Ийэлэриэм, мин кэллим!... Арчылан. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Арчылан
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6602-5
Скачать книгу
лаппа саастаах кырдьаҕастар оннук дииллэр. Оттон бэйэлэрин ыккардыларыгар сэмээр Эдьиий Даайа диэн ааттаан кэпсэтэллэр.

      – Миэхэ даҕаны оннук айылаах соһо сылдьар сонунум суох. Кэпсээн кэмчи. Өлүөр олоробут, амабыт. Ол буоллаҕа дии, сүрүнэ диэн. Этэҥҥэ буоллахха, атына даҕаны бэтэрээ сэгэтинэн буолар куолута, – Эдьиий Даайа оннун булан олордо. – Бу Хоту Күндэҕэ тиийэ сырыттым. Онно халдьаайытын саҕатыгар ураты эмтээх суорат от үүнэр. Уонна төннөн иһэн билсэ-көрсө диэн таарыйдым.

      – Ээ, сөбө-сөбө. Таарыйбытыҥ олус бэрт дии, – Мотуруона хончоҕордорго чэйин кута-кута сэҥээрдэ. – Чэ, чэйдээ, эдьиэй.

      – Чэйдээн бөҕө. Балай эмэ сири хаамтым ээ, хотуой. Омос санаатахха, онно үүммүт суорат от, манна үүммүт суорат биир буолуохтарын сөп курдук этэ даҕаны, дьэ, улахан уратылаах буолар. Сир-дойду иччитэ ааттыын Аан Алахчын диэн эбээт. Барыта ала-тала. Үкчү буолбат. Аны туран, күнүттэн-ыйыттан эмиэ тутулуктаах. Бу суорат от, бэс ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри биир кэм силигилии тыллар даҕаны, от ыйыгар ордук уохтанар. Ону даҕаны сүмэтэ баччаларга, Ый толонугар, муҥутуу хойдор. Киһи-дьахтар имэҥэ-дьалыҥа эмиэ туолбут Ыйга күүскэ киирэр буолбат дуо, Мотуруона-а? – удаҕан дьахтар хараҕар көрдөөх кыымнар кылахачыстылар.

      – Ээ, дьэ, буолуо-буолуо… – биирдэрэ ылбат-биэрбэт ыккардынан хоруйдаата, былаатын көннөрүммүтэ буолла.

      Эдьиий Даайа ону көрөн мүчүк гынан ылла, лэппиэскэ тоһуттан дагдаҕа умньаан айаҕар угунна.

      – Чэ-чэ, хотуой, кырыллыбытынан кыыс курдук кыбыста, кэмчиэрийэ олоруоҥ дуо? Сонуҥҥун ыһа-тоҕо кэпсээн ис. Дабыыт холкуос үлэтигэр сылдьар дуо?

      – Онно-онно. Тутуу маһын тиэйиигэ сылдьаллар. Сыдыбылга норуот дьиэтин туталлар дии. Онно. Үрдүгэр хоно сылдьан үлэлииллэр.

      – Билэн-билэн. Эһиги холкуоска киирбиккит хайдах эбит?

      – Бэйэ дьаһанан олороро табыллыа суох диэн, манна көһөн кэлээт да киирбиппит. Биир уулаах бургунаспытын хаалларан бараммыт, атын сүөһүбүтүн холбообуппут. Онон билигин бэйэбитигэр икки төбөлөөхпүт.

      – Оннук. Саҥа олох кэллэ… – Эдьиий Даайа, Мотуруона сирэйин-хараҕын тонолуппакка көрө-көрө, хончоҕорун уунна. – Чэйиҥ минньигэһэ бэрт эбит. Били Бүлүү «Холбоһугар» кэлбит сэбирдэх чэй дуу?

      – Ол-ол. Сааһыары Дабыыт айанньыттары кытта аарааҥҥа диэри киирэ сылдьан булан-талан тахсыбыта.

      Эдьиий Даайа чэйдээх хончоҕорун иннигэр уурунна уонна эмискэ ыйытта.

      – Хотуой, туохтан эрэ олус долгуйбут көрүҥнээххин, дьэ эрэ, миэхэ барытын кырдьыгынан ыраас мууска курдук ууран биэр эрэ. Санааны-оноону тутан сылдьыллыбат баҕайыта. Тимири – дьэбин, киһини санаа сиир. Чэ, кэпсээн кэбис.

      – Уолбар бэйэм төрөппүт оҕом буолбатаҕын туһунан эттим…

      – Ону кини?

      – Билбэтим… Барытын өйдөөтө курдук…

      – Бэйэтэ билигин ханна баарый?

      – Хабыалыын балыктыы ыстаммыта, – Мотуруона сирэйигэр сырдык мичээр охсуллан ааста. – Доҕорунаан. Бэрэссэдээтэлбит Уоһук уола.

      – Ээ,