Кистэлэҥнээх Саха сирэ. Группа авторов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Группа авторов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5507-4
Скачать книгу
тутан ааһар буол;

      Дьиэҕэ иһиирэр сатаммат;

      Дьиэҕэ улаханнык айдаарсар, этиһэр-охсуһар куһаҕан тыыны үөскэтиэн сөп;

      Дьиэ эркиннэрин уһуктааҕынан анньар, алдьатар түктэри.

      Сүрүн иччилэри дьүһүннээһин

      Аал уот иччитэ – Хатан Тэмиэрийэ – киһини араҥаччылыыр уонна көмүскүүр күүстээх. Ону таһынан уот куһаҕан киртэн-хахтан, дьайтан ыраастыыр аналлаах.

      Сир-дойду иччитэ – Аан Алахчын хотун – айыыларга чугаһыыр үтүө санаалаах, орто дойду дьоно этэҥҥэ олороллоругар кыһамньытын биэрэр.

      От-мас иччилэрэ – Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор – дьону батыһа сылдьан, ол-бу куһаҕан тыынтан көмүскүүр, өрүһүйэр аналлаахтар.

      Тыа иччитэ – Баай Байанай – тыа көтөрүн-сүүрэрин, кыылларын-сүөллэрин барыларын бас билэр сүдү иччи. орто дойду дьонуттан кэһиини эрэйимтиэ, кыраҕа да олус үөрүнньэҥ, эйэҕэс майгылаах буолар. Үөрэн-көтөн, санаата манньыйар түгэнигэр булчут киһиэхэ элбэх булду тэбэн биэрэр диэн сахалар итэҕэйэллэр.

      Уу иччитэ – Күөх Боллох Тойон – бу иччи сыһыаныттан балыксыттар, муҥхаһыттар бултуйуулара быһаччы тутулуктаах. Уу иччитэ булт тэрилэ ыраас буоларын сөбүлүүр. Ол иһин эр дьон балыгы бултуур тэриллэрин, илими эбэтэр муҥханы, сыт таһааран арчылыыллар.

      Дьиэ иччитэ – Дьиэрдэ Бахсы – дьиэ кэргэни араҥаччылыыр, дьиэҕэ куһаҕан дьайы киллэрбэт, харыстыыр аналлаах.

      Тиэргэн иччитэ – Элэс Баатыр – ыал олоҕор туох буоларын барытын билэ-көрө сылдьар, дьиэҕэ баар дьону барыларын араҥаччылыыр, куһаҕан тыыны киллэрбэт.

      Хотон иччитэ – Ньаадьы Ньаҥха – хотону, ол иһигэр турар ынаҕы-сүөһүнү араҥаччылыыр, куһаҕан дьайтан көмүскүүр.

      Сэргэ иччитэ – Тойон Түһүмэл – дьиэни-уоту, тэлгэһэни, ол иһигэр олохтоох дьону барыларын араҥаччылыыр, дьайы чугаһаппат, куһаҕан тыынтан көмүскүүр аналлаах.

      Аартык иччитэ – Моһол Тойон, аартык иччитин кэргэнэ Буомча Хотун – бу иччилэр сөбүлүүр дьонноругар аартык суолун арыйаллар, оттон истэригэр киллэрбэтэхтэринэ, арыйбаттар эбит.

      Сир иччитэ оонньооспут…

      Бу түбэлтэ 2007 сыл дуу, 2008 сыл дуу сайыныгар буолбута. Соҕотох хомуһунан туолбут улахан күөллээх сайылыктаахпыт. Аата Хомустаах диэн. Онно үс ыал дьиэтэ турар. Сайын аайы оҕолор мустан оонньуурбут-көрүлүүрбүт… Эбэбит түүннэри тоҕо айдаараҕыт, хаһыытыыгыт, иччилэри уйгуурдаайаҕыт диэн куруук сэрэтэрэ.

      Былыттаах борук-сорук күн этэ. Оҕолор сопхуос саҕана тутуллубут хотон аттыгар «милииссийэлээх уонна үспүйүөннээх» оонньоотубут. Биһиги,«үспүйүөннэр», бары «милииссийэлэртэн» куотар аакка түстүбүт. Мин хотон кэннигэр ойуурга улахан чөҥөчөх аттыгар састым уонна барытын төгүрүйэ көрүтэлии олордум. Арай уҥа өттүбүн көрбүтүм эмиэ мин курдук чөҥөчөх аттыгар биир киһи саһан олорор эбит. Ким буоларын таайбакка, ыйытарга сананным: «Доо, кимҥиний? Милииссийэҕин дуу, үспүйүөҥҥүн дуу?» – диэтим. Киһим эппиэттээбэтэ. Мин дьээбэлээри, «милииссийэбин» дии-дии туран кэлэн, кини диэки хаамтым. Киһим ойон туран ойуур диэки куотар аакка түстэ. Бэйэм да өйдөөбөппүнэн эккирэтэн бардым. Атаҕым анныгар мутук, мас тостор