Ыйдаҥа түүн. Огдо. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Огдо
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6328-4
Скачать книгу
эмиэ суох. Барыта тымныы, кытаанах. Туох да үөрүүтэ суох. Хата кэргэннии буолар сибидиэтэлистибэни туттардылар.

      Онтун Ира илдьэ кэлбитэ. Мантан ыла кини «кэргэннии балаһыанньата» суолталаах, ханнык баҕарар кырапааҕа «кэргэннээхпин» диэн суруйар бырааптаннаҕа. Аны пааспарын уларыттарыа, саҥа араспаанньатынан илии баттыыр буолуоҕа. Кыыс арааһы саныыр, оҕо төрөөн… бу кини үһүс төгүлүн араспаанньата уларыйдаҕа. Бастаан Петровтарга төрөөтөҕө. Онтон дьонугар иитиигэ кэлэн Кынтайаараба, итиэннэ эргэ баран Тэптиргээнэбэ буолла. Итинник, үһүс төгүлүн. «Туох ханнык үһүстээх, ханнык эрэ таҥара кинигэтигэр кырдьаҕас суруксуттара түөһэйбитэ дуу, тугу эрэ бутуйан, олохпун барытын булкуйан, сотору-сотору араспаанньа уларытар дьаабыта», – диэн, үһүстээн эргэ барарыгар биир дьүөгэлэрэ дьээбэлэнэн күлбүттээҕэ. Эмиэ да сөп ээ, туох диэн ытаныай, кистэниэй, буолбут буоллаҕа эбээт…

      Бу маннык, сыһыаннааҕы да, сыһыана да суоҕу аҥаар кырыытыттан эргитэн саныы-саныы, Ира оптуобуһунан дойдулаан иһэр. Киһи тобус-толору, хата бу сырыыга олорор миэстэлээх. Ааспыкка, нэһиилэ кыбыллан киирэн, түөрт чааһы быһа дьирэччи тэбинэн туран, айаннаан тиийбитэ. Онно холоотоххо бу сырыыга бэрт бөҕө. Санаатыгар баттатан ситимэ суох толкуйа ыһыллан хаалар. Одоҥ-додоҥ ол-бу барыта кини төбөтүгэр кииртэлиир. Ол быыһыгар оптуобус дьонун ньамалас саҥата хуух-хаах курдук иһиллэр. Ира сокуонунан эрэ, кэргэнэ буолбут Максимын кытта үс күн устата бииргэ биир хоско олорон иһэр. Итиэннэ, буруйдамматаҕына, бэрээдэгэ үчүгэй буоллаҕына, кинини аныгыскы көрсүһүүгэ эмиэ көҥүллүөхтэрэ диэн, ол дойду сокуона суруллан, эркиҥҥэ ыйанан турар. Онтон ордук эрэйиллибэт. Онон, хайыаххыный, таларыҥ суох. Мантан ыла эдэр ыал хатыылаах боробулуоха нөҥүө-маҥаа маарыннаспат олохторо икки аҥыы суолунан устуо турдаҕа…

* * *

      Оттон дьиҥ иһигэр, ити кэнниттэн икки сыл устата Иралаах Максим көрсүспүт түгэннэрэ быстар аҕыйаҕа. Кыыс кэллэҕин ахсын, «Свидание не разрешается» диэн, төттөрү ыыталлара. Тоҕотун ким да быһаарбат. Буруйданан сытар да дииллэр, «ему не положено» диэн кэбиһэллэр да, бүттэҕиҥ. Сурукка ыйытан эмиэ туһа тахсыбат. Хаайыы ис олоҕун таска таһаарар, биллэн турар, көҥүллэммэт. Онон Ира биири санаан кэбиспитэ, үксүн аҕалбыт аһылыгын хаалларан баран төттөрү дойдулууруттан соһуйбат, хараастыбат да буолбута. Максимын аһынарыттан чэрдийбит сүрэҕэ кыра аайы мээнэ-мээнэ тэппэт да курдук быһыылааҕа…

      Ити кэмҥэ кыыстаммыт үөрүүтүн балтын, ийэтин кытта үллэстибит дьоллоох. «Эһэ» диэн ааттаммыт аҕата, кыра киһини наһаа сирбэтэҕэ эрээри, ымманыйа таптыыра эмиэ көстүбэтэ. Кини куруук кэмчи тыллааҕын бары билэр буоланнар, күүстэринэн «эһэтэ, оҕо эһэтэ» диэн ааттыыр идэлэммиттэрэ.

      Ира үлэтигэр тахсыбыта быданнаата. Ийэтэ оҕотун көрөрүн иһин өр олоро сатаабатаҕа. Харчы хамнаска кэлэрэ уустугурбут кэмнэрэ тыҥаабыттара. Ол да буоллар хамнас суотугар аһы-таҥаһы атастаһыы, билиҥҥилии быһаардахха, «бартер» диэн өйдөбүл киирбитэ. Онуоха-маныаха