Ыйдаҥа түүн. Огдо. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Огдо
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6328-4
Скачать книгу
көх-нэм буолан иистэнэрэ. Тугу эмэ була охсон, аттаран, ойуулаан эҥин күһүҥҥү бэргэһэ, үтүлүк өрө охсон бэлэхтээн соһуталыыра. Оннук, оччолорго баайа оонньуурга хантан киһилии сап кэлиэй? Оттон Ира мэлдьи тугу эмэ баайбыт буолара. Балтыбар Сырдыкка диэн ууп-уһун мап-маҥан саарды өрөн турардаах. Туохтан буолуой? Букатын таайыаҥ суоҕа, баахыла соттор сабын өһүлэн, буот!

      Кини булугас өйүн, сатабылын уопсайынан даҕаны бары бэркиһииллэрэ. Ира ыраата барбакка, «Холбос» маҕаһыыныгар элээрэн тиийэн, күрэҥ дьүһүнүттэн сириллэн атыыга барбатах, сыаната түспүт, 2 эрэ солкуобайдаах чукку бөҕөтүн атыыласпыта. Икки киэһэни быһа онтун аттаран, быһан-отон, мээрэйдээн киэп оҥорон, илбээн-холбоон, Зинаҕа наһаа үчүгэй былааччыйаны тикпитэ. Хотуттан сылдьар тулаайах кыыс үөрүүтүттэн, Ираттан ыйыппакка эрэ, субу тигиллибитин тиирэ кэтээт, киинэҕэ ойбута. Киэһэ дьүөгэтэ кэлэн сэмэлээбитэ уонна итини өссө да ситэрэ илигин эппитигэр, хоско олорор биэс кыыс бэһиэн саҥа аллайбыттара.

      Онтулара кырдьык этэ, өссө үс хонугунан Зина былааччыйатын аллараа өттө, уолуга уонна сиэхтэрин бэлэнньигэ үрүмэ ойуутун курдук сиэдэрэй куруһубанан киэргэммиттэрэ. Ол сабын сатабыллаах Ира били чуккуларын ордугуттан өһүлэн, сиип-синньигэс саптары сыыйталаан, мотуокка эрийбитэ. Онтун инчэтэн баран өтүүктээн кэбиспитэ бэртээхэй сап буола түспүтэ. Ити иис биир ураты албаһынан тигиллибити, киһи эрэ ымсыырыах, олус бэрт түмүктээх бүппүтүн кэнниттэн даҕаны, атыттар үтүктэ барбатахтара. Тоҕо диэтэргин, туттуулаах кыыс ньымата олус мындыр, ылбычча киһи сатыа суох уонна илиини араарбакка, кимиилээхтик үлэлээтэххэ эрэ табыллыах курдуга.

      Онон 80-с сыллардаахха култуурунай-сырдатар училищеҕа үөрэнэр кыргыттар ортолоругар Ира Кынтайаараба уһулуччу болҕомтоҕо сылдьыбыта оруннааҕа. Өскөтүн кини куолаһын эрэ инниттэн эккирэтэ сылдьан билсэ сатыыр уолаттар үгүстэрин ахтыбыт буоллар, ким эрэ булгуччу туох эрэ диэн куоталаһа, эбэтэр туох эрэ омсолооҕу, кини туһугар була сатаан, онно-манна күтүрээн умньуу да сатыа этэ. Ону баара, Ира сыанаҕа тахсан ыллыырынан хаһан да күөнтэспэт этэ. Сатыырын онто да суох, ким да ыйыыта суох, бэркэ билэрэ, тоҕо диэтэххэ кини өссө быыкаатыттан ырыаҕа ылларбыта. Арай, «Оо, ити, ити сылдьар, сопрано куоластаах кыыс, көрүҥ» диэтэхтэринэ, «Ыы, дьэ, ол операҕа ыллыах суох» диэн сонньуйан кэбиһэрэ, тугу да истибэтэхтии туттан ааһа көтөрө.

      Онон оннук! Дьиҥнээхтик кини илиитинэн тутта да, барыта сатанарынан уопсайга биллибитэ. Устудьуоннартан Ираны ким да атаах диэн көрбөт этэ. Хата кини, кэппиэйкэлэрин ааҕынан биирдэ эмэ остолобуойга аһыыр, харчыны мунньунар кыргыттарга куруук өйөбүл күүс буолара, сүбэлии, көмүскүү сылдьар идэлээҕэ. Ол иһин дьүөгэлэрэ кинини, төһө да саастыы буоллаллар, төрүкү да эдьиийдэрин курдук көрөр буолбуттара.

      Куорат киин уулуссатынан Ира бу хааман иһэр. Устудьуон сылларын санаан сүрэхтиин сылаанньыйан ылар. Максим бу кэмҥэ эмиэ устудьуоннаабытым диир даҕаны, кинилэр суоллара биирдэ да тиксибэтэҕэ. Бука, куорат киэҥ, атын-атын эҥээрдэринэн сырыттахтара.

      Оо,