Чинчийиибит сүрүн соруга – Биттики алааска В.Г. Короленко «Омоллон» диэн кэпсээнигэр суруйбут уонна Д.И. Дьячковскай-Сэһэн Боло «Үөр ампаара» диэн үһүйээнигэр ахтыбыт хаһаактара 1634 cыллаахха туппут остуруок-ампаардара ханан турбутун быһаарыы. Ол сорукпутун толордубут диэн санааҕа кэллибит. Биттикигэ Аарахтан киирэр кыбычыыҥҥа, суол кытыытыгар, били, руна суруктаах биһилэх булбут өтөхпүт оннун өссө төгүл сыныйан көрдүбүт. Бу сырыыга өтөх омоонун кырсын хаһан көрдөххө, сир аайы уот сиэн кытардыбыт буора, күл уонна чох балайда көстөллөр. Олор бу миэстэ умайбыт тутуу онно буоларын ырылыччы туоһулууллар.
Өр сыллаах көрдөөһүн кэмниэ кэнэҕэс дьоһуннаах булумньуну тосхойдо. Нуучча чулуу классик суруйааччыта В.Г. Короленко Биттики остуруок-ампаарын уруһуйа Саха судаарыстыбаннай художественнай музейын научнай үлэһитэ Зинаида Ивановна Филиппова көмөтүнэн көһүннэ. Остуруок-ампаары В.Г. Короленко соҕуруу өттүттэн уруһуйдаабыт. От иһин аана соҕуруу-илиҥҥи хайысха буолан көстөр. Миинэн кэлбит атын, бука, сарсыарда кэлэн күлүккэ, арҕаа диэки эркиҥҥэ, баайдаҕа. Остуруок-ампаар соҕуруу эркинэ күлүктэммитинэн тойонноотоххо, уруһуйун киэһэлик 6—7 саҕана бүтэрбит буолуохтаах. Ол курдук, бу уруһуйу В.Г. Короленко атын күлүккэ баайарын да умнан, күнү быһа уруһуйдаабыт курдук буолан тахсар.
Дьэ, маҥнайгы сылбытыгар ыыппыт чинчийиибит түмүктэрэ ити курдук буолла. Эһиилигэр бу чинчийиибитин салгыы ыытаары, дьоммор оттоһо таарыйа, Биттикигэ тахса сырыттым. Тоҕоос көстүбүччэ, ааспыт үйэ алта уонус сылларыгар Аржаков Петр Федорович көҕүлээһининэн туруоруллубут «Комсомол 15 сыла» аатынан холкуос пааматынньыга суруга көстүбэт буолбутун саҥардан, тимиртэн мемориальнай дуоска оҥорон сыһыардыбыт.
Быйыл алаас соҕуруу өттүгэр Өлөксөөндүр Булуҥун диэки кырдалга баар өтөхтөр омооннорун, били, 1642 сыллаахха болугурдар өрө турууларын хаһаахтар хам баттаан баран, балаҕаннарын уоттаабыт сирдэрэ буолуон сөп диэн сабаҕалаабыт, алтан иһит ууллан тооромос буолбутун булбут