– Ира-а, тарбахтаах да кыыскын эн, өйдүүгүн, миэхэ фатанан сэлээппэ оҥорбуккун? «Куба» диэн ааттаабытыҥ үкчү этэ буолбаат?! Сыбаайбаҕа кэлбитиҥ буоллар бэйэҥ истэн үөрүөҥ этэ, кыыс бары «хантан атыыласпыккыный» диэн ыйыталаһыы бөҕө. Сүктэр кыыс таҥаһын ыраахтан эрэ көрөллөрө буолуо диэбитим, хата үҥкүүгэ эргийэ сырыттахха кыыс аймах сүгүннээбэтэҕэ дии, устан ылан мээрэйдэнээри баҕа бөҕө. Колям нэһиилэ тохтотолообута. Мин киһиргээн бөҕөбүн, маннык кэрэ көстүүнү дьэ сатыыр дьүөгэлээхпин диэн. Илиитин иһиттэн, тугу да туттун, барыта хамсыы-хамсыы тахсар. Кырдьыга да оннук, сэлээппэбин билигин да ууруна сытабын. Хойут кыыһым эргэ бардаҕына кэтэрдиэм.
– Ол саҕана атын ирдэбиллээх буолуохтара ини. Биһиги саҕана суоҕа бэрдэ. Ол да фатаны хантан ыллым диэбиккиний?
– Хайа, «Холбос» маҕаһыыныттан! Икки фата баар да, атыыламмат диэбитэ атыыһыт кыыс. Хоруопкатын тугунан эрэ быһа кырыйаннар быраактаммыт үһү. Ону Зина эппитэ, итини ылыахха уонна Ираҕа көрдөрүөххэ диэн. Көрдөспүппүтүгэр, нэһиилэ уссуоҥкалааннар, атыылаабыттара. Сүүрэн аҕай кэлбиппит, эн тутан көрөн баран оройго уурунар сэлээппэтэ оҥоруоҕуҥ диэбитиҥ. Наһаа соһуйбуппут, кимнээх эрэ утарбыттара… Өйдүүгүн?
– Өйдөөмүнэ, бу да кыыс! Дэлэгэй иэннээх фаталар этэ дии. Каркааһыгар уолаттарынан синньигэс боробулуоха булларбыппыт. Онтон атына диэн чэпчэки буоллаҕа. Кырдьык, бэркэ табыллыбыта. Оттон мин фаталаммаппын, ол иһин сибэккинэн киэргэттим, бүрүчүөскэҕэ син мээнэ көстүө. Хата, Ленка, хаартыскаҕа түһэрэргэ аппараатта булаар эрэ, саатар биирдэ түһүөхпүт.
Итинник кэпсэтэн, болдьоһон бараннар, сарсыҥҥытыгар ЗАГС-тан тиийэн, докумуону толорор үлэһиттэрин илдьэ холуонньаҕа барбыттара. Лиэҥкэ, сытыы-хотуу бэйэккэтэ, тылыттан маппыта, сутурук саҕа сирэйин аҥаара, харах иччитэ буолан, быччайыаҕынан быччайбыта.
Ира бу манна инники кэлэ сылдьыбыт буолан соһуйбат. Күлүүстэри тыастаахтык халыгыратан, киһи куйахатыгар киириэхтии кыычыгырыыр-лиҥ- киниир тимир ааннары утуу-субуу арыйаннар, атаарар үлэлээх харабыллар кинилэри иннилэриттэн-кэннилэриттэн арыаллаан, эрийэ-буруйа көрүдүөрдэринэн хаамтаран, кыргыттары иһирдьэ аһардылар. Биир хоско киирбиттэригэр, онно олорор дьуһуурунай аҕалбыт сээкэйдэрин ылан, барытын чүүччэйэн көрдө. Максимҥа анаммыт таҥаһы аттыгар турар иккис киһиэхэ ууммутугар, анарааҥҥыта ону туппутунан тахсан барда.
Иралаах Ленаны атын сиргэ илтилэр, баанньыкка киирэр аан хоско маарынныыр кыра холлорооҥҥо «таҥныҥ» диэн хааллардылар. ЗАГС үлэһитэ атын хоско ааста. Сиэркилэ да, туох да суох. Ира сып-сап былаачыйатын кэттэ, баттаҕын көннөрүнэн ободуогун анньынна. Ону Лиэҥкэтэ көннөрөн