Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ. Николай Аржаков. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Николай Аржаков
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3771-1
Скачать книгу
чинчийэ.

      Биттики таабырыннара

      Биттики диэн аат хантан кэлбитэй?

      Биттики диэн аат хантан кэлбитэ буолла уонна туох диэн өйдөбүллээх буолуой? Бу ыйытыыга ким да сөптөөх эппиэти биэрбэтэх эбит. Ол курдук, билиҥҥи саха кэпсэтэр тылыгар да, Э. Пекарскай тылдьытыгар да кэлин тахсыбыт «Саха тылын быһаарыылаах тылдьытыгар» да биир эмэ быһаарыы бэриллибэтэх.

      Дьэ, бу тыл суолтатын быһаарар сорукпун төрөөбүт дойдубут сирин-уотун, өрүстэрин, күөллэрин аатын үөрэтэр биллилээх топонимист М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэни кытта көрсүһүүттэн саҕалаатым. Михаил Спиридонович үйэ аҥаарын устата туруулаһан муспут баай картотекатыттан Биттики алаас Чурапчы оройуонун Хатылытыгар, Биттиги сайылык бу оройуон Сылаҥар, Биттики диэн күөл Нам оройуонун Модутугар, Биттигэ диэн эбэ Таатта Игидэйигэр бааллар диэн, ити сирдэр ааттара суруллубут карточкаларын ылан көрдөрдө. Ону таһынан Битти диэн сир Тааттаҕа баара киирэ сылдьар эбит. Михаил Спиридонович тыл олоҕо «битти» диэн буолуо диир. Ол эрээри Битти да, Биттики да туох өйдөбүллээхтэрэ карточкаларга ыйыллыбатах диэн быһаарар. Дьэ, хата, кини картотеката баар буолан, улахан эрэйэ суох, ханнык сирдэр баалларын биллэҕим ити. Багдарыын Сүлбэ үйэ аҥаара муспут баай матырыйаалын билиҥҥи үйэҕэ эппиэттиир информационнай база оҥорторон, Интэриниэт ситимигэр киллэртэрэрэ буоллар, дьоҥҥо-сэргэҕэ өссө улахан туһалаах буолуо эбит дии санаатым.

      Былыр сиргэ онно олоро сылдьыбыт киһи аатын биэрээччилэр. Оччотугар оннук ааттаах киһи олоро сылдьыбыт буолуохтааҕа. Биттики диэн ааттаах киһи Саха сирин норуоттарын номоҕор, олоҥхоҕо, архыыпка, былыргы биэрэпистэргэ, таҥара дьиэтин метрическэй кинигэлэригэр уонна да атын докумуоннарга суруллубутун көрө иликпин. Араас чинчийээччи, айанньыт бэлиэтээһиннэригэр эмиэ ахтыллыбатах. Арай бу тылга майгынныыр Бичиги диэн ааттаах Нам кинээһэ И. Галкин дьаһаах хомуйбут кинигэтигэр ахтыллар. Онон сылыктаатахха, Биттики диэн биһиги сайылыкпыт аата киһи аатыттан үөскээбэтэх, атын өйдөбүллээх тыл эбит.

      Саха тылыгар «биттики» диэҥҥэ биир чугас олохтоох «бит» диэн тыл буолар. Тыл олоҕор даҕааһын хоһуйар сыһыарыытын -тики, -тыки, -дыҥы диэни тутуннахха бит-тики, ат-такы, балай-дыҥы диэн тыллар үөскүүллэр. Аттакы уонна балайдыҥы диэн тыллар Гуманитарнай чинчийии института бэлэмнээбит «Сахалыы таба суруйуу тылдьытыгар» киирбиттэр. Бу тылдьыкка аттакы уонна балайдыҥы диэн тыллары сыһыарыытын тыл олоҕуттан араарбакка эрэ бүтүннүү аҕалбыттар. Ааспыт үйэ саҥатыгар «скопцы» диэн секта дьонун Саха сиригэр көскө аҕала сылдьыбыттара. Олору сахалар аттакылар дииллэрэ үһү. Кинилэр Чурапчыга, Дьокуускай аттыгар Мархаҕа, Маҕаҥҥа олоро сылдьыбыттара. Маннык сыһыарыылаах тыл атын тыллар олохторугар туттулуннаҕына өйдөнөр. Холобур, үөр-дүҥү, кыыс-тыҥы, уол-луҥу. Арааһа, маннык сыһыарыы саха тылыттан умнуллан эрэр, былыргы түүрдүү сыһыарыы быһыылаах. Оччотугар Биттики диэн тыл биттээх диэн өйдөбүллээх курдук. Биттээх диэн өйдөбүлү кытта ситимнээн, олоххо чахчы буолбут икки түбэлтэни кэпсиим.

      Маҥнайгы түбэлтэни аҕам Аржаков Николай Дмитриевич (Митээ Уола) кэпсээн турар. Аҕам оччолорго субан сүөһү бостууктара Попов Егор Сидорович (Уһун Дьөгүөр), Попов Егор Ильич (Дьөгүөр Ылдьыыс) буолан, Биттики сайылыкка саҥа титиик тута сылдьаллара. Дьиэҕэ киирэн күнүскүлэрин аһыы олорбуттар. Арай ол олордохторуна, дьиэ таһыгар