Ийэлэриэм, мин кэллим!... Арчылан. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Арчылан
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6602-5
Скачать книгу
быһаарда. – Кэлин ааҕаар. Хата, билигин бэйэҥ тускунан кэпсээ. Салгыы хайдах буолбутай?

      – Куоракка киинэҕэ үлүһүйэн туран сылдьан барбытым. Сайын пааркаҕа көрдөрөөччүлэр дии. Онно киэһэ аайы кэриэтэ тиийэ турабын. «Чапаайап» диэн киинэҕэ иккитэ сылдьыбытым. Оттон «Бэсүөлүйэ эрэбээтэҕэ» үстэ, – Баһылай, ордук итэҕэтиилээх буоллун диэн дуу, тарбахтарын саратан көрдөрдө. – Туох даҕаны уубар-хаарбар киирэн, тугу барытын умнан туран көрөрүм.

      – Ньыыкан Табунааһап курдук киинэ артыыһа буолуоҥ хаалбыт быһыылаах, – Миитэрэй быһа түстэ. – «Кэҥсик-муҥсук сыттардаах киһи» диэн ыллыаҥ этэ, һэ-һэ…

      – Ол кимий? – Баһылай дьиктиргээтэ.

      – «Аэроград» диэн киинэҕэ уһуллубут саха киһитэ, артыыс. Сураҕа, Олоохуна Кыыллааҕа үһү. Москубаҕа үөрэммит.

      – Тыый, Москубаҕа?! Хаарыан киинэни көрө илик эбиппин. Сахалар тустарынан дуо?

      – Чукчалар тустарынан. Ол гынан баран, чукча уолун оонньуур Табунааһап хантан кинилэр ырыаларын билиэй? Ол иһин, дьэ, «кэҥсик-муҥсук» диэн ыллыыр, – Миитэрэй ис-иһиттэн тартаран күллэ.

      Оттон Баһылай сөхпүтэ бэрдиттэн күлбэтэ даҕаны, онтон:

      – Хайдах оннук буолуоҕай?.. – диэн бэркиһээбиттии ботугураата. – Убайым оҕонньор, тугу эрэ халытаҕын быһыылаах…

      – Кырдьык-кырдьык, – Миитэрэй кэтэҕин тарбана олорор доҕорун көрөн мүчүҥнээтэ. – Чэ, эн онтон санаарҕаама. Кэпсээҥҥин ситэр. Аралдьыйа тураҕын дии…

      – Бэйэҥ аралдьытаҕын буолбат дуо? – Баһылай өһүргэнэн өрөһөлөммүтэ, охсуоламмыта буолла, онтон дьоһумсуйда. – Чэ, иһит. Онтон биирдэ, өрбөххө кичэйэн ахан суулаан, сиэппэр укта сылдьар харчыбын бүтүннүү уордардым. Дьэ, ыраастык ылбыттара. Инньэ гынан, били саҥа таҥас, тэтэрээт, кинигэ ыларым барыта хаалаахтаатаҕа дии… Үҥсэн туһа суох. Аһыннарар-атаахтыыр кимим да эмиэ суох. Онон онно-манна быстах-остох үлэлииргэ күһэллибитим. Сотору куорат олоҕор, үөрэхпэр сыстан барбытым. Нууччам тыла эрэ атахтыыра. Дьэ, эрэй диэтэҕиҥ! – быһыта чыпчырынан кэбистэ. – Сайыҥҥы сынньалаҥҥа дьиэбэр, дьоммор барбатаҕым. Бэйэҥ билэҕин, Бүлүүгэ диэри сэттэ сүүс биэрэстэни атынан барыахха диэтэххэ абытай ээ. Оттон борохуокка – харчы. Аны төннөрүм баар… – Баһылай, саллыбыттыы, баһын быһа илгиһиннэ. – Эн син биир Алын Бүлүү киһитэ буоллаҕыҥ, билэҕин буоллаҕа.

      – Билээн-билэн. Өрүһүнэн даҕаны айан бэрт уустук. Оннооҕор биһиги Сангаарбытыгар тиийэр ыарахан. Бүлүү устун дьону таһар биир эрэ борохуот сылдьар дии. «Пропагандист» диэн ааттаах. Иллэрээ сыллаахха, сэрии иннинэ, кыайан билиэккэ тиксибэккэ хааллыбыт. Онон, бэһиэ буолан, биир дойдулаах устудьуоннар, дьон сүбэлээн, кыттыһаммыт кунгаас атыыласпыппыт. Үс мөһөөх алта уон солкуобайга. Биэс киһини холкутук уйар, куормалаах улахан оҥочо. Уонна соннук эрдинэн Сангаарга тиийбиппит. Эдэр, эрчимнээх буоллахпыт. «Эбэбит эйгэтэ, сири-дойдуну, айылҕаны көрүөхпүт, уу, салгын!» – дэспиппит баара. Ол да буоллар, сүүрүк хоту буолан эрэ санаммыппыт. Аны туран, омуммутугар, ыксалбытыгар