Кэлин куоракка киирэн баран, А. Кривошапкин – Айыҥа [14] уонна Н. Антонов [5] кинигэлэриттэн рунаны хайдах ааҕалларын билсэн баран тойонноотоххо, биһилэх суруга – мэ, – һэрии диэн ааҕыллар курдук. Онон, бука, бу биһилэх болугурдар боотурдарын тойонун тамгата (бэлиэтэ) буолуон сөп курдук. Историяҕа биллэринэн, болугурдар уонна хатылылар өрө турууларын хам баттаан баран, Үөчэй баайы уонна Чоху Гуликанов диэн Омоллоон инитин Дьокуускай остуруогар киллэрэн, барыта 23 кинээһи ыйаан өлөрбүттэрэ биллэр. Онтон сиэттэрдэххэ, бу биһилэх ол Чоху Гуликанов биһилэҕэ эбит диэн сабаҕалыахха сөп. Биһилэх иитин аллараа өттө иһин диэки токуруйуулаах. Ол – биһилэҕи тарбахтан хара күүһүнэн хам тутан баран, сулбу тардан ылан бырахпыттар диэн санааны үөскэтэр. Хаһаактар Чоху Гуликановы тутан аҕалан баран, остуруок аттыгар чыынын-хаанын устуу сиэрин-туомун оҥорбуттар бадахтаах.
Кырдал түгэҕиттэн түөрт кырыылаах сыыйыы тимиринэн оҥоһуллубут луом көһүннэ. Сытар дириҥиттэн сабаҕалаатахха (сүүрбэччэ см), били тимир саахтарын кытта биир дириҥҥэ сытар. Тугуй бу, хантан кэлбит луомуй, нуучча хаһаактарын мас бөҕөргөтүүлэрин алдьатарга туттар тэриллэрэ дуу? Эбэтэр ааспыт үйэҕэ хайа эрэ холкуос тырахтарыыһа анаан-минээн буору хаһан кистээбит луома дуу?
«Саха сирэ» хаһыат 2009 сыл от ыйын 23 күнүнээҕи нүөмэригэр «Бичиктээх биһилэх уонна суруктаах холбуйа» диэн ыстатыйаҕа [2] Дьааҥыттан көстүбүт руна суруктаах үрүҥ көмүс биһилэх туһунан суруллубута. Бу биһилэх биһиги Биттикиттэн булбут руна суруктаах алтан биһилэхпитигэр олус майгынныыр буолан биэрдэ.
Биллэрин курдук, руна хаҥастан уҥа диэки ааҕыллар. Оччотугар маҥнайгы руна бу икки биһилэххэ биирдик суруллубут буолан тахсар. Бу руна А. Кривошапкин – Айыҥа ньыматынан аахтахха «мэ» диэн буолар. Биһиги булбут биһилэхпит иккис рунатын Айыҥа ньыматынан «һэрии» диэн ааҕыахха