕаланыаҕыттан боруоҥҥа бара сатыыбын. Сэрии саҕаламмытын биллэрэр кэмнэригэр Дьокуускайга артыыска үөрэнэ сылдьыбытым. Кэпсээбитим дии, умна оҕустуҥ дуо?
– Омунуҥ бөҕөтө, – Миитэрэй күллэ. – Тоҕо умнуохпунуй, доҕоор. Манна диэн эттэххэ, Таанньа эмиэ артыыс буолар ыра санаалаах.
– Оскуолаҕа миигин кытта үөрэммит оҕолор ким учуутал, ким быраас, ким байыаннай буолуохтарын баҕараллара. Оттон мин кыра кылаастартан артыыстары наһаа сөбүлүүрүм. Холкуос кулуубар биир да оонньууну, туруорууну көтүтээччим суох. Оонньуур дьон хас биирдии туттууларын-хаптыыларын, хамсаныыларын, тылларын айахпын аллаччы атан олорон бүтүннүү сүһэн, түһэрэн ыларым. Онон култуура