Таҥха күннэрэ
Саха өйдөбүлүнэн, сүллүүкүттэр тохсунньуга, таҥха кэмигэр, олохтоох ууларыттан сир үрдүгэр аҕыйах хонукка тахса сылдьан баран, төннөллөр. Бастаан уот оттооччулар суолу арыйаллар, өтөхсүйбүт дьиэлэргэ, балаҕаннарга олохторун бэлэмнииллэр, онтон кинилэр кэргэннэрэ, оҕолоро, кырдьаҕас өттүлэрэ тахсаллар. Бу кэмҥэ таҥха күннэрэ үүнэллэр, төлкө иһиллээһинэ саҕаланар.
Таҥха кэмигэр куһаҕан тыынтан харыстаныы:
Сүллүүкүттэртэн сэрэнэн, тымтыгынан аан, түннүк үрдүнэн, дал, хотон айаҕар кириэс саайаллар;
Киһи кута барсыа диэн таһырдьа таҥас хаалларбаттар;
Ойбонтон уу баспаттар;
Абааһылар аймахтаһар ыйдара диэн уруурҕаһыыны оҥорботтор;
Ордук хос тыл-өс тахсара сатаммат.
Былыргы таҥха көрүҥнэрэ
Өбүгэлэрбит сүллүүкүттэртэн илэ бэйэлэриттэн дьылҕаларын истэллэрэ билигин үһүйээн буолан ахтыллар.
Ол курдук, былыр сахалар, инникилэрин билээри, тохсунньу тоһуттар тымныытыттан толлубакка, алаас ортотугар өтөхсүйбүт балаҕаҥҥа саһан олорон, баҕар, сүллүүкүттэр киириэхтэрэ диэн кэтииллэрэ. Таба тайаннахтарына, кинилэр талбыт балаҕаннарыгар киһи диэхтэрин киһи буолбатах, кыыл диэхтэрин кыыл буолбатах дьикти күтүрдэр киирэн буолаары турар уларыйыылары, күн-дьыл хаамыытын – барытын кэпсэтэллэр эбит. Онно дьон, баалларын биллэрбэккэ, иһийэн олордохторуна, дьылҕаларын билэллэрэ.
Иккис таҥха көрүҥэр: өбүгэлэрбит түүн оройо ойбон аттыгар халыҥ таҥаһынан бүрүнэн олорон, сүллүүкүттэри кэтииллэрэ. Уу иччилэрэ ойбонтон таҕыстахтарына, кинилэри тула эргийэ сылдьан, төбөҕө сүр ыарыылаахтык охсо-охсо, дьылҕаларын кэпсээн саҕалыыллара. Дьон ону тулуйан олордохторуна эрэ, инникилэрин билэллэрэ.
Бу көрүҥнэринэн кытаанах санаалаах эрэ дьон таҥхалыыллара. Тоҕо диэтэххэ, өскөтүн таҥхаһыт куттанан хаһыытаатаҕына-ыһыытаатаҕына, сүллүүкүҥҥэ баарын биллэрдэҕинэ, бу киһи дьылҕата уһаабата.
Аныгы таҥха көрүҥнэрэ
Буосканан сэрэбиэй
Чүмэчи буоскатын бытарытан баран, улахан ньуоскаҕа ууран, атын умайа турар чүмэчи үрдүгэр тутан ууллараллар. Онтон тымныы уулаах иһиккэ куталлар. Ол кэннэ тоҥмут буоска быһыытынан билгэлэнэллэр. Холобур, массыына, сөмөлүөт курдук быһыылаах буоллаҕына – ыраах айаҥҥа.
Иннэнэн сэрэбиэй
Икки иннэни сыанан сотон баран, тымныы уулаах бүлүүһэҕэ угаллар. Иннэлэр бэйэ-бэйэлэрин таарыйыстахтарына, таптыыр киһигин кытта сыһыаҥҥыт тупсуо диэн сабаҕалыыллар.
Кинигэ ааҕыыта
Бу сэрэбиэйгэ хас да киһи кыттыан сөп. Халыҥ, сахалыы тылынан суруллубут кинигэни ылаллар, чүмэчи уматаллар. Сэрэбиэйдээччи иһигэр тугу билиэн баҕарарын таайар, хараҕын симэн баран түбэһиэх сирэйи арыйан, түбэһиэх этиини эмискэ ыйаат, төлкөтүн ааҕар.
Кумааҕы күлүгүнэн сэрэбиэй
Халыҥ кумааҕыны,