Кэлин убайым аах туохха түбэспиттэрин ийэбиттэн билбитим. Таҥхаһыттарбыт бастаан сайылыкка тахсан дьагдьайыахтарыгар диэри сэргэни кууспуттар да, тугу да истибэтэхтэр. Онтон салгыы ойбон таһыгар олорбуттар. Ол олордохторуна мууһу ортотунан аттаах дьон кэлэн аттарын уулатан барбыттар. Биир киһилэрэ, «сайын ардахтаах буолуо» дии-дии, таҥха истээччилэр төбөлөрүгэр уу куппут, онтуката хайдах эрэ ардах таммалыырын курдук үһү. Онтон: «Илэ абааһы мин кэлэн турабын. Кэпсээммин тулуйан истээри, кэлэн хоноһон олороҕут дуо?» – диэн баран, тугунан эрэ сискэ охсубут уонна суордуу кыламмыт. Иһиллээччилэр куттанан, саптыбыт суорҕаннарын киэр эһэн баран, бууттара быстарынан дьиэлэрин диэки куоппуттар. Онно хайалара да кэннин эргиллэн көрбөтөх буолан, туохха түбэспиттэрэ биллибэккэ, кистэлэҥ буолан хаалбыт.
И.С. Хоютанов
Кыра оҕо курдук быһыылаах-таһаалаах, кытархайдаҥы кугас тура сылдьар баттахтаах, сырдык кугас харахтаах, оройунан көрбүт мэник дьиэ иччитэ. Сороҕор сыгынньах, сороҕор тирэпиискэ-ирэпиискэ таҥас дуомалаах буолар. Дьоҥҥо улахан куттала суох эрээри, өһүөмньүлээх майгылаах, тугу эмэ сөбүлээбэтэҕинэ, иэстиһиэн, соруйан куһаҕаны да оҥоруон сөп.
Чөчүөккэ диэн кимий-тугуй?
Үксүгэр дьиэҕэ соҕотох хаалбыт оҕоҕо көстөр;
Оҕоҕо олус түргэнник сөбүлэтэр, доҕордоһор;
Оһох кэннигэр олорор;
Улахан дьонтон куттанар;
Аһа салгын курдук, киһи сиэбитэ-сиэбэтэҕэ биллибэт буолар үһү;
Киһи аһын аһаабат;
Араас элбэх оонньуу көрүҥүн билэр;
Сөбүлүүр оонньуурдара: мас ынах, тырыыҥка, хабылык, күүгүнэй;
Э.К. Пекарскай суруйарынан, чөчүөккэ диэн «дух, перенятый от русских, представляется в виде рыжеволосой девочки с неравными ягодицами».
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.